Мин, Алексеев Егор Сидорович, 1925 сыллаахха тохсунньу ыйга Баппаҕаайы нэһилиэгэр Силээн диэн сиргэ Куобах баһа диэн өтөххө төрөөбүтүм. Төрөппүттэрим орто ыал ахсааныгар киирсэллэрэ. Аҕам тимир ууһа этэ. ардыгар бултуура. Сорох кыһыннарга бурдуктуу диэн ааттаан өрүскэ (Ленаҕа) киирэн уһанара. Бурдук тиэйэн таһааран онон аһаан иитиллэрбит. 8 оҕоттон саамай аҕалара мин. 1935 сыллаахха дьонум колхозка чилиэнинэн киирбиттэрэ. Аҕам бастакы колхозка правление чилиэнэ этэ. Итини таһынан склад сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Сэрии иннигэр Сталин аатынан колхозка стахановец бочуоттаах аатын сүкпүтэ.
Мин 1933-34 сс. үөрэх дьылыгар Баппаҕаайы начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. 1940-41сс. үөрэх дьылыттан ыла ити оскуола ситэтэ суох орто оскуолаҕа кубулуйбута. Манна сэттис кылааһы бүтэрэн баран 1941-44сс. үөрэх дьылыгар Бүлүүтээҕи Чернышевскай аатынан педучилищеҕа үөрэммитим. Бу училищены нуучча тылын суруйуутугар туттарыылаах бүтэрбитим. 1943сыл сайын армияҕа ыҥырыллыбытым. Уҥуохпунан кыра буолан ол сыл барбатаҕым.
1944 сыл от ыйын 17 күнүгэр дьэ барбытым. Элбэх этибит. Бэйэм нэһилиэкпиттэн Таскин Никифор Федорович бара. «Пропагандист» пароходунан Якутскайга дылы 4 хонон айаннаан тиийбиппит. Мин өссө аара айаннаан иһэн миигин Якутскайга комиссиялыылларыгар рапорт суруйбутум. Ону ылынан миигин Якутскайга хааларбыттара. Комиссияланан доруобай буолан атын дьону кытта (штрафной рота дьонун кытта) барыта 17 буолан «Москва» пароходунан Осетроваҕа барбыппыт. 8 хонук айаннаан Усть-Кут диэн сиргэ тиийбиппит. Итинтэн Заярскайга дылы 25 көстөөх сиргэ машинанан бардыбыт. Мин Якутскайга олохтоох шофер идэлээх Иванов диэн нуучча киһитин кытта доҕордоспутум. Ити уоллуун Заярскайга орудк таҥаспытын атыылаан кэбистибит. «К.Маркс» пароходунан Ангара устун айаннаан Уссолье-Сибирское диэн куоракка кэлэк тохтоотубут. Мантан биһигини байыаннай часка биир старшай сержант кэлэн илдьэттии барда. Тус-туспа чаастарга түбэспиппит, онон бары ыһыллан хаалбыппыт. 386-с запасной стрелковай полкаҕа 3-с ротаҕа биир дойдулаахпыныын Таскин Никифор Федоровичтыын түбэстибит. Мин ити ротаҕа пулеметчик дуоһунаһыгар сылдьыбытым. Сотору буолаат биһигини Иркутскай уобаласка «Новая путь», «Победа» колхозтарга бурдук уонна оҕуруот аһын хомууругар таһаартаабыттара. Манна оҕону, дьахтары уонна оҕонньоттору кытта үлэлээбиппит. Ити сыл ахсынньы ыйга комиссияны ааһан баран Мальта станцияҕа барбыппыт. Арааһа арҕаа фроҥҥа ыытаары гыннылар ээ диэн саныыр этибит. Онтон вагоҥҥа олордуталаан баран илин диэки илдьэ турбуттара. Чита уобалаһыгар 292-с стрелковай дивизия 892 стрелковай полкатыгар 5 ротаҕаавтоматчик быһыытынан сылдьыбытым. Биһиги полкабыт 828-с артиллерийскай полка турар гарнизонугар турбута. Биһигиттэн граница чугас бара. Онно иитиллибит миналар эстэр тыастара иһиллэрэ. Мин ити полкабар Николаев Николай Егорович баар эбит этэ. Биирдэ итиннэ Николаев Марк Гаврильевиһы көрсүбүтүм. Мин манна өр буолбатаҕым. Учебно-стребительнай противотанковой батареяҕа түбэһэн танканы утарар орудиелар командирдарын үөрэҕэр ылыллыбытым. Мин сүнньүнэн 45 мм противотанковой пушкаҕа үөрэммитим. Бу саамай кыра калибрдаах пушка, 4,5 км ырааҕы тэбэр, мүнүүтэҕэ 25-30 снаряды таһаарар, биир снаряда 10 кг кыайбат ыйааһыннаах. Мин манна заряжающай дуоһунаһыгар үөрэммитим. Бу пушканы атынан таттараллар. Ол иһин хас биирдии курсант биирдии аттаах этибит. Ону көрөрбүт-харайарбыт. Манна сылдьан
немецтэр хотторбуттарын, кыайыы буолбутун истибиппит. Ити күн занятие буолбатаҕа, митинг, салюттааһын, сынньаныы буолбута. Ити күн ас-үөл эбиллибитэ.
