Николаев Николай Егорович

Мин 1943 с. Баппаҕаайы сэттэ кылаастаах оскуолатын      7       кылааһын       бүтэрээт       Армияҕа ың ырыллыбытым. Ити күнтэн ыла ыраах айан, байыаннай сулууспа саҕаланан барбыта. Биһиги батальоммут Байкал күөл ыксатыгар турбута. 1943с. атырдьах ыйын 8 күнүгэр  дылы  турбута.  Ити  түүн  2 чаас саҕана полканы тревоганан туруоран хомуммуппут, итиэннэ 4 чааска Японияны утары сэриигэ киирбиппит. Биһиги туһаайыыбыт Маньчжурия куорат этэ. Куораты минометнай уонна артиллерийскай ытыалааһыынан атаакалаабыппыт уонна куораты ылбыппыт. Бу куораттаны олохтоохторо үгүстэрэ куоппут этилэр. Куорат тулатыгар өстөөх өлүктэрэ, сэп-сэбиргэл эң ин мээнэ элбэх  этилэр. Биһиги иннибит диэки уһун походка сэриилэһэ-сэриилэһэ бара турбуппут. Баран иһэр суолбут устатын тухары буруо буолара, мээнэ ойуур баһаара турбутун курдук. Саа-сэп тыаһа өрө оргуйа турара. УУта суох буолан наһаа эрэйдэнэр этибит, итиннэ куоппут өстөөхтөр саһа сытан сабыта түһэтэлииллэрэ, суолбутугар араас миинэлэри уурталыыллара. Ити курдук айаннаан тыһыанча кэриң э километры тыынан Чаньчунь куоракка кэлбиппит. Японецтар иһэр ууну дьааттаан кээһэллэр этэ. Онон ууну иһэри кытаанахтык боболлоро. Сэрии бүппүтэ. Биһиги чааспыт ити Чаньчунь куоракка өр кэмң э турбута. Мин доруобуйам мөлтөөн госпитальга киирбитим. 1946с. II группалаах инвалид рядовой саллаат дойдубар этэңң эргиллибитим.

***

1941-45 сыллардааҕы А5а дойду Улуу сэриитэ киһи аймах историятыгар саамай алдьархайы аҕалбытынан биллэр. Саха сирин бар дьоно кыргыһыы толоонугар уонна тыылга кимтэн да хаалсыбакка бииргэ кыайыыны уһансыбыттара.
Биһиги төрөөбүт Баппаҕаайыбыт нэһилиэгиттэн Кыһыл Армия кэккэтигэр 125 киһи ыҥырыллыбыта, кинилэртэн 51-дэрэ кыайыы үктэллээх төрөөбүт-үөскээбит түөлбэлэригэр эргиллибиттэрэ.
Баппаҕаайы нэһилиэгиттэн Японияны урусхаллааһыҥҥа 13 киһи кыттыбыта. Олор истэригэр Николай Егорович Николаев Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар өстөөҕү үлтүрүтүүгэ, Кыайыыны ситиһиигэ саа-саадах тутан охсуспута.

Николаев Николай Егорович Бүлүү улууүун Бапаҕаайы нэһилиэгэр 1919 сыллаахха төрөөбүтэ. Аҕата Егор Егорович, ийэтэ Екатерина Филипповна. Кинилэр 6 уол, 2 кыыс оҕоломмуттара. Николай Егорович 2-с оҕоннон төрөөбүтэ. Ийэтэ оҕолонобун диэн эдэр сааһыгар өлбүтэ. Оҕолор аҥардас аҕа көрүүтүгэр-иитиитигэр хаалбыттара.
Николай Егорович, 1943 сыллаахха бэс ыйыгар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр армияҕа ыҥырыллан, Забайкальскай фронт, 36-с армия 292-с стрелковай дивизия 892 стрелковай полкатыгар связиһынан сылдьыбыта.
Кытай куоратыгар киирэр тимир суол границатыгар, Япония арбаммыт Квантунскай армиятын утары сэриигэ, Хайлар оройуонун куораттарын ылан, Чань-Чунь куоратыгар тиийэн кыайыыны түмүктээбитэ. Бу сэрии туһунан Кыайыы 55-с сылыгар анаан тахсыбыт «Сахалар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр» диэн кинигэҕэ маннык суруллар:

«Гитлеровскай Германияны кыайыы кэнниттэн Саха сирин үгүс буойуннара илин быраҕыллыбыттара». Онно АХШ, Англия, милитарийскай Японияны утары сэриилэспиитэрэ».
1945 сыл атырдьах ыйын 9-10 күннэригэр дивизиялар байыастара, Аргунь өрүһү туораан, 120 километры сатыы барбыттара уонна Хайлар бөҕөргөтүүлээх оройуонугар тиийбиттэрэ. :стөөх утарылаһыыта күүстээх этэ». Сэрии бүппүтүн кэннэ 1946 сыл, Аҕа дойду сэриитин II степэннээх орденынан, «Японияны кыайыы иһин» медалынан наҕараадаланан, I групалаах инвалид буолан дойдутугар эргиллибитэ.

