Миигин армияҕа 1944 сыллаахха ың ырбыттара. Аан маң най Мальта куоракка 67-с запасной полкаҕа сылдьан полковой оскуолаҕа үөрэммитим. Онно үөрэнэ сылдьан ыалдьан больницаҕа сытан тахсыбытым. Больницаттан тахсыбытым кэннэ 855- стрелковай полкаҕа көһөрбүттэрэ. Итиннэ мин станковой пулеметчигынан сылдьыбытым. Манна сылдьан мин икки төгүл Монголияттан арҕаа байыаннай аттары тириэрдиигэ сылдьыбытым.
1945 сыллаахха 31298 байыаннай часка эмиэ пулеметчигынан көһөрүллүбүтүм. Бу чаастан Японияны утары сэриигэ барбаппыт. Манна мин Лина Уданчен уонна Чибен куораттары босхолооһуңң а сылдьыспытым. Большой уонна малай Хинган хайаларын саамай ыарахан суолларын хаһыталаабыппыт. Бу хайаттан түһэр ханнык эрэ кыракый өрүс бара. Ол өрүһү туоруур муостаны оң оро сырыттахпытына буомбалаабыттара. Мин төбөбөр баас ылан госпитальга киирбитим. Госпитальтан тахсан 31276 нүөмэрдээх байыаннай часка түбэспитим. Ити байыаннай чаас Гифин куоракка турбута. Ити куораттан биһигини Владивостокка илдьибиттэрэ. Онно сулууспалаабыппыт кэннэ анны Сахалин арыыга көһөрбүттэрэ. Манна балтараа сыл сулууспалаан баран атын морской пехотаҕа көһөрүллүбүтүм. Ити советскай габаңң а этэ. Манна мин 15112 нүөмэрдээх байыаннай часка сылдьыбытым. Эмиэ пулеметчигынан сылдьыбытым.
1950 сыллаахха демобилизацияланан дойдубар төннүбүтүм. Наҕараадаларым диэн «30 лет Советской армии», «За победу над Японией» медаллардаахпын.
Сэтинньи 20 күнэ 1974 с.
***
1925 сыл ахсынньы 11 күнүгэр Элүөхүмэ оройуонугар Хоро нэһилиэгэр Тириилээх диэн сиргэ төрөөбүтэ. 1937 с. Хоро начальнай оскуолатын бүтэрбитэ. Орто уң уохтаах, хатың ыр киһи сис туттан хаамар идэлээх, нуучча гармошкатыгар олус үчүгэйдик оонньуур.
1944 с. бэс ыйыгар Кыһыл Армияђ а ы:ырыллыбыта. Бастаан 67 запасной стрелковай полкађ а сулууспалаабыта. Станковай пулеметчик быһыытынан, Японияны утары сэриигэ Забайкальскай фронт 278 стрелковай дивизия 59 стрелковай полкатыгар сылдьыбыта. Станковай пулемет маң найгы нүөмэрдээх наводчигынан сылдьыбыта. Кэлин 31298, 31276 №-дээх стрелковай чаастарга пулеметчигынан, кэлин 1947 сылтан 15112 №-дээх войсковой чааска 1950 сыл тохсунньу ыйга дылы сулууспалаабыта. 1950-54 сс Элүөхүмэ оройуонугар Намонинскай экспедицияђ а бурильщик көмөлөһөөччүтүнэн, 1955- 58 сс
Московскай аэрологическай экспедицияђ а рабочайынан үлэлээбитэ. 1958-59 сс Горнай уонна Бүлүү оройуоннарыгар топографическай экспедицияђ а рабочайынан үлэлиир. 1960-63 сс ЭТУС-ка монтердуур. 1967 с Орто Бүлүү совхоз тэриллиитигэр рабочайынан ылыллан, сүөһү үлэтигэр үлэлиир. Онтон «Баппађ аайы» совхоз тэриллиэђ иттэн онно 1987 с. диэри рабочайдыыр. 1987- 95 сс. Элүөхүмэ оройуонугар рабочайдыыр. 1980 с. пенсияђ а тахсыбыта.
«Ађ а дойдуга үтүөлэрин иһин», «Ађ а дойду сэриитин» 2 степеннээх орденынан. «Германияны кыайыы иһин», «Японияны кыайыы иһин», Г.К.Жуков медалларынан нађ араадаламмыта. Ону тэң э элбэх юбилейнай медалларынан, Грамоталарынан нађ араадаламмыта. Кэлин 7 сыл Элүөхүмэ улууһугар олорон баран, Баппађ аайыга төттөрү көһөн кэлбитэ. Бу нэһилиэктэн төрүттээх Семенова Татьяна Нифонтовнаны кытта 1960 с. олохсуйбута. 9 ођ оломмуттара, 6 уол, 2 кыыс. Араас үөрэхтээхтэр, идэлээхтэр.
Е.С. Алексеев, 1997 с.