1941-45 сылларга Аҕа дойду сэриитигэр кыттыы туһунан.
Мин 1942 сыллаахха Бүлүүттэн педучилище II курсун бүтэрээт Советскай Армия кэккэтигэр мобилизацияламмытым. Училищеттан 5 этибит. Бүлүү түөрт оройуоннарыттан 1500 кэриңэ буолан биһиэнэ иккис ыҥырык ааттанара. «Социалистическай Якутия» пароходунан Якутскайга тиийбиппит. Аара баран иһэн биир хомолтолоох түбэлтэ буолбута. Биһиги табаарыспыт училище III курсун бүтэрбит Сунтаар уола Тимофеев Тимофей муҥура тэстэн өлбүтэ. Ону биэрэккэ таһааран кумахха көмпүппүт. Якутскайтан Осетровоҕа дылы эмиэ пароходунан барбыппыт. Лена баһыттан Иркутскайга дылы Заярск массыынана айаннаабыппыт. Үксүбүт национальнай таҥаһынан, этэрбэһинэн сылдьар этибит. Ол да буоллар олус көрдөөхтүк, санааны түһэрбэккэ Ийэ дойду көмүскэлигэр достойнадык айаннаабыппыт. Бары эдэр дьоннор үөрэхтээхтэр, күүстээхтэр, быһыйдар да бааллара. Хана тохтуур сирбитигэр киэң хонууну бүтүннүү толорон сахалыы оһуохайы тардан кээһэрбит. Сунтаар, Үөһээ-Бүлүү уолаттара түүнү быһа олус бэркэ этэллэрэ. Иркутскайтан тимир суолунан Челябинскай уобалас Чебаркуль диэн станциятыгар кэлбиппит. Онно үөрэҕинэн көрөн араас чаастарга араарбыттара. Биһиги Бүлүүттэн 5 буолан артиллерияҕа түбэспиппит. Ити Чебаркульга Уральскай байыаннай уокурук сүрүн чаастара турбуттара. Онно биһигини артиллерийскай учебнай дивизиоҥҥа 5 ыйга младшай команднай састаабы бэлэмнээһиҥҥэ сэрэппиттэрэ. Араас советскай омуктар бааллара. Сахалар да элбэх этибит. Үөрэнии бириэмэтигэр биһиги соһуйан уутун, условиетын тулуйбакка олус эрэйдэммиппит. Сотору үөрэнии бүтэн фроҥҥа барарга дьулуспутум. 1943 сыл саҕаланыытыгар дьэ дьиҥнээх сэриигэ барбыппыт. Биһиги дьолго тутуспутунан түбэспиппит. Артиллеристарбыт гынан баран биир подразделениеҕа сылдьыбыппыт гынан баран идэбит туһунан. Жирков Александр Григорьевич – старшай сержант, старшай вычислитель. Бубякин Егор Петрович – сержант, взвод команлирын көмөлөһөөччүтэ. Иванов Пуд Иннокентьевич – сержант, огневой взвод отделениетын командира. Петров Дмитрий Гаврильевич – сержант, старшай радиотелеграфист. Харлампьев Афанасий Гаврильевич – сержант, старшай разведчик-наблюдатель, разведчиктар отделениеларын командира. 1071-43с. Сталинград анныгар Кочач диэн тимир суол тупига баар. Онно аан бастаан сэриигэ сүрэхтэннибит. Онно баран истэхпитинэ биир кыра станцияҕа немец штурмовиктара уонна истребитэллэрэ «моссершмитд» буомбалаан, пулеметунан ытыалаан чуут тыыннаах хаалбыппыт. Элбэх киһи өлбүтэ, бааһырбыта. Дьэ бастаан сэриигэ киирэр хайдах эрэ кырдьыга дьулаан
