Мин 1921 сыллаахха Бүлүү оройуонугар Баппаҕаайы нэһилиэгэр төрөөбүтүм. 1943-44сс. Сталин аатынан колхозка хону бригадирынан үлэлии сылдьан 1944с. бэс ыйыгар армияҕа ыҥырыллыбытым. Итиэннэ Монголия сиригэр 25-с кыһыл знамялаах механизированнай бригада 3-с ОМСБ I-гы ротатыгар автоматчигынан, онтон кэлин стрелогунан сулууспалаабытым. Сэрии ити кэминээҕи условиятын сөбүлээбэккэ ис ыарыытыгар хаптарбытым. 1945 сыллааҕы Японскай империалистары утары сэриигэ кыттан Дологор, Женя куораттары босхолоспутум. Пенган диэн кумах куйаары сэттэ суукка устата айаннаан туорааһын мин өйбүттэн хаһан да сүппэт. Ол курдук ыарахан уонна кытаанах поход этэ. Бу сэттэ суукка устата айаннаан биир хааппыла ууну айаххар ылбаккын, уу суох буолан. Ити үрдүнэн куйааһа диэн киһи тулуйбат дьаабыта. Бу сэриигэ активнай, боевой көрдөрүүм иһин атырдьах ыйын 23 күнүгэр 1945с. 372 №-дээх прикаһынан кылаабынай Верховнай командующай И.В.Сталинтан махтал ылбытым. Япония сэриитэ бүппүтүн кэннэ сокращенияҕа түбэһэн баран 754 №-дээх туспа батальонугар старшай телефониһынан службалыы сылдьан 1946 сыллаахха демобилизацияланан дойдубар кэлбитим. Дойдубар кэлэн колхозка 3 сыл устата фермаҕа бригадирынан, онтон бөдөҥсүйбүт Сталин аатынан колхозка 15 сыл устата бухгалтерынан. Ол иһигэр 8 сыл главнай бухгалтерынан үлэлээбитим. Итинтэн кэлин колхоз совхоз буолбутун кэннэ отделениеҕа бухгалтерынан үлэлээбитим. 1968 сылтан ыалдьан П группалаах инвалид буолан үлэтэ суох олоробун. Үлэлээбит сылларым тухары ханнык да сэмэни-буруйу ылбатаҕым, хас да төгүллээн грамоталарынан наҕараадаламмытым. «Японияны кыайыы иһин», «Германияны кыайыы 25 сыла» уонна «Кыайыы 25 сыла» юбилейнай медалларынан наҕараадаламмытым.
Сэрии кыттыылааҕа Акимов Яков Семенович
Тохсунньу 15 күнэ 1974 с., Илбэҥэ