Мин 1942 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбытым. Иркутскай уобаласка тиийэн үлэҕэ сылдьыбытым. Онтон кэлин Конделек станцияҕа кирпииччэ заводугар үлэлээбитим. 1942с. сэтинньигэ Минскэй куорат таһыгар байыаннай часка ити кыһыны быһа үөрэммиппит. Онно миигин кытта Харлампьев Гаврил, Никифоров Николай Васильевич диэн сахалар сылдьыспыттара. 1944с. ыам ыйыгар сэриигэ киирбиппит. Ол маннык этэ. Биһиги Петровск куоракка мустубуппут, манна кыратык үөрэммиппит, онтон сатыы фронт туһаайыытынан нэдиэлэ кэриҥэ айаннаабыппыт. Биир кыракый өрүс үрдүгэр тохтоон киэһэ буолуор диэри сынньамыппыт. Өрүс нөҥүө өттүгэр өстөөхтөр бааллар этэ. онтон киэһэ 10 чаас саҕана өрүһү туоратан өрүс уҥуор таһаардылар уонна мырааны дабайбакка аллараа өрүс кытыытыгар сыттыбыт. Түүн 2 чаас саҕана мырааны дабаттылар, манна станция баар эбит, ол станциябыт умайа турара. Биһиги Мырааны дабайаат ытыаласпытынан бардыбыт. Биһиги саба сырсан киирдибит, немецтэр куоппуттара. Дьэ ити курдук мин бастакы сүрэхтэниим итинник этэ. сарсыныгар 3 чаас саҕана немец танкалара кэлбиттэрэ. Биһиги ротабытыгар БТР минометтаах этибит. Ол снаряды мин сүгэрим. Уолум биир снаряды ылан иитээт танканы ытарын кытта атыттара төттөрү ыстаммыттара уонна кэлин эргиллибэтэхтэрэ. Ити киэһэ биһиги атын дэриэбинэҕэ баран онно тохтообуппут, хонорбут туһунан дьаһайдылар. Миигин минометчик уолум ыыппата: «Манна билигин немецкэй танкалар кэлиэхтэрэ, онон эн барсыбаккын», – диэн кэбистэ. Инньэ гынан дьоммут бардылар, биһиги атын рота саллааттарын кытта хоннубут. Сарсыныгар тиийбиппит били биһиги ротабыт саллааттара дэриэбинэҕэ тиийэн хоно сыттахтарына түүн немецтэр төгүрүйбүттэр уонна барыларын плен тутан илдьэ барбыттар. Ити курдук мин биир суол кутталтан быыһаммытым. Онтон Николаевск диэн куоракка тиийэн оборонаҕа сыттыбыт. Немецтэр эмиэ тэскилээн биэрдилэр. Манна биһиги күһүңңэ диэри сытан сынньана баран атырдьах ыйын ортотуттан сэриигэ киирбиппит. Манна мин аан бастаан бааһырбытым. Госпитальга сытан эмтэнэн баран граница таһыгар Бухарест куоракка тиийбитим. Миигин төттөрү байыаннай чааска үөрэххэ ыыппыттара. Онтон 59-с стрелковай гвардейскай полкаҕа түбэсптитим. Ити чааспын кытта Болгариянан, Венгриянан тиийбиппит. Сити күн сэриигэ киирбиппит. Элбэх сэлиэнньэлэри ылаттаабыппыт. Ити курдук мин алта төгүл киириибэр уҥа атахпар, илиибэр уонна тииспэр араанньа буолбутум. Госпитальга киирбитим. Онон Берлиҥҥэ тиийбэтэҕим. Госпиталга кыһын устата сытан баран дойдубар төннүбүтүм. «Слава» орденынан уонна хас да медалларынан наҕараадаламмытым. Сорох медалларбын уонна гвардейскай значоктарбын аара кэлэн иһэн уордаран ылларбытым. Манан мин кылгас ахтыым бүтэр. Сороҕун ылларбытым.