Перемышль биир геройа
Доҕордуулар күлсүү-үөрсүү бөҕө буолбуттара. Үтүөҕэ, кэрэҕэ дьулуһар эдэр дьон ол түүн алдьархай ааң ныа диэн хантан билиэхтэрэй. Сытан баран, үгэстэринэн, наар дьол, үөрүү, инники кэрэ кэскил туһунан кэпсэппиттэрэ. Онтон сылаас ууларыгар утуйбуттара. Эмискэ түрүбүөгэ буолбута. Кинилэр пограничнай комендатураларын аттыгар снаряд эстибитэ. Аҕыйах мүнүүтэ ааһарын кытта Перемышль куорат уот ортотугар буола түспүтэ. Фашисткай талабырдьыттар ити курдук биһиги Ийэ дойдубутугар сэрииннэн түөкүннүү саба түспүттэрэ. Ити бириэмэҕэ 99-с стрелковай дивизия ҕгҕс подразделениелара сайың ң ы үөрэнэр лааҕырдарыгар этилэр. Ол да буоллар, кинилэр өстөөх уоту аспытын истээт,бойобуой постарыгар баар буолбуттара. Ол быһылаан түгэңң э Миша Алексеев сапернай батальон штабын начальнига старшай лейтенант Петр Иванович Сманцеровы көрсүбүтэ.
– Сержант Алексеев… Мин эйиэхэ комсорг уонна замполит быһыытынан сэрии сэбин тиэйэргэр бирикээстиибин, диэбитэ кини. Комсорг Миша Алексеев салалтатынан буойуннар сэттэ тэлиэгэлээх атынан ИПД, ППМ тииптээх автоматтары уонна бэстилиэттэри, гранаталары өстөөх уот ардаҕын ортотунан бэйэлэрин чаастарын штабыгар Германовичи ойуурга этэңң э аҕалбыттара . онуоха комбат григорий Иванович Смуглай бэркэ астынан: «Улахан баһыыбаларың , табаарыс сержаннар»,- диэбитэ. Бэс ыйн 22 күнүгэр комсорг михаил алексеев бэйэтин 13 комсомолецтарын кытта комндованиеттан өссө саң а сорудаҕы ылбыттара. Кинилэр младшай лейтенант Вара салалтатынан мостицкай тимир суол муостатын дэлби тэптэриэхтээхтэрэ уонна өстөөх танкалара кимэн киириэхтээх хонуутун миналыахтаах этилэр. Төлөнөөх сүрэхтээх уон үс комсомолецтар илиилэригэр станковой пулеметтаах, автоматтаах ити бойобуой сорудаҕы толоро аттаммыттара. Кимэн киириэхтээх муостатын алдьаттарымаары, өстөөх бокуойа суох уоту аспыта. Ону ол диэбэккэ, лейтенант Вара, комсорг Алексеев бөлөҕө ити бойобуой операцияны ситиһиилээхтик толорбута. Онон өстөөх танканан кимэн киириитэ тохтотуллубута. Биһиги буойуннарбытыгар өстөөх саң а атаакатын көрсүүгэ бэлэмнэнэр кыах үөскээбитэ.
Михаил Алексеев сулууспалыыр сапернай ротатын дьоно үксэ коммунистар уонна комсомолецтар этилэр. Онон кинилэргэ саамай эппиэттээх бойобуой сорудахтар итэҕэйиллэллэрэ. Бэс ыйын 23 күнүгэр Алексеев ротатыгар капитан Смуглай саң а сорудаҕы биэрбитэ. Кинилэргэ Перемышль куоракка хаалбыт политруктар, командирдар кэргэттэрин, оҕолорун кутал суох сиригэр көһөрөргө бирикээстээбиттэрэ. Бу эппиэттээх сорудаҕы түлэй түүн ортотугар эмиэ бэрт сатабыллаахтык толорбуттара. Биһиги чаастарбыт ити кэнниттэн буолбут кимэн киириилэрин түмүгэр бэс ыйын 23 күнүгэр Перемышль куорат үрдүнэн советскай былаах өрөгөйдөөхтүк тэлимнээбитэ.
