Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105,
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн
түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллар
«Төрүттүүр төрүт түөлбэ» күөн-күрэһин
балаһыанньата
Буолар күнэ-дьыла: Бэс ыйын 16 күнэ.2022с.
Буолар сирэ: Ыһыах түһүлгэтэ
Тэрийээччилэр: “Алаһа” сынньалаҥ киинэ
Сыала-соруга:
• Төрүт саха дьоно биир бастыҥ аһылыга бурдук аһын астааһыны киэҥ эйгэҕэ таһаарыы;
• Бурдуктан ас арааһын астаан аҕалан көрдөрүү;
Күрэх усулуобуйата:
• Түөлбэлэр анаммыт беседкаларын сахалыы тыыннаан киэргэтэллэр;
• Бурдук аһылыгын араастаан буһаран(сахалыы лэппиэскэ, көбүөрдээх лэппиэскэ, алаадьы, баахыла уо.д.а.)презентациялаан көрдөрөн кэпсииллэр;
Күрэх ирдэбиллэрэ:
• Түөлбэ дьоно анаммыт беседкаларын композициялаах киэргэтии биһирэнэр;
• Түөлбэ дьоно төһө бурдук аһын араастаан оҥорон аҕалбыта көрүллэр;
• Минньигэһэ, уустуктук оҥорбута(буһарбыта) сыаналанар;
• Бурдук астарын хайдах оҥорбуттарын туһунан кылгастык кэпсииллэр;
Күрэх түмүгүнэн:
• I,II,III миэстэлэргэ грамоталар олохтоноллор;
• Дьүүллүүр сүбэ быһаарыыта бүтэһиктээх;
Сүрүннээччилэр:
Харлампева Вероника Владимировна 89644190794
Григорьева Туйара Кирилловна 89627358123