Мин 1924 сыллаахха Баппаҕаайы нэһилиэгэр, Бүлүү оройуонугар төрөөбүтүм. 1938 сыллаахха Баппаҕаайы сэттэ кылаастаах оскуолатын алтыс кылааһын бүтэрбитим. Оччолорго төрөппүттэрим кыаммат буоланнар салгыы үөрэммэтэҕим. Ити кэнниттэн улахан дьону суруйарга, ааҕарга үөрэппитим. Мин Ворошилов аатынан колхозка производственник быһыытынан үлэлээбитим. 1942 сыллаахха колхоз бухгалтерын Петров Сергей Егоровиһы армияҕа ың ыран ылбыттара. Ол кэнниттэн оччолоро бухгалтердыыр киһи соччо суох этэ, ол иһин буолуо миигин оттуу сырыттахпына тутан аҕалан колхозка суоччуттаа диэн олордон кээспиттэрэ. Ол онно эмиэ туһугар эриирдээх үлэни көрсүбүтүм. Онтон икки сыл үлэлээбитим кэннэ 1944 сыллаахха бэс ыйыгар сэриигэ ың ыран ылбыттара. Ити сайын от ыйыгар Монголияҕа Рход-зыр-хид диэн сиргэ кыһыл знамялаах 25-с механизированнай бригадаҕа 1-й батальон бронебойщиктарын ротатыгар сулууспаҕа түбэспитим. Манна сахалар элбэх этибит. Олор истэригэр Акимов Яков Семенович, Федоров Иван Захарович – пулеметчик билигин Бүлүүгэ заготовка инспекторынан үлэлиир, Гольдеров Федор Данилович – Үөһээ-Бүлүү, Никифоров Николай Евсеевич – Мэң э- Хаң алас, уо.д.а. бааллара.
Биһиги чааспыт илин границаҕа Японскай империалистар бычыахтыылларын кэтииргэ сыаллаах турбута. Монголия сирэ биһиги дойдубутуттан улахан уратылардаах этэ. Биир маһа суох тараҕай таас хайалардаах степь сир. Онон сайынын өң үрүк куйааһынан киһини тулуппат, кыһынын хаардаах киһини быһа охсор сыты тыалынан аатырара. Манна биһиги 1945 сылга дылы үксүн харабылга турбуппут. Ити сыл атырдьах ыйын 9 күнүгэр Китай баттаммыт норуотун Японскай империалистарыттан босхолуур иһин уонна биһиги илиңң и границабыт тыытыллыбат буоларын туһугар сэриигэ мин кыттыыны ылбытым. Биһиги сэриибит чаастара Жэхэ диэн Китай провинициятын биир бөдөң киин куоратын босхолообута. Ити куораттан 17 тыһ. кэриң э ахсааннаах Японскай саллааттары уонна офицердары плен ылбыппыт, ити иһигэр үс генералы. Китай сиригэр кыстаан баран ол сааһыгар 1946 сыл кулун тутарга бэйэбит сирбитигэр Порзу диэн станцияҕа сайылаан күһүн төрөөбүт дойдубар эргиллэн кэлбитим. Итиэннэ 1953 сылга дылы бухгалтерынан үлэлээбитим. 1953 сылтан 1966 сылларга дылы Якутскайга тыа хаһаайыстыбатын салайар кадрдарын бэлэмниир оскуолаҕа үөрэммитим уонна дойдубар бөдөң сүйбүт «Октябрь» колхозка 1963 сылга дылы солбуйар председателинэн үлэлээбитим. Онтон доруобуйам мөлтөөн эмкэ сылдьыбытым. Онтон эмиэ колхозпар кэлэн зоотехник да буолан көрбүтүм, экономист да буолан көрбүтүм. 1967 сылтан колхозпут совхоз буолбутун кэннэ Арыылаах бригадатыгар бригадирынан ананан үлэлээбитим.
