Федоров Николай Васильевич

А5атын на5араадатын тутта.

«Кыым» хаһыат редакциятыгар уруккуттан билэр журналиһым Степан Николаевич олус үөрбүт – көтө5үллүбүт көрүң нээх көтөн түһэн:

– Аҕам на5араадатын туттардылар, – диэбитинэн «Боевой Кыһыл Знамя» ордены кытта орденскай киниискэни миэхэ көрдөрөөрү уунна.

Аҕата 1945 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр наҕ араадаламмыт орденын бүгүн уола тута! Бу, кырдьык, үөрүүлээх да5аны, буойун өссө ити иннинэ кыргыһыы хонуутугар охтубута кутур5аннаах да5аны түгэн.

Ааспыт сэрии биир хорсун буойуна Николай Васильевич Фёдоров туһунан оруннаахтык быһааран кэпсээтэххэ маннык. Николай 1916 сыллаахха Бүлүү оройуонугар Баппа5аайы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини ойор күннээх оҕ о сааһа Арыылаах алааска оонньоон-көрүлээн күөх окко күөлэһийэн ааспыта. Хампа сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. Онтон колхозка үлэлээбитэ.

Ити сылларга бииргэ үөрэммит табаарыһа, журналист – буойун Н.А.Кондаков урут маннык ахтан суруйбуттаах:

«Николай туох да киириитэ – тахсыыта суох, көрсүө, намыын уол этэ. Сорох атын уолаттар кырдьык тиргиллибит, турбут-олорбут, кэлбит-барбыт буолбатаҕа. Хата, ол оннугар хайдах эрэ кыыстыы кыбыстыгас майгыннааҕа…

Кини  барыбытыттан   биир   чахчы   биллэ-көстө   ордуктаах   этэ… Элбэх оҕолоох ыалга олорон үөрэнэрэ. Николай олорор ыалыгар дьиэ үлэтигэр барытыгар көмөлөһөрө, оҕ о көрсөрө, дьиэ –уот  хомуйсара,  иһит,  таң ас сууйсара, иис иистэнэрэ. Оччотооҕу ыал барыта да сүөһүлээх, хотонноох буолаллара.   Николай   хотон   да   үлэтин   хомо5ойдук   толороро,   наада буоллаҕ ына, ына5ы да ыыра.»

Колхозка үлэлии сылдьан, ыаллыы нэһилиэгиттэн Горнай оройуонуттан, Маалтааны нэһилиэгиттэн Чемезова Мария Никифоровнаны кэргэн ылан, аал уоту оттубута, алаһа дьиэни оңостубута. Фашисткай Германия сэриинэн саба түспүтүн кэнниттэн аҕ ыйах хонон баран, от ыйын 1 күнүгэр,  уол о5оломмуттара, киниэхэ Степан диэн ааты биэрбиттэрэ.

Н.  В.   Фёдоров   ити   сыл   балаҕ ан   ыйыгар   Ийэ   дойду   көмүскэлигэр ың ырыллыбыта. Бүлүү эбэтин эоэһэ долгуннарын тиһэх төгүл көрбүтэ.

Уола – туйах хатарааччы, үрдүк үөрэхтээх журналист буолбут Степан Николаевич кэнники сылларга архивтартан булбут докумуоннара буойун бойобуой суолун, сорох өттө да  буоллар  кэрэһэлииллэр.  Докумуон кэпсииринэн, Николай Фёдоров бастакы бойобуой сүрэхтэниитин Сталинград куорат иһигэр кута уокка, сибиньиэс буулдьа ардаҕ ар ылбыта. Кини герой – куораты көмүскээһиңң э албан аатырбыт В.И.Чуйков 62-с Армиятын 33-с гвардейскай стрелковай дивизиятын кэккэтигэр сылдьан кыттыбыта, манна бааһырбыта, өстөөх улахан армиятын кыайыы, билиэн ылыы  өрөгөйүн, үөрүүтүн    билбитэ.    «Сталинград    оборонатын    иһин»     диэн     медалынан наҕараадаламмыта.