этэ. Тиийээт тыас-уус, дэлби ыстаныы, ытыалаһыы, өлбүт дьон, бааһырбыт бөҕө киһини дьулатара. Онтон фронт условиятыгар бодоруһан политруктар, командирдар үчүгэйдик хамаандалыыр буоланнар уонна бэйэбит сэриилэһэр иэспитин өйдөөн, син үөрэнэн хаалбыппыт. Биһиги сулууспалаабыт чааспыт 3-с украинскай фроҥҥа маннык ааттанара: Кыһыл знамя орденнаах Запоржскай 9-с артиллерийскай дивизия 127-с Венскэй артиллерийскай полката. Мин бастаан старшай разведчик-наблюдатель этим, онтон разведка отделениетын командирынан анаабыттара. Биһиги артиллериябыт 152 мм пушка-чаубица, онно ыраах сиртэн с закрытой позиции өстөөх сыалларын ытыалыыры наблюдайдаан корректировкалыыр этибит. ПНП
– передовой наблюдательнай пункт иһигэр биһигини кытта командир взвода управление баар буолара. Чинчийэр прибордарбыт: стереотрезка, перископ, бинокль. Автоматы, плащ, противогаз, веизмашок уонна ити бары прибордарбытын илдьэ сылдьабыт. 1944 сыллаахха фашистары Ийэ дойдуттан үүрүүгэ Украинаҕа, Молдавияҕа сэриилэспиппит. Биһиги дивизиябыт 1943 сыллаахха алтынньыга Запорожье куораты босхолооһуҥҥа хорсуннук охсуспута. Ол иһин Верховнай командующай Сталин прикаһынан биһиги дивизиябытыгар Запорожскай аат иҥэриллибитэ, уонна махтал бэриллибитэ. Мин ити бириэмэтээҕи кыргыһыылартан биирдэстэригэр Запорожье анныгар Вамловка диэн дэриэбинэҕэ разведкаҕа сылдьан хаңас илиибэр снаряд оскуолкатыттан бааһырбытым. Чааспыттан мунуом диэн госпитальга барбакка санбакка эмтэммитим. 1944 сыллаахха Советскай территория босхоломмутун кэннэ Румынияҕа, Венгрияҕа, Австрияҕа сэриилэспитим. Ордук улахан кыргыһыылар Венгрияҕа буолбуттара. Холобура ылыыга
2 төгүл Сталин махталын ылбыта, биир ый устата Будапешт куорат утарыласпыта. Онтон 1945 с. Австрия столицатын Вена куораты ылыыга биһиги полкабыт активнайдык сэриилэспитэ. Ол иһин Верховнай кылаабынай командующай прикаһынан биһиги полкабытыгар Венскэй аат иҥэриллибитэ. Барыта мин сулууспалаабыт чааспар И.В.Сталин 11 махтала бэриллибитэ. Наҕараадаларым: «За отвагу», «За боевые залсуги», «За победу над Германией», «За взятие Будапешта», «За освобождение Болгарии», «За взятии Вены». Ити «За отвагу» диэн медалы Запорожьеҕа өстөөх танкаларын прямой наводканан ытыалааһыҥҥа ылбытым. 1943с. Украинаҕа Изюм куоракка комсомолга киирбитим. 1945с. сэрии бүппүтүн кэннэ 1946 сылга дылы 30-с артиллерийскай бригадаҕа штабка суруксутунан, делопроизводителинэн сулууспалаабытым. Биһиги чааспыт биир сыл устата Болгарияҕа Пловдив куоракка турбута. 1946с. саас дойдубар демобилизацияланан кэлбитим. Бииргэ сылдьыбыт биэс Бүлүүтээҕи табаарыстарым бары төннөн кэлбиттэрэ, билигин араас сиргэ үлэлии сылдьаллар.
Атырдьах ыйын 2 күнэ 1974с.
