Мин 1909 сыллаахха Баппаҕаайы нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Армияҕа барыахпар диэри «Ворошилов» аатынан колхозка үлэлээбитим. 1942с. бэс ыйын 22 күнүгэр Аҕа дойду сэриитигэр ың ырыллыбытым. Челябинскай уобаласка тиийэн 40 хонук устата үөрэммиппит. Балаҕан ыйын саң атыгар 1942с. мин Ленинград куорат туһаайыытыгар ыытыллыбытым. Манна бастаан оборона бөҕөргөнүүтүгэр үлэлээбиппит. Мин службалыыр ротабар биир саха суоҕа. Биһиги сытар сирбититтэн өстөөх обороната олох чугас этэ. Итиннэ хаан тохтуулаах сэрии бара турара. Мин ити сыл балаҕан ыйын 25 күнүгэр араанньа буолбутум уонна Ленинград куорат госпиталыгар сытан эмтэнэн баран саас куорат илин өттүгэр ыытыллыбытым. 1943с. Чернай муора туһаайытыгар көһөрбүттэрэ. Манна өстөөх олох чугас сытар этэ. 1944с. тохсунньу ый 22 күнүгэр Верховнай главнай командование оһуобай прикаһынан биһиги сытар сирбитигэр аан бастаан наступление саҕаламмыта. Өстөөх бөҕөргөтөнүүтүн тоҕо анньан киирбиппит. Онно көрдөххө өстөөх оборонатын устатын тухары землянкаларын ааныгар дылы массыына суола оң оһуллубут этэ. өстөөх оборонатын биэрбэт туһугар туруулаһан охсуспута. Ол түмүгэр икки өттүттэн сүтүк таһаарыллыбыта. Өстөөхтөр үгүстэрэ куоппуттарын биһиги үс күнү быһа батыһа сылдьан кырган баран Ульяновскай оройуон центрыгар кэлэн тохтообуппут. Бу центры 2 күн устата кыргыһан ылбыппыт. Манна биһиги 8 киһини плен ылбыппыт. Манна да биһигиттэн улахан сүтүк таһаарыллыбыта. Ол да буоллар ити саал биһиги батаольоммут өстөөҕү батыһа сылдьан сэриилээн хас да нэһилиэнньэлээх пууннары ылбыта. Муус устарга биһиги батальоммут Калининскай уобалас оборонатыгар киирбитэ. Манна биһиги дьоммут улахан охсууну оң орбуттара. Ити кэнниттэн тыылга сынньана тахсыбыппыт. 1944с. бэс ыйын 25 күнүгэр Выборе куорат таһыгар иккиһин араанньа буолбутум. Ленинградка госпитальга сытан баран Финляндия кыраныыссатыгар таас хайаны динамитынан дэлби тэптэрэн тааһы сыралааһын үлэтигэр сылдьыбытым. 1945 с. саас байыаннай массыынаттан уларыйбытым. 1946с. дойдубар кэлбитим. Армияттан кэлэн баран кэргэттэрбин кытта Бүлүү куоратыгар көһөн киирбитим. Бастаан утаа мясопромңа, онтон кэлин райкомҥа 6 сыл устата үлэлээбитим.Билигин госбааңңа үлэлиибин. Манна үлэлээбитим 10 сыл буолла. Коммунистическай үлэ ударнигын бочуоттаах аатын сүгэбин.
Аҕа дойду сэриитин Ленинград куорат оборонатын кыттыылааҕа
Петр Афанасьевич Николаев Билигин Бүлүү куоратын олохтооҕо