Босхоломмут куорат водопроводун, телефонун уонна госпиталларын чөлүгэр түһэриигэ 92-с уонна 99-с стрелковай дивизиялар байыастара холобура суох хорсуннук ылсыбыттара. Кинилэр ити кэнниттэн Сан өрүһү туоруурга бойобуой бэлэмнэниини саҕалаабыттара. Сэрии бастакы күннэринээҕи сапердар ити бойобуой операцияларын тустарынан элбэх фронтовой хаһыаттар суруйбуттара.
– Перемышлы штурмалааһын хабыр хапсыытыгар биһиги элбэх үтүө доҕотторбут олохторун толук уурбуттара, – диэн кэпсиир Михаил Андреевич. – Аң ардас биһиги батальоммутугар политрук Ланзузуивскай, рядовойдар Волошин, Бондаренко, мин биир дойдулааҕым Федот Черноградскай охсуһуу хонуутугар геройдуу охтубуттара. Фашистар да Сан өрүстээҕи кыргыһыыга сүтүктэрэ аҕыйаҕа суох этэ. Онон саң аттан-саң а күүһү үрүт-үөһэ симэн испиттэрэ. Бэс ыйын 22 күнүгэр Медыка бөһүөлэк аттыгар буолбут кыргыһыыга 99-с дивизия 206-с полката өстөөх биэс төгүллээх иирбиттии атаакатын төттөрү охсубута. Фашистар чаҕылҕанныы сэриилэрэ табыллыбат туруктааҕын итиннэ билбиттэрэ буолуохтаах.
Ол да буоллар, биһиги чааспыт, атын фроннарга үөскээбит ыарахан балаһыанньанан сибээстээн, Перемышль куораттан чугуйар бирикээһи ылбыта.
Биһиги 99-с стрелковай дивизиябыт бастакы бойобуой сүрэхтэниитэ итинник этэ. Бирикээс бэриллиэр диэри биһиги чааспыт өстөөх хабыр уотуттан хардыы да сири чугуйбатаҕа. Ол да иһин ССРС Верховнай Советын Президиумун 1941 сыл от ыйын 22 күнүнээҕи ыйааҕынан биһиги албан аатырбыт 99-с стрелковай дивизиябыт Бойобуой Кыһыл Знамя орденынан наҕараадаламмыта.
Михаил Андреевич Алексеев ити сэрии бастакы күннэринээҕи бойобуой сырыыларын туһунан «Перемышль геройдара» диэн кинигэтигэр Ю.Стрижков маннык суруйбуттаах. «Биһиги Ийэ дойдубут кыраныыссатын көмүскээһиңң э элбэх национальностар представителлэрэ кыттыбыттара. Перемышль иһин охсуһууга ураты хорсун быһыыны көрдөрбүттэрэ узбек Г.Алиев, мордвин Д.П.Рябов, украинец В.Т.Федорец, молдаванин И.А.Челак, армянин М.А. Модатьян, саха М.А.Алексеев, поляк И.Р.Завадскай, грузин Г.Л. Чикваидзе о.д.а.
Кэлин 99-с стрелковай дивизияҕа Кыһыл Знамя орденынан наҕараадаламмытын бэлиэтин, Перемышль оборонатын кыттыылаахтара ити күн Киевка мустубуттара. Ол үөрүүлээх көрсүһүүнү тэрийээччи генерал-майор П.С.Ильин этэ. Дивизия тыыннаах ордубут буойуннарын стройдарын иннинэн полковник Селимов артиллерийскай дивизия командира И.В. Перепелицаны уонна батальон комсора М.А.Алексеевы кытта албан аатырбыт 99-с дивизияларын знамятын киллэрбиттэрэ.
Е.Афанасьев
«Бэлэм буол» хаһыат №13 13.02.1975 с