Алексеев Прокопий Алексеевич

Сахалар үчүгэйдик ытар үһүгүт онон эйигин снайпер үөрэҕэр ыытабыт диэтэ биир лейтенант. Нууччалыы билбэппиттэн уонна бары үөрэхтээх дьону кытта холбообуттарыттан кыбыһынным. Дойдум дьонуттан тылбаасчыттаахпын онон командир ыйытыытыгар хомоҕойдук эппиэтиибин.. сыалы да үчүгэйдик табабын. Арҕаа айанныыбыт. Түөрт төгүл илииттэн илиигэ тиксэ сылдьыбыт станцияҕа тиийэбит. Барыбытын постарга тарҕаттылар. Халлаан сырдыта ыһыы-хаһыы ньиргийдэ. Дивизия атааката саҕаланна, үрдэли саңа дабайан эрдэхпитинэ өстөөх үс пулеметун уота өлүү ардаҕынан көрүстэ. Үрдүбүтүнэн буулдьа ыйылас, сир ийэ дьирилии сыта. Мин биирдэ быыс булан тобуктаан олорон өстөөх биир пулеметчигын дэң нээтим, санам көтөҕүлүннэ кэнникинэн ыттаҕым аайы табар буоллум. Эмискэ ручной пулеметтаах бааһырбыт саллаат аттыбар баар буола түстэ: иэдэйээри гынныбыт, дьоммут аҕыйаата быһыылаах. «Мэ, бу пулеметунан көмүскэн, биир диискэ суумкабар баар, мин бааһырдым…» – диэтэ  пулеметчик.  Өссө икки гранатаны эбии биэрдэ. Немецтэр кимэн киирдилэр. Мин лапа чугаһатан баран биир диискэ бүтүөр дылы ытан куһуйдум. Өстөөхтөр кэннибиттэн, ойоҕоспуттан бокуойа суох ыталлар. Биһиги аҕыйахпыт ордон баран кыргыһыы хонуутуттан чугуйан таҕыстыбыт. Разведка сулууспалыы сылдьан кырыктаах кыргыһыы ортотунан Одер өрүскэ тиийэбит. Немецтэр өрүһү муостатын алдьатан баран, уң уоргу биэрэккэ бөҕң ргөтүммүттэр түүнү быһа уу куурун ракетанан сырдаталлар. Үс суукка устата бииртэн биир разведка өстөөх тыылыгар бара сатаата да биир да төннүбэтэ. Төрдүс  киэһэтигэр  биһиги приказ ылаат барардыы бэлэмнэммитинэн барабыт. Одер өрүс түллэң нэс долгунугар аргыый эрдинэн киирэбит. Өрүс үөһүн ааһан иһэн мин ууга баар буолан хаалабын, сатаан харбаабаппын, ол иһин устан эрэр оң очо бүүрүгүттэн тутуһан иһэн аттыбынан ааһан эрэр саллаакка хаһыытыыбын. Киһим аң ар илиитинэн тутан начаас уң уор баар буоллубут. Үс буолан намыһах биэрэгинэн дабайан бастакы траншеяҕа өстөөх пулеметун былдьыыбыт уонна өстөөхтөргө төттөрү уоту аһабыт. Ити бириэмэҕэ биһиэннэрэ кимэн киирдилэр.

«Октябрь суола» хаһыат 2 нүөмэрэ Ыам ыйын 9 күнэ 1965 с.

Саллаат мэлдьи саллаат

Өстөөх буомбаһыт самолеттара, хара суордуу халаахтаһан, үөһэнэн аргыый халҕаһалыы анньан аастылар. Кинилэр нүһэр тыастара сэрииттэн аймаммыт салгыны өссө эбии ынырыктык сатарыттылар. Самолеттар, өрүс үрдүгэр тиийээт, таң нары хойуоһуннулар уонна, сир  диэки  супту  сурулаан түһэн иһэн, өрө көтөн тахсыыларыгар сиргэ бүтэң и тыастар ньиргистилэр.

Хара дьайдаахтар өрүһү туоруур муостаны кэбилииллэр быһыылаах, – диэтэ итини барытын көрө сыппыт саллаат.

Сиэхситтэр, арааһа, ону… – диэн табаарыһын бигэргэттэ пулемет кэтэҕэр сытар модьу-таҕа көрүң нээх, хара сирэйдээх саллаат.

Бу сытааччы түөрт саллаат, бэйэлэрин роталарын кытта Дунай өрүһү туораат, өстөөх икки инники траншеяларын кэбэҕэстик ылбыттара. Онтон бу үһүс траншеяларын ылан сыталлар. Төрдүөн биир станковай пулеметунан үлэлииллэр.

Самолеттар, «сиэхпитин сиэтибит» диэххэ айылаах, буомбалыылларын тохтотон, төттөрү көтөн далластылар.