Илбэҥэ бөһүөлэгэ
Бырааттыы курдук санаһаллара
Бүлүү Баппаҕаайытыгар үөскээбит Афанасий Харлампьев алта ый устата артиллерийскай дивизиоңңа младшай командир буоларга үөрэммитэ. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрээт, сэриигэ ыыталларыгар көрдөспүтэ – ону ылыммыттара. Сэриигэ киириэн иннинэ комсомол чиэстээх аатын үрдүктүк тутуом, төрөөбүт Ийэ дойдубун тыыным баарын тухары хорсуннук көмүскүөм диэн андаҕайбыта. Кини маннык кэпсиир:
– Сталинград аттыгар Дон өрүс ыксатыгар тимир суол бүтэр уһугар 1943 сыл тохсунньу 10 күнүгэр сэриигэ аан маҥнай сүрэхтэммитим. Улахан кыргыһыы этэ. Билигин санаатахха дьулаан дьыала: дэлби ыстаныы, тоҕута тэбии, буулдьа, снаряд, мина ыйылааһыннара, өлбүт, сиирэ-халты таптарбыт дьон. Ол да буоллар сотору үөрэнэн барбыппыт. Разведка отделениетын командира этим, сержант званиелааҕым. 18 километр ыраахтан биһиги 152 миллиметрдээх гаубицаларбыт ыталларын кэтээн көрөрүм уонна телефонунан көннөрүүлэри биэрэрим. Афанасий Харлампьев долгуйбутун саллаатарыгар биллэрбэккэ кыһанара. Сэрии саҕаланыаҕыттан өлөрсүүгэ-өһөрсүүгэ киирсибит опыттаах саллааттар командирдарын чинчийэрдии көрүтэлииллэрэ. Ол эрээри сержант Харлампьев долгуйбута-уолуйбута көстүбэт этэ. ити байыастар санааларын өрө көтөҕөрө.
1943 сыл күһүнүгэр Запорожье – дойду биир бөдөҥ промышленнай киинин заводун турбалара «биһигини босхолуу охсуҥ!» диирдии ыраахтан адаарыһан көстөллөрө.
Күргүөмнээх артиллерийскай ытыы саҕаламмыта. Сир-дойду биир кэм ньиргийэ олороро, катюшалар уоттара күлүмнүүрэ. Афанасий Харлампьев отделениета пехотаны кытта бииргэ куорат таһынааҕы биир дириэбинэҕэ кимэн киирбиттэрэ. Өстөөх пулемет, автомат уотунан көрүстэ. Буулдьа бу булан сиэххэ айылаах ып-ыйылас, снарядтар дэлбэритэ бараллар. Биһиги байыастарбыт охтоллор. Ол да буоллар онон-манан хаххаланан, дьиэттэн дьиэ хаххатыгар ыстанан өстөөх траншеятын былдьаабыттара. Куотан эрэр өстөөхтөрү эккирэппиттэрэ. Фашистар бөҕөргөммүт Васильевка диэн улахан дэриэбинэни ылбыттара, үргүлдьү хаан тохтуулаах хапсыһыы кэнниттэн Запорожье босхоломмута. Манна Харлампьев отделениета хорсуннук кыргыспыта. Икки киһилэрин сырдык тыыннара быстыбыта, үстэрэ бааһырбыта. Харлампьев бэйэтэ илиитигэр бааһырбыта, санбакка эмтэнэн сотору үтүөрэн чааһыгар төннүбүтэ.
Харлампьев сулууспалаабыт 9-с артиллерийскай дивизионугар бу кыргыһыыга уһулуччу хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин «Запорожскай» диэн аат иҥэриллибитэ уонна махтал биллэриллибитэ.
Афанасий Харлампьев Украина, Молдавия, Днепр, Соҕуруу Буг эңэрдэригэр сэриилэспитэ. Румыния, Болгария, Венгрия территорияларын босхолуур иһин кыргыһыыларга кыттыбыта. Кинилэр полкаларыгар Верховнай Главнокомандующай бирикээһинэн «Венскэй» диэн аат иҥэриллибитэ.
Кыргыс хонуутугар араас омуктар сарын-сарыннарыттан өйөһөн, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөн кыайыыны уһансаллара. Акимов уонна Вася нууччалар, Малыев татар, Унзубаев узбек, Часымов казах. Кинилэри кытта Афанасий ыкса доҕордоспута.
