Якутскайдааҕы байыаннай оскуоланы бүтэрэрбэр отделение командирын званиетын ылбытым. Онон ис дьыала органыгар үлэлээбитим.
1942 сыллаахха бастаан пароходунан, тимир суолунан Челябинскай куоракка общевойсковой командиры бэлэмниир курска анаммытым. Манна 8 ый устата күннэри-түүннэри үөрэммитим. Биһиги сүнньүнэн танковой уонна танковой десантнай пехотнай уонна разведкалыыр подразделларга үөрэппиттэрэ.
1943 сыллаахха олунньуга сэриилэһэр армияҕа тиийбитим. Соҕуруу-арҕаа фронт састаабыгар танковой десантнай батальон взводун командирын көмөлөһөөччүтэ буолбутум. Танковой десантниктар сонно тута Харьковскай уобалаһы өстөөхтөн босхолооһуңң а кыттыбытым. Танкаҕа олордо-олордо биһигини инники кирбиигэ атаарбыттара. Ити сырыыга улахан сүтүктэммиппит. Ол иһин пехота көмөтүн тэрийбиттэрэ. Биир түгэни умнубаппын. Өстөөх севернай Донец өрүс диэки куоппута. Иккис артиллерийскэй бэлэмнэнии уонна буомбалааһын кэнниттэн танковай кимэн киирии буолбута. Өстөөхтөрү төттөрү өрүс уң уор үүрбүппүт. Биһиги батальоммутугар өрүһү туораан өстөөҕү өссө ыраах үүрэргэ приказ ылбыппыт. Кураанах буочукаларынан уонна бэрэбинэнэн болуот оң остон өстөөх буулдьатын аннынан өрүһү туораабыппыт. Артиллеристар көмөлөрүгэр тирэҕирэн Алексеевка дэриэбинэни босхолообуппут. Манна сүнньүнэн Власовецтар бааллара. Рота командира танковой пулемет ылан баран бөһүөлэги нөң үө өттүнэн эргийэн өстөөх суолун бүөлүүрбүтүгэр приказтаабыттара. Пулемеппут балтараа эрэ ленталаах этэ. Ити техниканы мин үчүгэйдик билэрим. Онон уочараты мин аспытым. Тыаҕа куотан эрэр өстөөхтөр үрүө-тараа барбыттара. Онтон минометнай уоту аспыттара. Биир мина бэрт чугас эстэн буорунан көмпүтэ. Онтон иккис миинэ ыйылаан иһэр курдуга. Ити кэннинээҕитин өйдөөбөппүн. Автоматчиктарым үгүстэрэ өлбүт уонна бааһырбыт этилэр. Мин санитарнай часка тиийэн эрэ өйдөммүтүм. Биир эмэ батальонной миномету оччолорго илдьэ барбатахпыт тан билигин кэмсинэбин. Чааспар төннүбүтүм командирдарым барылара уларыйбыт этилэр. Биһиги итинтэн кэнники пехотаны кытта тэңң э сэриигэ киирэр буолбуппут. Харьков таһыгар тимир суол биир станциятын босхолооһуңң а кыттыбытым. Сэриилэһэр сирбит аһаҕас миэстэҕэ этэ. Мин уң а атахпар бааһырбытым. Доҕотторум соһон таһааран эмкэ туттарбыттара. Ити кырыктаах кыргыһыыга бойобуой доҕотторум үксүлэрэ өлбүт этилэр.