Николай Егорович, армияҕа сулууспалаабытын туһунан ахтыбытыттан аҕыйах түгэни ситимнээтэххэ маннык:

«Саха сириттэн бииргэ барбыт дьоммунаан Мальта станцияҕа тиийбиппит. Саллаат сиэрэй таҥаһын таҥныбыппыт. Сорохторго абырахтаах синиэл түбэспитэ, бука сэриигэ кэтиллэн буулдьа, снаряд тэһитэ көппүтүн абырахтаабыттар быһылааҕа. Воинскай андаҕар ылбыппыт кэннэ, Чита уобалаһыгар тимир суол станциятыгар аҕалбыттара. Онно байыаннай бэлэмнэнии кытаанах үөрэҕэр эрчиллибиппит. Барыга бары тулуурдаах, сатабыллах, дьоҕурдаах буоларга дьаныһан туран үөрэтэллэрэ. Мин үөрэхпин туйгуннук бүтэрбитим.

Онтон Забайкальскай фронт, 36-с армия 292 стрелковай дивизия 892 стрелковай полкатыгар связиһынан сылдьыбытым. Командирбыт генерал лейтенант Александр Александрович Лученскай диэн киһи этэ. Сибээс сулууспата сүрдээх ыараханын эт санныбынан, өлүөр атахпынан билбитим. Биирдии биэрэстэлээх катушканы сүгэ сылдьан, араас моһуоктаах сирдэри туораан рота сибээһигэр соҕотоҕун холбуурум. Бу үлэ олус эппиэттээҕэ уонна кутталлааҕа. Түүннэри күнүстэри сылдьарым.

Самурайдар кыраныысаны кэһээри аттыбытыгар бааллара. Кытай куоратыгар киирэр КВЖД-ны манаабыппыт. Ол олус кутталлаах эбит. Сэриинэн түһүөхтэрэ диэн бүтэйдии диксинэ да, кутана да саныырбыт.

Биир саамай, сүрэхтэн сүппэттик өйдөөн хаалбыт түгэним:

1945 сыл атырдьах ыйын 9-с күнүгэр сэрии тоҕо тардылынна. Сир халлаан өрө титиристээбитэ. Ити Япония арбаммыт Квантунскай армията тутан олорор сиригэр сүллэр этиҥ буолан таҥнары сатыылаабыта. Туох да ордуо суох курдуга, оннук күүстээх ытыы дирбиэнэ-дарбаана буолбута. Биир кэм мэҥэ халаан урсунунан араас тыастар куугунаһаллар, сирилииллэр, халлаан сиксиллэргэ дылы гыммыта. Дьоппуон армиятын

өр кэмҥэ бээлэмнээбит оборуонатын урусхалллыр дирбиэнэ-дарбаана итинник саҕаламмыта. Аан туман силлиэ ортотугар биирдэ баар буолан хаалбыппыт. Ол быыһыгар «Вперед!», «За Родину!», «Ура!», «Ура!» хаһыылар иһиллэллэр. Биһиги пехотабыт иннин диэки ыстанна. Дьоппуон сэрииһиттэрэ кистэлэҥ хорооннорунан саһан, үөмэн киирэн ытыалаһаллара. Киһи этэ салаһара, чэчэгэйэ ытырбахтыыра. Хайалар бөҕөргөтүммүт оройуонун ылан иниибит диэки кимэн, өссө хас да куораттары ылан, иннибит диэки кимэн испиппит. Олус итии күннэр буолбуттара, иһэр уу суоҕа олус эрэйдиирэ, сорохтор уостара, атахтара хабыллыбыта, биир сиргэ холуодьас баарыгар сырсан тиийбиппит, дьаатынан сутуйбуттарын разведчиктар билэн, тохтотон тыыннаах ордубуппут. Итинник эрэйдэнэн 130 көс сири эт атахпытынан хааман, Чань-Чунь куоракка тиийбиппит, сэриини ити куоракка түмүктээбитим. Икки өттүттэн хаан тохтуулаах кыргыһыы Япония императора капитуляцияны биллэриэр дылы барбыта. Бу сэриигэ сылдьан бааһыран Кяхта куоракка 1946 сыл бэс ыйыгар диэри госпитальга эмтэнэн I группалаах инбэлиит буолбутум. Кыайыы үөрүүтэ, ол бэлиэтээһинэ биһиги сүргэбитин улаханнык көтөхпүтэ, ону киһи тылынан сатаан кэпсээбэт. Төһө да инбэлиит буолларбын, Ийэ дойдум ыксаллаах кэмигэр илиибэр саа-саадах тутан, төрөөбүт дойдум норуотун көмүскэспиппинэн киэн туттабын. Бу курдук сэриилэһэн, өлөр өлүүнү сүүстэ утары көрсөн, саха саллаатын аатын үрдүктүк тута сылдьыбытым. Ону эһиги хаһан да умнумаҥ, сэрии буолбатын, хаан тохтубатын туһугар кыһаныҥө» диирэ.

Сайт сельского дома культуры села Илбенге Вилюйского улуса