Мин 1943 сыллаахха бэс ыйыгар Андреев аатынан колхозка үлэлии сылдьан Армияҕа ың ырыллыбытым. Бүлүү куоратыттан «Лермонтов пароходунан барбыппыт. Биир ый айаннаан Монголияҕа тиийбиппит. Онтон 43-с стрелковай 3- ротатыгар сыл аң ара үөрэммиппит. Манна миигин кытта билигин партия уобаластааҕы комитетын бастакы секретарынан үлэлиир Чиряев Гаврил Иосифович баара. Онно 1944с. кулун тутарга арҕааң ы фроңң а биһиги полкаттан 300 саллаат буолан барбыппыт. Мин сэрии сэбин тиэйээччинэн Украинаҕа үлэлээбитим. Манна мин сэрии бүтүөр диэри сылдьыбытым. Онтон 1945с. атырдьах ыйыгар Япония сэриитигэр кыттыбытым. Манна мин биир ый устата сатыы сэриигэ сылдьыһан кыайыыны Охотскай муораҕа түмүктээбитим. Улахан Хинчаны штурмалааһыңң а биһиги чааспыт күүстээх охсууну биэрэнылбыта. Манна миигин И.В.Сталин грамотатынан наҕараадалаабыттара. Сэрии кэнниттэн 1948сылга дылы сулууспалаабытым. Онтон «За победу над Германией», «За победу над Японией», «30-летие Военно-Морского флота», «25-летие победы в Великой Отечественной войне», «30-летие победы в Великой отечтчественной войне 1941-45гг.», «50-летие Вооруженных сил СССР», «30-летие победы над Германией» медалларынан наҕараадаламмытым. Гвардеец быһыытынан сулууспалаабытым.
Билигин «Орто-Бүлүү» совхоз Лөкөчөөннөөҕү отделениетыгар водовоз массыына шоферынанүлэлиибин. Өр сыллааҕы үчүгэй үлэбин сыаналаах правительство «Үлэ кыһыл Знамята» орденынан наҕараадалаабыта. Ахтыылаах Алексеев Степан Гаврильевич.