Сотору буоллат биһиги чааспытыгар арҕааттан саллааттар кэлитэлээн барбыттара. Үгүстэрэ түөстэрэ килэгир орден, медаль этэ. Забайкальскай байыаннай уокурук үрдүнэн байыаннай бириэмэ биллэриллибитэ. Кими да хана да ыыппат буолбуттара, аспыт тупсубута, байыаннай үөрэтии элбээбитэ. Японияны кытта сэрии буоларын туһунан кэпсииллэрэ, японецтар сэриилэрин тутулун кэпсииллэрэ. Биһиги танканы утары охсуһуохтаах буоларбыт быһыытынан буолуо танк макетын ытыалыырбыт. Түүн аайы тревога үксээбитэ. Ол эрээри сорохторбут Японияны утары сэрии буолуо диэбэт этилэр, итэҕэйбэт да этилэр.
Японецтар границаны кэһэн биһиги чаастарбытыгар өтөн киирэн сылдьыталыыр түбэлтэлэрэ өссө 1945 сыл са атыгар баар этэ. Би иги союзтаахтарбыт АХШ, Англия уонна Китай Японияны биир тыла суох бэрин диэбиттэрин аккаастаабыт. Ити туһунан биһиги взводпут командира полигоңңа учениеҕа сылдьан кэпсээбитин итэҕэйбиппит.
Атырдьах ыйын 8 күнүгэр сарсыарда 4 чаас саҕана тревога буолбута. Оччолорго биһигини барыбытын полка батольоннарыгар ылаттаабыттара. Мин 2-с батальоҥҥа взвод ПТО диэҥҥэ түбэспитим. Взводпут командирынан били полигоҥҥа японецтар союзтаахтарга бэриммэккэ аккаастаабыттарын туһунан кэпсээбит командир анаммыта. Урукку курдук тревогабыт отбоя суох буолбута. Онон серьезнай тревога буолбута биллибитэ. Машиналар колонналара иһэр тыастара ньиргийэрэ. Сээкэйбитин ылан походка барардыы бэлэмнэммиппит.
8 чаас саҕана полк командира кэлэн строй иннигэр «Орлы разобьем японцев?!» диэн эппитэ. Онуоха биһиги разобьем диэн хардарбыппыт. Онтон бары хомунан граница диэки барбыппыт. Урут учениеҕа сылдьыбыт сирбитигэр онон-манан эргийэн киэһэ кэлбиппит. Ону- манны тыаһаппаппыт туһунан сэрэппиттэрэ, бэйэбитин отунан-маһынан маскировкалаабыппыт. Киэһэ хараҥаҕа сопердар границаҕа баар хатыылаах проводтары бысталаабыттара уонна миналары ыраастаабыттара. Тохтуу түһэн биһиги ыраастаммыт сиринэн барбыппыт. Границаны туораан нейтральнай зонаҕа сынньаммыппыт. Итиннэ окуопа хастарбытыгар приказ биэрбиттэрэ. Ити биһиги тохтообут сирбититтэн Мангжурия куорат уота сандааран көстөрө.