Сталинград кыргыһыытын   кэнниттэн   кини   дивизията   иккис гвардейскай армия састаабыгар киирсэн, Донбаһы босхолоһор. Крымң а тоҕ о көтөн киирэр. Крымы фашистартан ыраастыыр кыргыһыыларга   45 километрдаах пушка5а наводчик буолбут гвардия сержана Н.В.Фёдоров

«Хорсунун иһин» иедалынан наҕ араадаланар.

Ол на5араада5а түһэрэ докумуоңң а артиллерист Фёдоров таба сыаллааһынынан    фашист    икки    миномёта,    сэттэ    уонча     саллаата     суох оң оһуллубутун туһунан суруллар… Ити түмүгэр өстөөх икки сэрии сэбин тиэммит тэлиэгэни, биир автомашинаны хаалларан, тэйэн биэрбит.

Верховнай Кылаабынай Командование Крымы босхолообут чаастартан соро5олорун фронт линиятын кэккэлэһэ барар арыый а5ыйах сырыылаах суолунан Прибалтикаҕ а бырахпыта. Онон,  Н.В.Фёдоров  үһүс  Белорусскай фронт 43-с Армиятын састаабыгар киирсэн өстөөҕү бэйэтин арҕаҕар үлтү сынньыспыта.

Буойун-артиллерист тиһэх кыргыһыытын туһунан Оборона Министерствотын архивын докумуона маннык кэпсиир:

«Илиңң и Пруссия Кенигсберг куоратын 244-с кварталынааҕы уулуссаҕа сэриилэһиигэ 1945 сыл муус устар 9 күнэ үүнэр түүнүгэр өстөөх 70-ча автоматчиктара, бэйэтэ хаамар орудиенан хаххаланан, 6-с батарея позициятын соһуччу атаакалаатылар. Табаарыс Фёдоров бэйэтин  расчётунуун  өстөөҕ ү утары кыһыл илиитинэн кииристэ, инньэ гынан бу кыргыһыыга үс немеһи быһаҕынан кэйэн уонна икки немеһи ытан өлөртөөтө. бэйэтин хорсун туттунуутунан, эрдээх быһыытынан табаарыс Фёдоров, батарея дьонун хорсун, геройдуу быһыыта өрө күүрдэ, өстөөҕү олорчу урусхаллыыры хааччыйда. Бу кыргыһыыга өстөөх 40-ча саллаата уонна офицера өлөрүлүннэ.  Уонна  тус бэйэтэ соҕотоҕун 10 немец саллаатын, ол иһигэр 1 майору билиэн тута. Кенигсберг куораты штурмалааһыңң а табаарыс Фёдоров 16 немец саллаатын уонна офицерын өлөрдө.

өстөөх күүскэ бөҕ өргөммүт бөҕ өргөнүүтүн тоҕ у көтөр уонна Кенигсберг куораты штурмалыыр иһин кыргыһыыга көрдөрбүт хорсун быһыытын иһин, харса суоҕ ун уонна инициативатын иһин, табаарыс Фёдоров Кыһыл Знамя орденынан наҕ араадаланыан сөптөөх».

Коммунист – буойун Фёдоров бу тиһэх кыргыһыытыгар ыараханнык бааһыран өлбүтэ. Гросс мишен диэн дэриэбинэҕ э көмүллүбүтэ. Онон  бу орденын илиитигэр туппатаҕа.

Кини уола  С.Н.Фёдоров  билигин  4  о5олоох  мааны  ыал  а5ата, коммунист. Степан Николаевич о5олорбор, табылынна5ына, о5олорум о5олоругар да өйдөбүнньүк буоллун диэн, аҕ атын орденын кини уура сылдьарыгар туруорсубутун Советскай правительство ылыммыт. Ол түмүгэр уоттаах сэриигэ охтубут буойун үрдүк наҕ араадатын – Кыһыл Знамя ордены Якутскай куорат военкома кини уолугар Степан Николаевич Фёдоровка туттарбыт.