Дойдутуттан 5 буолан үөрэнэр дивизиоҥҥа, онтон фроҥҥа бииргэ сылдьыбыттара: Бубякин Егор Петрович, Жирков Александр Георгиевич, Иванов Пуд Иннокентьевич, Петров Дмитрий Гаврильевич уонна кини. Үчүгэйэ диэн баар, бэһиэн дойдуларыгар тыыннаах эргиллэн кэлбиттэрэ, тутуспутунан кыргыһыы толоонугар сылдьан ордубут буоланнар олус да убаастаһаллара, ытыктаһаллара, бырааттыы курдук санаһаллара. Кинилэртэн Иванов П.И. 1982с. Үөһээ Бүлүүгэ өлбүтэ. Кинини тиһэх суолугар атааралларыгар: «Ийэ дойдугун көмүскэспит үтүөҕүн хаһан да умнуохпут суоҕа, кэлэр көлүөнэ ыччаттарга кэпсэл оҥостуохпут», – диэн кэс тыллары эппиттэрэ.
Афанасий Гаврильевич төрөөбүт дойдутугар, ахтылҕаннаах Баппаҕаайытыгар, алаһа дьиэтигэр Берлиҥҥэ Рейхстах үрдүнэн Кыайыы знамята күөрэччи анньыллан тэлибирээбитин кэннэ кэлбитэ. Үөрэнэн иһэн хаалларбыт педучилищетыгар кэтэхтэн үөрэнэн, учууталлаабыта. Баппаҕаайыга үс сыл начальнай оскуолаҕа сэбиэдиссэйдээбитэ, саҥа оскуола дьиэтин сүүрэн-көтөн туттарбыта. Онтон кэнники орто оскуолаҕа директорынан, завуһунан үлэлээбитэ.
Кини общественнай үлэҕэ туох баар дьоҕурун уонна сатабылын биэрэн туран үлэлээбитэ. 1946 сылтан биир да сылы көтүппэккэ пропагандистыыр. «Знание» общество биир активнай чилиэнин быһыытынан лекция ааҕар, бэсиэдэлэри оҥорор. Народнай суут сэтээтэлинэн, табаарыстыы суут председателинэн уонна чилиэнинэн үтүө суобастаахтык үлэлээтэ. Нэһилиэк Советын депутатынан хас эмэ төгүл быыбардаммыта уонна норуот итэҕэлин чиэстээхтик толорбута. Оскуолатыгар партийнай тэрилтэ секретара. Учууталлар методическай холбоһуктарын ситиһиилээхтик салайар. Билигин опыттаах кырдьаҕас учуутал, урукку хорсун буойун төһө да сынньалаҥҥа олордор, үлэ- хамнас үллэр үөһүгэр үөрэ-көтө сылдьар.
Афанасий Гаврильевич уонна Екатерина Никитична уон оҕолоохтор, иллээх улахан дьиэ кэргэни нэһилиэнньэ барыта ытыктыыр. Түөрт оҕолоро үрдүк уонна аналлаах орто үөрэҕи бүтэрэн үлэлии сылдьаллар. Билигин 2 оҕо үрдүк үөрэххэ, 3 оҕо орто оскуолаҕа, саамай кыралара Афоня 3 кылааска – бары үчүгэйдик үөрэнэллэр.
Афанасий Гаврильевич кэтит түөһүн «Бочуот Знага» орден уонна 12 медаллар күлүмүрдүү киэргэтэллэр. Маны таһынан, кини ССПК Саха сиринээҕи обкомун, Саха АССР Министрдэрин Советын уонна республика үгүс министерстволарын, общественнай тэрилтэлэрин элбэх ахсааннаах Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.
– Биһиги илиибитигэр саа-саадах тутан сэриилэспит кырдьаҕас буойуттар эйэ туругурарын туһугар куоласпытын холбуубут, анны хаһан даҕаны сэрии этиҥэ сааллыбатыгар баҕарабыт. Билиҥҥи көлүөнэыччат толору дьоллоох, эйэлээх олоҕу өссө тупсарыаҕа, – диир ветеран Афанасий Гаврильевич Харлампьев.
И.Петров Аҕа дойду Улуу сэриитин ветерана