Сарсыарда 4 чаас эргин буолуо ракета уота өрө уһууран тахсыбыта. Ити бэлиэ быһыытынан биһиги куораты артиллериянан ытыалаабытынан барбыппыт. Сотору буолан баран биһиги самолеттарбыт куораты буомбалаан барбыттара, куорат умайан барбыта. Японецтар мөлтөх уоту аспыттара, инники пехота киирбитэ. Биһиги батальоммутун куорат илин өттүнэн киирэргэ приказтаабыттара. Биһиги киирбиппит. Эмискэ снаряд кэлэн түһэн эстэн взводпут командира өлөн хаалбыта, хас да саллааттар араанньа буолбуттара. Иннибит диэки утум-ситим сыҕарыйан күнүс куораты ылбыппыт уонна куорат таһыгар тахсан сөпкө быыһыгар кыратык сынньана түспүппүт. Иннибит хоту барыах курдук гынан эрдэхпитинэ дзоттан японецтар уоту аспыттара табыллыы, араанньа буолуталаабыттара. Биһигини ол дзоту суох гынарга соруйбуттара. Ити икки ардыгар танковой бөлөх баар буолбута, кинилэр ытыалаан барбыттара. Дзот суох оҥоһуллубута. Ол дзот турбут сириттэн биир китаец илиитин өрө ууммутунан тахсан кэлбитэ, иккис
киһитэ нуучча этэ куоппута уонна биһигини гранатанан быраҕаары гынан эрдэҕинэ танкистар суох гыммыттара.
Итинтэн биһиги Чжалайнер диэн укрепленнай пууҥҥа барбыппыт. Манна Аргунь өрүһү туоруур тимир суол муостатын алдьаппыт этилэр. Оттон биһиги атын сиринэн оҥоһуллубут муостанан туораабыппыт. Бу укрепленнай оройуону инники чаастар босхолообут этилэр. Куорат умайа турара. Биһиги куорат кытыытыгар тохтообуппут. Биһиги куораттан үүт ыла икки буолан бара сылдьан чуут оһоллоно сыспыппыт. Биһиги кыратык ытыалаһа-ытыалаһа иннибит диэки испиппит.
Атырдьах ыйын 14 күнүгэр Хайлар диэн бөҕөргөтүллүбүт куоракка кэлбиппит. Бу куораты японецтар улаханнык бөҕөргөппүт этилэр. Биһигини үргүлдьү атаакаҕа киллэрэн иһэн төттөрү чугутан Бухеду диэн сиргэ ыыпыттара. Ол гынан баран Бухедыны инники чаастар босхолообут этилэр. Онон улахан утарсыылар тохтообуттара. Смертниктар диэн ааттанар бандалар бөлөхтөрө биһиги чаастарбытыгар тоһуйан уонна араас атын ньымаларынан сабыта түһэллэрэ.
Биһиги сэриилэспит сирбит наһаа бадарааннаах буолара, онон пушканы бэрт эрэйинэн таһаарарбыт, сорох сирдэргэ уу олох суох буолара, ол иһин араас куһаҕан өҥнөөх ууну иһэрбит, колодец уутун дьааттаммыт диэн иһэрпэт этилэр. Дьон элбэхтик ырара, дьүдэйэрэ уонна өлөллөрө.
Биһиги поеһынан Маньжугэ диэн ааттаах Марионеточнай государство киинигэр Чанчуҥҥа кэлбиппит. Биһиги дивизиябыт Аргунь, Хайлар, Чая. Онтон да атын өрүстэри туораталаабыта, аччыгый улахан Хинчан хайаларынан уута суох Бергинскай стебинэн куоракка тиийэн кэлбитэ. Мантан биһигини сорохпутун Советскай Союзка ыыппыттара. Сорохпутун манна комендатураҕа хаалларбыттара. Мин бастаан 3 №-дээх комендатураҕа службалаабытым. Харбин куоракка хаайыыга сыттаҕына биһиги чаастарбытынан босхоломмут Володя диэн нууччалыы үчүгэйдик билэр китаец переводчиктаах этибит. Биһиги сороҕор полевой харабылга турарбыт. Оччоҕо коменданскай чаас кэмигэр гражданскай дьону проверкалыырбыт. Гражданскай дьоннор бэйдиэ сылдьыа суохтаахтар. Мин биирдэ Пу-и диэн Маньжугэ Марионеточнай правительствотын ыраахтааҕытын дыбарыаһын манаабытым, өссө биирдэ комендатураҕа Японскай армияҕа сулууспалаабыт китай генералын харабыллаабытым. Кэлин 7 №-дээх комендатураҕа көһөрбүттэрэ.
