ИЛБЭҤЭ СУЛУСТААХ ИЙЭЛЭРЭ

Ийэбит – күннээх тэҥэ киһибит

Ийэбит – күн сирин кэрэтэ.

Ийэбит – күн сирин көрдөрбүт

Аан дойду – дьиэ кэргэнин тутулун төһүүтэ!

Күн сиригэр Ийэ баар буолан киһи аймах төрүүр-ууһуур, дойдуну тутар- сайыннарар.

Ийэттэн саҕаланар дьиэ кэргэн нус-хас олоҕо, дьиэ кэргэн олоҕуттан үөскүүр уопсастыба төрүт укулаата, дьон-аймах сайдар-чэчириир олоҕо.

Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгэ бүтүн Саха Республикатын үрдүнэн 13 Герой ийэлэрдээҕинэн аар саарга аатырар, суон сураҕырар. Уонтан тахсалыы оҕолоох Герой ийэлэрбит элбэх ыччаты тэнитэн, хас да көлүөнэ дьону олох устун эрэллээхтик хаамтара сылдьалларыттан, ама ким киэн туттубат буолуой!

Бу 13 Герой ийэлэрбититтэн 144 оҕо күн сирин көрөн, былыта суох дьоллоох оҕо сааһы билэн улаатан, үөрэхтэнэн үлэһит, ыал-күүс буолан республика араас муннуктарыгар олохсуйан, төрөөбүт Илбэҥэлэрин бар дьоҥҥо ааттаталлар. Онтон 13 Герой ийэлэрбит ити ыччаттарыттан 376 сиэн, 335 хос сиэн, 11 хос хос сиэн төрөөн-ууһаан, 866 киһиэхэ тиийэн, сирдээҕи олохпутун киэргэтэ сылдьаллар. Саха дьоно маны элбэх силистээх-мутуктаах, хойуу лабаалаах сириэдийэ үүнэн турар Аал – луук маска саамай сөпкө холууллар.

Бу ыччаттар ортолоругар талааннаах учуонайдар, элбэх үтүөкэннээх учууталлар, эмчиттэр, быраастар, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар инженердэр, тутааччылар, экономистар, араас бааннар үлэһиттэрэ, предпринимателлэр, республика Правительствотын аппаратын эппиэттээх үлэһиттэрэ уо.д.а.бааллар.

2018с. Герой ийэлэрбитин чиэстээн, ааттарын үйэтитэр сыаллаах Баппаҕаайы нэһилиэгин дьаһалтатын көмөтүнэн Ийэ скверин үөрүүлээх быһыыга-майгыга олоҕуран туруорбута.

Ийэ күнүгэр анаан Ийэ скверин үөрүүлээхтик арыйыыга нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, Герой ийэлэр, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн кыттыыны ылан, ахтан-санаан аастылар, үөрүүлэрин үллэһиннилэр.

Алексеева Елизавета Марковна 1973с. элбэх оҕону төрөтөн-иитэн, улаатыннарбытын иһин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан “Герой Ийэ” бочуоттаах аатын сүкпүтэ.12 оҕо Күн Күбэй Ийэтэ, 22 сиэн, 15 хос сиэн эбээтэ.

Васильева Любовь Гаврильевна 1979с. элбэх оҕону төрөтөн-иитэн, улаатыннарбытын иһин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан «Герой Ийэ” бочуоттаах аатын сүкпүтэ.12 оҕо Күн Күбэй Ийэтэ, 26 сиэн, 2 хос сиэн эбээтэ.

Васильева Прасковья Алексеевна 1976с. элбэх оҕону төрөтөн-иитэн, улаатыннарбытын иһин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан «Герой Ийэ” бочуоттаах аатын сүкпүтэ. 10 о5о Күн Күбэй Ийэтэ, 31 сиэн, 28 хос сиэн эбээтэ.

Иванова Мария Кирилловна 1979с. элбэх оҕону төрөтөн-иитэн, улаатыннарбытын иһин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан «Герой Ийэ” бочуоттаах аатын сүкпүтэ. 12 оҕо Күн Күбэй Ийэтэ, 40 сиэн, 45 хос сиэн эбээтэ.

Кириллина Христина Игнатьевна 1966с. элбэх оҕону төрөтөн-иитэн, улаатыннарбытын иһин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан «Герой Ийэ” бочуоттаах аатын сүкпүтэ. 11 оҕо Күн Күбэй Ийэтэ, 30 сиэн, 38 хос сиэн эбээтэ.

Николаева Евдокия Игнатьевна 1976с. элбэх оҕону төрөтөн-иитэн, улаатыннарбытын иһин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан «Герой Ийэ” бочуоттаах аатын сүкпүтэ. 11 оҕо Күн Күбэй Ийэтэ, 44 сиэн, 45 хос сиэн, 1 хос-хос сиэн эбээтэ.

Николаева Евдокия Николаевна 1976с. элбэх оҕону төрөтөн-иитэн, улаатыннарбытын иһин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан «Герой Ийэ” бочуоттаах аатын сүкпүтэ. 12 оҕо Күн Күбэй Ийэтэ, 30 сиэн, 24 хос сиэн эбээтэ.

Николаева Анна Капитоновна 1973с. элбэх оҕону төрөтөн-иитэн, улаатыннарбытын иһин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан «Герой Ийэ” бочуоттаах аатын сүкпүтэ. 12 оҕо Күн Күбэй Ийэтэ, 30 сиэн, 23 хос сиэн эбээтэ.

Николаева Федора Спиридоновна 1975с. элбэх оҕону төрөтөн-иитэн, улаатыннарбытын иһин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан «Герой Ийэ” бочуоттаах аатын сүкпүтэ. 10 оҕо Күн Күбэй Ийэтэ, 13 сиэн, 6 хос сиэн эбээтэ.

Никифорова Варвара Петровна 1973с. элбэх оҕону төрөтөн-иитэн, улаатыннарбытын иһин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан «Герой Ийэ” бочуоттаах аатын сүкпүтэ. 10 оҕо Күн Күбэй Ийэтэ, 28 сиэн,33 хос сиэн эбээтэ.

Федорова Екатерина Никитична 1976с. элбэх оҕону төрөтөн-иитэн, улаатыннарбытын иһин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан «Герой Ийэ” бочуоттаах аатын сүкпүтэ. 10 оҕо Күн Күбэй Ийэтэ, 23 сиэн, 16 хос сиэн эбээтэ.

Федорова Марфа Егоровна 1977с. элбэх оҕону төрөтөн-иитэн, улаатыннарбытын иһин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан «Герой Ийэ” бочуоттаах аатын сүкпүтэ. 11 оҕо Күн Күбэй Ийэтэ, 35 сиэн, 27 хос сиэн эбээтэ.

Федорова Мария Семеновна 1966с. элбэх оҕону төрөтөн-иитэн, улаатыннарбытын иһин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан «Герой Ийэ” бочуоттаах аатын сүкпүтэ. 12 оҕо Күн Күбэй Ийэтэ, 24 сиэн, 33 хос сиэн, 10 хос-хос сиэн эбээтэ.

Билигин нэһилиэккэ 5 Герой ийэ баар, Федорова Марфа Егоровна, Николаева Евдокия Николаевна, Николаева Федора Спиридоновна, Николаева Анна Капитоновна, Николаева Евдокия Игнатьевна.

Ийэ баар буолан — олох баар. Махтанабыт ийэлэрбитигэр — күн сирин көрдөрбүттэригэр. Убаастыыр Герой ийэлэрбитигэр бары үтүөнү, кытаанах доруобуйаны, дьоллоох уһун олоҕу баҕарабыт.

Добавить комментарий