Мин Бүлүү оройуонугар Баппааҕаайы нэһилиэгэр «Үс Көлүйэ» диэн үрэх баһа сиргэ төрөөбүтүм. Баппаҕаайы сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитим. Манна 4 кылааһы бүтэрэн баран, дойдубуттан барбытым. Оччолорго мин араспаанньам Николаев диэн этэ. Онтон 1936 сыллаахтан Иванов диэн буолтум. 1938-1939 сс. Якутскайга байыаннай оскуолаҕа үөрэммитим. Онтон ити оскуоланы 1942 сыллаахха младшай командир званиятын ылан баран сэриигэ барбытым. 1943 сыллаахха тохсунньу ый бүтүүтэ Соҕуруулуу-арҕааңң ы фроңң а I танковай корпус 9-с бригада танко-десантнай батальонугар бастаан отделение командирынан, онтон взвод командирынан сулууспалаабытым. Украинаҕа Харьковскай уобаласка хас да куораты, бэрт элбэх нэһилиэнньэлээх пууннары босхолоспутум. Ол курдук Валуна, Кубанскай, Изюм уонна Харьковы босхолоһон, хотугу Донец өрүһү туораан эмиэ бэрт элбэх нэһилиэнньэлээх пууннары босхолоһон Кременчук чугаһыгар от ыйыгар 1943 сыллаахха ыараханнык араанньа буолан госпитальга киирбитим. Аң аар атаҕа суох буолбутум. Ол иһин 1944 сыллаахха атырдьах ыйыгар Якутскай куоракка эргиллэн кэлбитим. Онон сэрии суостаах ыарахан сылларыгар сылдьыһан алдьархайы, өлүүнү-сүтүүнү илэ харахпынан көрөн бэйэм Ийэ дойдум иһин иэспин төлөһөн тыыннаах эргиллибитим.
Аҕа дойду сэриитин II степеннээх орденынан, «За боевые заслуги», «За победу над Германией», «30 лет Советской армии», «25-летие Великой Победы» медалларынан наҕараадаламмытым.
Билигин Нам оройуонугар райпотребобщество систематыгар үлэлиибин.
Олунньу ый 5 күнэ 1968с.