1946 сыллаахха Чань-хай-ши эмээхсинэ кэлэн советскай военнай начальниктарга, воиннарга туттартаабыта. Онно биһиги аэропортка киирэн суолу манаабыппыт.
Бу бириэмэҕэ хунгузтар диэн ааттанар бандиттар советскай воиннарга сабыта түһэттииллэрэ. Биһиги биирдэ ол бандиттары саба баттыы бара сылдьыбыппыт. Китай 8-с армиятын боецтара түүн биһиэхэ киирэн сэрии сэбэ ылан тахсааччылар. Итинтэн сотору демобилизация буолбута. Ол түмүгэр 292 Хинганскай дивизия эһиллибитэ. Мин чааһым ыһыллан 16 армейскай запасной полкаҕа түбэспитим. Онтон 259 туспа пулеметнай артиллерийскай батальоңңа телефонист быһыытынан службалаабытым. 1948 сыллаахха кулун тутарга демобилизацияланан дойдубар кэлбитим.
Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Егор Сидорович Алексеев
Ахсынньы 7 күнэ 1974с., Илбэҥэ
Хайлар хайатын уҥуордаан.
-Ураа! Кыайыы! Фашист хотторбут!- арҕаа сэрии күүдэпчилэнэр сириттэн букатын ыраах, инньэ илин диэки Чита уобалаһыгар баар байыаннай чааска үөрүү- көтүү, сыллаһыы- уураһыы. Сонно тута үөрүүлээх митини тэрийбиттэр, салют ытан тигинэппиттэрэ. Ити дьоллоох күнү өрөбүл күнүнэн биллэрэннэр, түөрт сылы быһа тыҥаан турбут быһыыны- майгыны сымнаппыттара.
Байыаннай чааска сулууспалыыр саха уолаттара түмсэ охсоннор үөрүүлэрин үллэстибиттэрэ, түргэнник дьиэлэригэр тиийэ охсон, эйэлээх олоҕу тутуохтарын олуһун баҕарбыттара. Кырдьык даҕаны, фашист хоттордо, кыайыы буолла уонна кинилэри тоҕо манна тута сытыахтарай? Уһун кэм устата бинтиэпкэни, күрдьэҕи тута үөрэммит чэрдээх илиилэр эйэлээх олох туттар сэптэрин хотууру, сүгэни, атырдьаҕы тута охсуохтарын олус баҕарбыттара. Бу үөрбүт- көппүт, дьиэлэригэр бара охсуохтарын баҕаран өрүкүнэспит уолаттар ортолоругар Бүлүү Баппаҕаайытыттан сылдьар Егор Сидорович Алексеев баара. Кини саллаат сиэрэй синиэлин кэппитэ сылтан эрэ ордубут да буоллар, дьиэтигэр- уотугар, ийэтигэр- аҕатыгар тиийэ охсуон баҕарара буруй буолуо дуо? Кини билигин 45 мм пушка наводчига. Ол аата, сыалы таба ытыы барыта киниттэн тутулуктаах. Уөрэх кэмигэр Алексеев бэркэ ытыалаан, билигин үчүгэйдэр ахсааннарыгар сылдьар. Аны бу полкатыгар биир нэһилиэктэн сылдьар киһитэ Николай Егорович Николаев баар. Николай бүтүн биир сыл иннинэ манна кэлбит, түргэн сырыылаах связист аатыра сылдьар. Уолаттар сотору-сотору көрсүһэн дойдуларын, билэр дьоннорун ахтыһаллар. Бүлүү уолаттара ханна-ханна тиийэн кыргыһа сылдьалларын, ким тыыннаах хаалбытын, ким ханна охтубутун кэпсэтэллэр. Егору 1939- 1940 сыллардааҕы үөрэх дьылыгар VII кылааска үөрэппит Николай Алексеевич Кондаков, пулеметчик Николай Савич Степанов, снайпер Алексей Афанасьевич Миронов Бүлүү сириттэн тиийэн хорсуннук кыргыһан, Советскай Союз Геройун үрдүк аатыгар түһэриллибиттэрин кинилэр билбэт этилэр.
