“Үс нэһилиэк бэтэрээннэрин ыһыаҕа Баппаҕаайыга”

Үгэс буолбут Баппаҕаайы, Лөкөчөөн, Маҥаны нэһилиэктэрин бэтэрээннэрин ыһыаҕа бэс ыйын 19 күнүгэр Илбэҥэ туонатыгар олус сэргэхтик ыытылынна. Ыаллыы сытар нэһилиэктэрбититтэн отуттан тахсалыы аҕам саастаах дьоннорбут ыһыахха тэринэн кэлбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Сахалыы таҥастаах үөрүү-көтүү аргыстаах аҕам саастаахтар сэлэлии хааман киирэн  түһүлгэни толордулар.

Ысыах ветеранов Илбенге Лекечен Орто-Сурт 2023

Бэтэрээннэрин илдьэ кэлбит баһылыктар, аҕам саастаахтар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ эҕэрдэлээтилэр үгэс буолбут тэрээһин өссө сылтан сыл аайы сайда-тупса турарыгар баҕа санааларын эттилэр.

 Минньигэс толору астаах түһүлгэлээн аһааһыҥҥа барыта сүүстэн тахса аҕам саастаахтар тото –хана аһаатылар.  Аһааһын кэмигэр  элбэх эҕэрдэ тыллар этилиннилэр, ырыа-тойук ылланна.

Кылтан, сиэлтэн, кырадаһын кыбытыктан сиэдэрэй симэҕим” күрэххэ бэлэмнэнэн кэлбит иис-уус абылаҥар ылларбыт Далбар Хотуттарбыт көхтөөхтүк кытыннылар.

“Ырыа ыллаары” баянынан ырыа күрэҕэр нэһилиэктэртэн биирдии дьахтар, биирдии эр киһи кытыннылар.

“Көрдөөх стартар” А.Е.Алексеев аатынан “Эрэл” спортсаалаҕа бэрт көхтөөхтүк ыытылынна.

Ыһыах киэһээҥҥи чааһа “Алаһа” СК буолла. Нэһилиэк бэтэрээннэрин икки ардыгар ыытыллар “Талаан түһүлгэтэ “  күөн күрэскэ ансамбылынан ырыа, үҥкүү, муода көрдөрдүлэр.

Уопсай түмүгүнэн 1 миэстэни ыллылар Лөкөчөөн нэһилиэгин бэтэрээннэрэ, 2 миэстэни Баппаҕаайы нэһилиэгин бэтэрээннэрэ, 3 миэстэ Маҥаны нэһилиэгин бэтэрээннэрэ ыллылар. Кэлэр сылга Маҥаны нэһилиэгэр ыһыахтыыбыт диэн оһуокайдаан үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Добавить комментарий