Бэлэмнэниң ! Фашистар атаакаҕа киирдилэр! – рота командирын чуор куолаһа сатарыыр. Немецтэр сотору, кыайбыт-хоппут курдук туттан, бу барыгылдьыһан чугаһаан кэллилэр. Окуопаларга сытар саллааттар команданы кытта тэңң э ыталларын кытта, өстөөхтөр хаптас гыннылар. Бэрт күүстээх ытыылар кэннилэриттэн кинилэр чугуйарга күһэлиннилэр.

Ботурунна аҕалың ! – диэн пулеметунан ыта сытар расчет командира хаһыытаата. – Ботуруоммут бүтэн эрэр. Билигин эмиэ киириэхтэрэ. Кытаатың кыалларынан түргэтээң !

Истэбин! – били түөрт саллааттан биирдэрэ траншеяттан тахсан, түргэн соҕустук сыыллан бара турда. Сотору соҕус фашистар миномет күүстээх уотун астылар. Траншеяны эмиэ хара күдэрик бүрүйдэ. Немецтэр эмиэ инники диэки ыган киирэн истилэр.

Хайа, ытыый! – пулемет аттыгар сытааччы саллаат ыксаабыт куолаһынан расчет командирыгар эттэ.

Кыратык тохтуу түс. Хата ботуруоммут аҕыйаата. Мин Саха сиригэр кыылы бултуур эрдэхпинэ, чугаһатан эрэ баран ытар буоларым. Фашист онтон туох атыннаах буоллаҕай. Чугастан бэргэнник ытыахха. Ону өйдөө, доҕоччуок,

– диэтэ пулеметун тутааҕын ыга тута сытар командир, саха уола Прокопий Алексеев. Кини өстөөхтөр төһө чугаһыылларын быһа холуйан ааҕа сыта. Биир… икки, үс. Өстөөххө өлүү уота эмиэ кутаалана түстэ. Инники испиттэр от курдук оҕуттулар. Орпуттар сытан эрэн, кэнникилэрин диэки куота сатаатылар да, үгүстэрэ саха уолун бэргэн ытыыларыттан сэрии хонуутугар «сытан» хаалбыттара…

Прокопий Алексеевич итини барытын бэҕэһээ  буолбутун курдук  өйдүүр. Бу кыргыһыыга кини икки табаарыһын кытта өстөөх өссө үс атаакатын төттөрү охсубуттар.

Хорсун сэрииһит, сэриини бүтэрээт, биир сыл Австрия кыраныыссатыгар сулууспалаан баран, 1946 сыллаахха төрөөбүт Бүлүүтүгэр Аҕа дойду сэриитин II степэннээх орденнаах уонна хас да бойобуой медаллардаах эргиллэн кэлбитэ. Билигин райпотребсоюз бырабылыанньатын председателин солбуйааччынан үлэлиир.

Прокопий Алексеевич тус бэйэтэ улахан булчут киһинэн  биллэр.  Кини 1964 сылтан ыла вертолетунан сыолдьан, оройуоңң а буулуур бөрөлөрү кыдыйар. Быйыл эмиэ «Мастаах» совхоз охотоведа Е.Н.Петрову кытта икки сыллааҕыта көрбүт бөрөлөрүн уйаларыгар, Үгүлээт үрэҕэр бара сырыттылар. Кинилэр ол уйаттан урут эмиэ хас да бөрөнү өлөрбүттээхтэр.

Бу сырыыбытыгар сүүрбэччэ хонук иһигэр барыта 18 бөрөнү өлөрдүбүт. Олортон тыһыта – тоҕустар.  Кинилэртэн  биирдиилэриттэн  өскөтүн  аҕыстыы оҕо төрөөтөҕүнэ, бу сүүнэ элбэх үөрдээх бөрө норуот хаһаайыстыбатыгар төһөлөөх алдьархайдаах ороскуоту оң оруох этэй. Кэнники сылларга бөрөлөрү кыдыйар туһугар оройуон салалтата улаханнык кыһанар. Хата ону миэстэтиттэн «бөрөбүт суох» диэн, аахайбат түбэлтэлэрэ тахсыталыыр, – диэн кэпсиир Прокопий Алексеевич.

Норуот муудараһыгар «саллаат мэлдьи саллаат» диэн бэргэнник этиллибит эбит. Мин бүгүн ити тыллары оройуоңң а биир ытыктанар киһиэхэ Прокопий Алексеевич Алексеевка аныыбын.