Уолаттар дойдулуур эрэ туһунан саныы сырыттахтарына атырдьах ыйын 8 күнүгэр бойобуой түрүбүөгэни биллэрбиттэрэ. Урут даҕаны маннык түрүбүөгэлэр буолааччылар эрээри, сотору соҕуһунан «отбой» биллэрэллэрэ. Эгэ билигин, Кыайыы буолбутун кэннэ уһатыахтара дуо, сотору «отбой» биллэрэллэр ини? Суох бу сырыыга оннук буолбата. Кыраныысса диэки тохтоло суох сатыы хаамыы саҕаланна. Пушкаларын аттар соһоллор. Кумах,истиэп устун хаам да хаам. Сотору сылайыы, быстыы буолла. Тохтобул кэмигэр рюкзактарыттан наадата суох маллары сүөкэттилэр. Ол оннугар ботуруону, гранатаны эбии биэрдилэр, милитаристскай Японияны утары сэрии биллэриллибитин эттилэр. Саллааттар уларыйа, бэйэ бодолорун тардына түстүлэр. Сэрии аата сэрии, буулдьа талбат. Оннук да буолбута. Бастакы ытыалаһыылара водокачка иһин саҕаламмыта. Уу суох истиэбэр ити саамай наадалаах объект этэ. Японецтар улахан калибрдаах икки пулемету туруорбуттар. Ол сэптэр ытыалаан батыгыраппыттарыгар взвод командира лейтенант Титов уонна орудие наводчига табыллан охтубуттара. Алексеевтаах пушкалара үс снаряды таһаарбыта, барылара таппыттара эрээри, куйаҕа халыҥ буолан, водокачка туох да буолбатаҕа .Ол кэмҥэ танкалар кэлэннэр ытыалаан силлиргэппиттэригэр, пулеметтар дьэ тохтообуттара. Ити курдук ытыалаһа- ытыалаһа, Хайларга тиийбиттэрэ. Алексеевтааҕы саамай кытаанах учаастакка бырахпыттара. Манна өстөөх бөҕөргөтүнүүтэ күүстээх, утарсыыта улахан этэ. Аны сүрдээх күүстээх ардахтар түһэннэр, илби сытыйыы бөҕө буолбута. Ону куурдуна сатыыр бокуой кэлииһи дуо, тохтоло суох инники диэки сыҕарыйыы. Бу кылгас эрээри, кырыктаах кыргыһыыларга элбэх киһи охтубута. Оннооҕор арђааттан ађалыллыбыт орден, медаль бөҕөлөөх, сэриилэһэргэ опыттаах саллааттар ордубатахтара. Алексеев наводчик бу кэмҥэ саамай инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Пушкатынан прямой наводкаҕа ытыалаһыыга тиийэ киирэ сылдьыбыта. Ол кэмҥэ Япония бэриммитин туһунан иһиллибитэ. Бойобуой дьайыылар тохтотуллубуттара. Сотору «Японияны кыайыы иһин «медалынан наҕараадаламмыттара. Алексеевтаах взводтарын командирыгар, отделение командирыгар уонна наводчик Егор Алексеевка
«Хорсунун иһин» медалы туттарбыттара. Егор Сидорович ол медалын аҕыйах күн кэтээхтээбитэ. Биир түүн медалын уоран ылбыттара.
Японияны кыайыынан аан дойду иккис сэриитэ түмүктэммитэ. Саллааттар эйэлээх олох тутуутугар ылсыбытынан барбыттара. Саллаат Алексеев Бурятия сиригэр тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр анаммыта. 1948 сыл муус устар 8 күнүгэр Егор Сидорович Алексеев кыайан- хотон, сэриини түмүктэһэн кырдьаҕас Бүлүү куоратыгар эргиллэн кэлбитэ.
Кини билигин сааһырда. Ол эрээри, быар куустунан олоруон баҕарбат. Сэрии толоонугар охтубут биир дойдулаахтарын үйэтитиигэ элбэх өрүттээх үлэни ыытар. «Ийэ дойду иһин» диэн кинигэни таһаартарда. Билигин ити хайысханан уонна Баппаҕаайы нэһилиэгэр олорор герой- ийэлэр тустарынан кинигэлэри бэлэмнээтэ.
Аан дойду иккис сэриитин түмүктэспит хорсун саллаакка уһун, дьоллоох олоҕу баҕарабыт.
А. Васильев