И.Иванов.

НАГРАДНОЙ ЛИСТ.

1Фамилия, имя, отчествоФёдоров Николай Васильевич
2ЗваниеГвардии сержант
3Должность, часть6 батарея 59 гвардейского артиллерийского полка 33 гвардейской стрелковой Севастопольской дивизии.
4Год рождения1916
5НациональностьЯкут
6ПартийностьЧлен ВКП(Б) с 1943 года
7Участие в гражданской войне, последующих                     боевых действиях по защите СССР и Отечественной войнеСталинградский фронт с 17.12.1942 г. по 19.02.1943   г,   Южный   с   19.02.1943   по 01.10.1943 г, 4 Украинский с 01.10.1943 г. по 17.07.44 г, 1 Прибалтийский  с  17.07.44 по 16.12.44г., 3 Белорусский с 16.12.44 по 16.02.45г., Землянская группа войск с 16.02.45г.
8Имеет ли ранения и контузии в войнеРанен 9 апреля в г.Кенигсберг
9С какого времени в Красной АрмииПризван 15 сентября 1941 года.
10Чем раньше награжденПо приказу «017-н от 21.05.44 г 88 стрелкового гвардейского полка награжден медалью «За отвагу»

1.        Краткое конкретное изложение личного боевого подвига или заслуг.

В  уличном  бою  в  районө   244   квартала  г   Кенигсберг  Вооточной Пруссии вночь на апреля 1945 гола. группа автонатчиков противника до 70 человек при поддержке артсамоходки внезапно атаковала огневые позиции 6-й батареи .Тов Федоров в составе личного рачета вступил в рукопашную схватку с противником . В этом бою нохом зарезал 3 немцев и убил из личного оружия 2 немцев. Своим самоотверженным действием и мужеством това. Федоров воодушевлял личный состав батареи на героически подвиги и обеспечил полный разгром противника. В этом бою противник потерял убитыми до 40 солдат и офицеров, личным составом батареи схвачен исправный артиллерийский самоход. 10 апреля 1945 года в бою за населённый пункт Гросс Хельтайн зап. 3 км г. Кенисберга Восточной Пруссии, тов.Фёдоров в составе роты разгромил группу немецких солдат и офицеров, засевших в камышах и лично захватил 10 немецких солдат, один из них был майором.

За период боёв по щтурму г. Кенисберга тов. Фёдоров  из  личного оружия убил 16 немецких солдат и офицеров.

За проявленную смелость и храбрость в боях при прорыве сильно укреплённой обороны противника и штурма г. Кенисберга тов. Федоров удостоен правительственной награды, ордена «Красное знамя» по приказу командира 59 гвар. АИ гвардии майором Налимовым. Удостоен правительственной награды – ордена «Красное знамя».

Командующий              артиллерией             33      Гвардейской             стрелковой Севастопольской дивизии  гвардии  подполковник                     п /п 20 апреля 1945 года.

Удостоен  правительственной  награды         ордена  «Красное  знамя».

Командир 33 гвардейской стрелковой Севастопольской дивизии, Герой Советского Союза, гвардии полковник: 21. 04. 1945 г.

п\п Новиков.

Удостоен правительственной награды – ордена «Красное знамя».

Командующий артиллерийской 13 гвардии СК гвардии полковник: п/п Петюшкин.

Удостоен правительственной награды – ордена «Красное знамя».

Командир 13 гвардейского стрелкового корпуса. Герой Советского Союза.гвардии генерал-лейтенант»: п/п Лопатин.

25 апреля 1945 года.

Копия верна.

Начальник архивохранилища: п/п Гуревич.

08.06.1963 года.

Добавить комментарий

Сайт сельского дома культуры села Илбенге Вилюйского улуса