Мин үөһээ этэн аһарбытым курдук биһиги чааспыт от ыйыгар Юходзыр-Хидтан көһөн Монголия Китайы кытта границатыгар Мащок-хид туһаайыытынан көспүтэ. Мин Юходзыр-хиттэн соҕуруу 2 көстөөх сиргэ шахтаны харабыллаан туран баран кэлин дьоммун сиппитим. Дьоммор баран иһэн биһиги урут олорбут Юхерзыр-хид диэн сирбит илин өттүгэр баар хайалар быыстарыгар хаһан ди киһи көрбөтөх, ааҕан сиппэт элбэх ахсааннаах, араас маркалаах арҕаа Европа государстволарын байыаннай массыыналара уонна сэрии техникалара отунан-маһынан хаххаланан-кистэнэн тураллара. Манна харах ыларын тухары хону куйаар үрдэ биир кэм үлэң нии турар уонунан тыһыынчанан ааҕыллар саллааттар баар буолбут этилэр. Итини көрөн мин биһиги Армиябыт модун күүһүн-уоҕун сөхпүтүм.
***
Ахтыы
Мин 1929 с. 15/III- Баппаҕаайы нэһилиэгэр дьадаҥы ыалтан төрөөбүтүм. Былыргы тыа ыалын үлэтин кыра сааспыттан үлэлээбитим. Ас, таҥас сэрии да иннигэр кырыымчык этэ. Сэрии саҕана Военнай налог арааһа ыанньыксыт үүтүн арыылатан ылаллара, сүөбүтүн тыыннааҕынан илдьэ бараллара. Кураан дьыл буолта, толооҥҥо, ходуһаҕа аһыыка түспүтэ, сир аһа үүммэтэҕэ. Ити ыарахан дьылы ыран-дьүдьэйэн үлэҕэ баттатан сылы туораабыппыт (оту-маһы кэбийэн, ууну-хаары утахтанан). Саас күөлбүт уолан, балыга өлөн кытыыга тахсыбытын сиир этибит, аһылыкпыт суох буолан. Онтон 1945 с. дьоммун кытта колхозка үлэлэспитим, аҕам үөрэтэн туллуктаан, кус оҕолоон, куобахтаан, куппааскылаан, саанан ытар буолан испитим. Фермаҕа үүт учетчигынан, борооскуларга уу баһан, от тиэйээччигэ көмөлөһөөччүннэн үлэлии сылдьан саас дьоҥҥо кыттыһан куйуурдаһан, аһылык син көстөр буолта. Убайым сэриитэн кэлбитэ дьонум субай сүөһүнү аһаталлара. Мин фермаҕа асчытынан үлэҕэ киирбитим. (1947 сылтан 1950 с. диэри). 1950 сылтан с/совет секретарынан, маҕаһыыҥҥа продовеһынан, үлэлээбитим. 1960 сылтан ясли-садка Сестра воспитательницаннан 1960 сылтан 1980 сылга диэри үлэлээбитим. Салгыы бу тэрилтэбэр пенсияҕа тахсан баран 1985 сылга диэри завхоһунан үлэлээбитим. Yлэлиирим саҕана тэрилтэҕэ ыытыллар араас мероприяларга активнайдык кыттарым, комсомольскай тэрилтэҕэ секретардаабытым, профсоюз председателинан өр сылларга үлэлээбитим. Ясли–садка Ветеран труда, ударник коммунистическай труда-значок, за доблесный труд, Ленин төрөөбүтэ 100 сыла юбилейнай медалларынан наҕараадаламмытым, 3 оҕолоохпун, 7 синнээхпин, 3 хос сиэннээхпин. Yлэ, тыыл ветерана II группалаах инвалид, Ветеран огдообото. Сэрии үлэ ветерана Федоров Петр Спиридонович 1924 с. Баппаҕаайы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Баппаҕаайыга саҥа үөрэх саҕаланыытыгар үөрэнэн 5-с кылааһы бүтэрбитэ.
Дьонун кыра араас үлэҕэ кыратыттан көмөлөһөрө. Онтон үөрэҕэ суохтары үөрэппитэ Арыылаах учааскатыгар ыалы кэрийэ сылдьан (Ликвез)- диэн. Ворошилов аатынан колхозка счетоводунан, бригадир суруксутунан ревизком членинэн үлэлээбитэ. Якутскайдааҕы салайар кадрдар үөрэхтэрин бүтэрэн, колхоз араас салайар үлэтигэр үлэлээбитэ. Япония сэриитин кыттыылааҕа. Билиитин-көрүүтүн, нэһилиэк, колхоз олоҕо тупсарын туһугар, үлэлээбитэ. Кэргэнэ, оҕото суох этэ.
Yлэҕэ килбиэнин иһин уонна да атын медаллардаах. 1988 сыл ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта.
Балта Томская Евдокия Спиридоновна