Г.Федотов

***

Бүлүү оройуонун Горнай оройуонун кытта быысаһар баай хара тыатыгар, күөх далай уутугар, барҕа баайдаах Баппаҕаайы нэһилиэгэр төлөһүйэн үөскээбит Прокопий Алексеевич Алексеевы кытта күөгэйэр күммүтүгэр, эдэр сааспытыгар Бүлүү оройуонун Мастаах сельпотугар үлэбит бастакы кэрдиис кэмин саҕалаабыппыт. Онтон тутуспутунан Орто Бүлүү сельпотугар, Бүлүү куоратын сельпотугар бииргэ үлэлээбиппит. Прокопий Алексеевич аналлаах эргиэни  салайар  үөрэҕэ  суох  эрээри,  бэйэтэ  өй  хаата киһи этэю ханна барда, ханна сырытта  да  нэһилиэнньэ  наадалаах  табаарын булан аҕалбыта баарбуолара.

Прокопий Алексеевич сэриигэ ылбыт баастара дьарҕаран ыалдьара. Дьарҕаларым көбөн ыалдьар буоллум диэн хаһан да суҥхарбата, арай биирдэ операциялана сылдьыбыта, этэҥҥэ ааспыта. Мэлдьи үлэлиирэ, табаар тыырса кэлэрэ-барара. 1980 с. атырдьах ыйн 26 к. кини хорсун сүрэҕэ тэппэт буолбута. Хоодуот сэрииһит, эргиэн туйгуна, доҕорум биһиги кэккэбитигэр суоҕа хомолтолооҕун, иһин, кини үтүөтэ- өҥөтө умнуллуо суоҕар баҕарабыт.

1971 с. сааһыгар үөрүүлээх мунньах буолбута, ааспыт пятилеткаҕа ситиһиилэрин иһин эргиэн чулуу үлэһиттэригэр правительственнай наҕарааданы туттарыы буолбута. Онно ССРС Үрдүкү Сэбиэтин президиумун ыйааҕар П.А.Алексеев аата баара. Саалаҕа дохсун ытыс таһыныытын ортотугар түөһүгэр Октябрьскай Революция орденын иилбиттэрэ.

Прокопий Алексеевич эргиэн үлэтигэр сүрүн анала соҕотуопка уонна тутуу этэ. Ол аата – государствоҕа элбэх эти, үүтү соҕотуопкалааһын, айылҕа быйаҥыттан бар дьоҥҥо тииһиннэрии. Биир тылынан эттэххэ, олохтоох

ресурсалары төһө кыалларынан элбэхтик туһаҕа таһаарыы,бу дьыалаҕа общественнай тэрилтэлэри, биирдиилээн хаһаайыстыбалары уоннадьону түмэ тардыы. Райпотребсоюз председателин соҕотуопкаҕа солбуйааччы итиниэхэ барытыгар элбэхтик түбүгүрбүтэ. Мууһу  аннынан  балыктааһыҥҥа биригээдэни тэрийэн дьону улаханнык абыраабыта. Сибиэһэй эмис собону Мирнэйгэ, Тиксиигэ атаарбыта. Ол атастаһыытыгар халбаһыыга, кыһан сиир балыкка тиийэ булан, Бүлүү олохтоохторуттан махтал бөҕөнү ылар буолара.

Прокопий Алексеев бэргэн ытааччытынан фроҥҥа эрэ биллибит киһи буолбатах. Бүлүү оройуонугар бөрө курдук адьырҕа кыылы вертолетунан бултааһыны тэрийбитэ. Маннык бултааһын элбэх ороскуоттаах. Ороскуотун аҕыйатыы сааһыттан тутулуктаах. Аҥардас биир сырыыга «Мастаах» совхозка 13, «Орто Бүлүү» совхозка 5 – барыта 18, ол иһигэр 10 тыһы бөрөнү бэргэн буулдьанан хаптаппытын билиҥҥэ диэри өйдүүбүн.

Үлэ уонна сэрии ветерана, кооперация туйгуна эдэрдэр наставниктара Прокопий Алексеев райпотресоюзка саҥа типовой маҕаһыыннары, ыскылааттары, остолобуойу, үлэһиттэр олорор дьиэлэрин туттарбытын туһунан олохтоохтор ахта-саныы сылдьаллар.

Илиҥҥи Европа государстволарын – Польшаны, Румынияны, Вергияны, Австрияны фашизм хараҥа күүстэриттэн босхолооһуҥҥа хорсуннук сэриилэспитин туһунан бэрт  элбэҕи ахтыахха  сөп этэ. Икки төгүл  бааһырбыта да, үтүөрэн истэҕин ахсын  саха  буойуна  өрүү  сэрии  үөһүгэр  баар  буолан иһэрэ. Кини Аҕа дойду сэриитин II степеннээх орденынан, хас да бойобуой медалларынан наҕараадаламмыта…

«Холбос» хорсун сэрии;иттэрин үтүө ааттарын кэнэҕэски ыччат мэлдьи саныы туруохтун диэн кэс тылбын бар дьоммор этэбин.

Илья Петров- Мастаах уола, Сэрии, үлэ ветерана.

Сайт сельского дома культуры села Илбенге Вилюйского улуса