Мин Антонов Афанасий Степанович Баппаҕаайы нэһилиэгэр 1922 сыллаахха дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. 1943 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллыбытым. Ити сайын элбэх сахалар буоламмыт Мальтаҕа байыаннай үөрэҕи ааспыппыт. 3 ый үөрэнэн баран күһүн алтынньыга арҕаа барбыппыт. Итиэннэ Кисловодскай куорат туһаайытыгар 386 стрелковай часка тиийбиппит. Миигин кытта Гаврильев Николай Николаевич, Новиков Егор Николаевич, Николаев Нифонт Николаевич Бүлүү куораттан Тарас Ксенофонтович Корякин, Дьөккөнтөн Николаев Николай, I Чочуттан Буслаев Петр, Мастаахтан Баргалыров Иван этилэр. Манны таһынан Үөһээ-Бүлүүттэн икки саха баар этилэр. Манна кэллэхпит бэһис күнүгэр сарсыарда 5 чаас саҕана биһиги артиллериябыт күүстээх уоту аспыта. 6 чаас саҕана атаакаҕа киирбиппит. Өстөөх биһиги сэриилэрбит кимиилэрин тулуйбакка атахха биллэрбитэ. Мин идэбинэн полка пулеметчига этим. Биһиги онно көрбүппүт Советскай Армия модун күүһүн, күдэҕин: модун, күүстээх танкалар, халҕаһа былыт курдук, аарыма самолеттар өстөөххө тоҕо ааңнаан киирбиттэрэ кыаҕын. Биһиги күн аайы өстөөҕү тилэх баттаһан Керченскэй биэрэккэ десантнай чаастарбыт туораабытынан барбыта. Сэтинньигэ биһиги сэриилэрбит бэрт элбэх атака кэнниттэн Керчь куорат сорох нэһилиэнньэлээх пууннарын босхолообута. Манна биһиги киһибит Гаврильев Николай Николаевич өлөрдүү араанньа буолан тахсыбыта. Өстөөх бу куоракка күүскэ бөҕөргөтүммүт этэ. Онон биһиги бэрт уһуннук турбуппут уонна сэриилэспиппит. Күн аайы кэриэтэ атака буолара. Хаста даҕаны өстөөх биһигини Крымтан таһаарар сыаллаах атаакалаан көрөттүүрэ да кыайбатаҕа. Манна 3 ыйы быһа өстөөҕү кытта хабараан охсуһуу буолбута. Онтон тохсунньу ый 17 күнүгэр өстөөх илиитигэр турбут крепость аҥаардаах портовай Керчь куораты штурмалаан ылбыппыт. Биһиги сэриилэрбит өстөөх техникатын уонна тыыннаах күүһүн суох оңорбуттара. Ол курдук хас эмэ румынскай армияны плен ылбыппыт. Төһө эмэ орудиены былдьаабыппыт. Онтон утум-ситим нэһилиэнньэлээх пууннары, ону тэңэ Феодосия, Ялта, Яссы куораттары босхолообуппут. Олунньу 12 күнүгэр Яссы куораты ылыыга пулеметунан ытыалаһа сыттахпына өстөөх гранаты быраҕан илиибэр араанньа буолбутум. Онтон Сочи куоракка госпитальга сыппытым. Феодосия куораты ылыыга өстөөх күүһүгэр пулеметунан күүстээх уоту аспытым. Хас да төгүллээх атааканы уотунан көрсүбүтүм уонна өстөөҕү имири сотторбутум иһин «За боевые заслуги» медалынан уонна хас да медалларынан наҕараадаламмытым. Ити курдук мин госпитальга сыттахпына өстөөхтөн муус устар 14 күнүгэр 1943с. Крым букатыннаахтык ыраастаммыта. Госпитальтан тахсан баран чааспар төннүннэрбэтэхтэрэ. Онон 125 стрелковай полк МВД чааһыгар Львов куоракка нестроевой часка сулууспалаабытым. Манна бэрт элбэх кутталлаах ыарахан сулууспаны ааспытым. Аунскай армия үлтүрүллүүтүгэр Карпатка нуучча норуотун уонна бэрт элбэх омуктар бандаҕа холбоһон армия тэриммиттэрэ урусхалламмыта. Манна ити баанданы кытта охсуһууга хаста да тэңэ суох хапсыһыыга киирсэ сылдьыбытым. 1945с. фашистскай армия бүтэһиктээхтик үлтүрүтүллэр кыайыытын үөрүүнэн көрсүбүтүм. Алта сыллаах армейскай службаттан эйэлээх олох фронугар 1949с. кыһын олунньуга эргиллибитим. Сахам сирэ, төрөөбүт-үөскээбит дойдум миигин үөрүүлээхтик көрсүбүтэ. Ити 1949 сылтан 1956 сылга диэри колхозпар хону бригадирынан үлэлээбитим. 1955 сылтан араас үлэҕэ сылдьыбытым.
Кэлэр кэскилбитигэр, кэнчээри ыччаттарбар кэс тыл: биһиги билигин үйэ чиэппэрин сэриитэ суох бэрт эйэлээхтик, дьоллоохтук олорон атааран эрэбит. Итинэн дуоһуйан хаалбакка сатаммат. Тас капиталистическай дойдулар тулалаан олороллорун тухары эһигиттэн эрэйиллэр. Өстөөх кыраттан сылтаан биһиги эйэлээх, дьоллоох олохпутун аймаары сорунан хаһан баҕарар саба түһүөн сөп. Эһиги эдэр көлүөнэлэр көмүскээбит бу олохпутун харах харатын курдук харыстыах тустааххыт. Өстөөх араас биистээн үспүйүөннэрэ, араас куорҕалааччылара биһиги дойдубутугар араастаан киириэхтэрин сөп. Өстөөх араас өрүттэн сымыйа пропагандатын утары кытаанах охсууну оңоруохха наада. Арыгылааһын, күлүгээннээһин, үлэни абааһы көрүү, сүрэҕэлдьээһин өстөөх улахан болҕомтотугар киирэр.
Эдэр ыччаттар аҕа көлүөнэ боевой уонна үлэҕэ албан ааттаах суолларын утумнааһыннара бу буолар өстөөххө улахан охсуу. Ийэ дойду көңүлүн уонна тутулуга суох буоларын туһугар геройдуу охсуһа сылдьан сэрии толоонугар охтубут биир дойдулаахтарбытыгар №йэ саас тухары өлбөт-сүппэт албан аат!
Муус устар 29 күнэ 1970 с. Арыылаах учаастага Баппаҕаайы нэһилиэгэ