Мин 1922 сыллаахха Кэбээйи оройуонугар төрөөбүтүм. 1942 сыл атырдьах ыйыгар Кыһыл армия кэккэтигэр ыңырыллыбытым.
Байкал күөл таһыгар бииргэ барбыт табаарыстарбыныын 11 буолан тимир суолу чөлүгэр түһэрэр туспа батальоңң а анаммытым. Ыйтан ордук кэм устатыгар тимир суолу ремоннуур дьыалаҕа үөрэммитим. 1943 сыллаахха тохсунньу 9 күнүгэр арҕаа фроңңа айанныыбын. Онтон кулун тутар 8 күнүгэр Воронежскай фроңң а тиийэн Чернонка диэн нэһилиэнньэлээх пуун таһыгар сэриигэ киирсибитим. Биирдэ түүн биһиги пехотаҕа тохтоон турар кыракый ойуурбутугар немецтэр десант түһэрбиттэрэ. Кини туту операциятын отделение командира Максимов салайбыта. Бойобуой приказ толоруллубута. Десант кыттыылаахтара бары туттуллубуттара. Биһиги кистэлэң суолу тутар этибит. Бу туспа аналлаах батальон этэ, манна дьахталлар баҕа өттүлэринэн кэлэн холбоһоллоро. Суол оң оһуута бүтэн эрдэҕинэ немецтэр билэннэр самолеттарынан пулемет сибиниэс ардаҕынан куппута. Манна 350 оҕо, дьахтар уонна 10 саллаат өлбүттэрэ. Ол гынан баран тимир суол алдьамматаҕа.
Бастаан тимир суол рельсатын алан, быһан салҕаталлара. Ити наһаа бытаан этэ. Кэлин рельсэни балтанан үс төгүл охсон тоһутарга үөрэммиппит. Ыксала-тиэтэлэ бэрдиттэн рельсэни көтүтэ-көтүтэ уурарбыт. Поезд ааста да онтукабытын ситэри оң орон иһэрбит. Сороҕор уот буурҕа ортотугар хаалаллара, сороҕор өстөөх тыылыгар хаалар кутал эмиэ суоһуура. Сотору буолан баран биһиги батольоммут 1 Украинскай фроңң а быраҕыллыбыта. Польшаны ааһабыт. Бу кэмөэ мин хаң ас кулгааҕым үрдүнэн араанньа буолабын. Инньэ гынан Берлин куорат 15 көс хаалтын кэннэ төннөбүн. Биһиги 200 этибит. Онтон 14 эрэ буолан тыыннаах ордубуппут. Ол оннук кытаанах кыргыс буолбута.
1945 сыллаахха муус устарга биһиги чааспыт илин кэлэр. Манна Японияны утары сэриигэ уһулуччу суолтаны ылар тимир суолу оөорбуппут. Ити кэнниттэн биһиги батальоммут Донбасс-Москва тимир суолун оң орсор. 1948 сыллаахха төрөөбүт үөскээбит алааспар эргиллэбин.
Мин икки сэриигэ сылдьан Улуу кыайыыны уһансыыга үтүөлэрбин учуоттаан «20 лет Советской армии», «50 лет Вооруженных сил», «20 лет Великой победы» медалларынан уонна элбэх махтал суруктарынан, Бочуотунай грамотанан наҕараадалаабыттара. Маны таһынан тимир суол тутуутугар бригадиирдаабытым иһин удостоверение биэрбиттэрэ. Билигин мин Орто- Бүлүү совхоз Баппаҕаайытааҕы отделениетыгар сылгы иитиитигэр үлэлиибин.