Новиков Алексей Николаевич

Күндү биир дойдулаахтарым, бириэмэ олус түргэнник ааһан иһэр дии? Биһиги кырдьаҕастар немецкэй фашистартан дойдуну көмүскүүр кырыктаах сэрии бүппүтүн хайдах эрэ аҕыйах сыллар ааспыттарын курдук саныыбыт ээ. Онтукабыт быйыл ыам ыйын 9 күнүгэр оруобуна 30 сылын туолар эбит.

Онтон 1945 сыллаахха төрөөбүт ыччаттар билигин дьон аҕалара-ийэлэрэ, араас идэлээх үрдүк, орто үөрэхтээх үлэһиттэр. Кинилэр норуот хаһаайыстыбатыгар үлэлии сылдьаллар.

Онтон биһиги ааспыт сэрии кыттыылаахтара уонна сэрии ыарахан сылларыгар Кыһыл Армияны сэбинэн, аһынан, таң аһынан хааччыйар туһугар түүннэри-күнүстэри тыылга геройдуу үлэлээбит эбэлэрбит, эһэлэрбит, балыстарбыт, бырааттарбыт сылтан сыл аайы кырдьан өлөн-

сүтэн күөх тыа быыһыгар турар хаппыт мастар курдук онно-манна элэң нэһэн көстөр буолан иһээхтибит. Дьэ итинник буолар эбит бириэмэ ааһыыта.

Биһиги төрөөбүт тапталлаах Сахабыт  сирэ  барахсан  хаһан  ыраахтааҕы ыар сокуоннарын утарбыт эр санаалаах революционердары тимир хандалы кэтэрдэн ыыталыыр сыылка дойдутунан, хараң а хаайыытынан аатырар эбит буоллаҕына билигин Союз үрдүнэн төрдүс миэстэни ылар промышленностаах үрдүк сайдыылаах край буолан иһиллэр буолла.

Билигин омук дойдулара Саха сирин промышленноһын уонна  кини кэлэр кэскилин туһунан күн аайы сэргээн истэр, кэтиир  буоллулар.  Мин күндү биир дойдулаахтарым, ыччаттарым ааспыт кырык сэриигэ син эмиэ мөлүйүөнүнэн дьон курдук саа тутан кыргыспытым. Ити сылларбыттан мин тус бэйэм өйбөр-санаабар сүппэт мэң буолан хатанан хаалбыт аҕыйах түбэлтэлэрин кэпсиэм. Улуу сэрии буолар 1941 сылыгар мин Горнай оройуонугар Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар учууталлыы сылдбыбытым. Ол кэмң э Дьокуускайдааҕы пединститутка кэтэхтэн үөрэнэр этим. II курсу бүтэрэн III курска сылдьыбытым. Бу 1941с. биһигини III курс кэтэхтэн үөрэнээччилэрин тоҕо эрэ эрдэ бэс ыйын 1 күнүгэр ың ыртаабыттара. Биһиги 60-ча этибит, бары мустан үөрэнэн барбыппыт. Күңң э 9-10 чаас устата барар буолбута. Тоҕо күн аайы наһаа уһуннук үөрэтэр буоллугут диэтэххэ бириэмэ тиэтэтэр диэн учууталлар эппиэттииллэрэ.

Бэс ыйын 22 күнүгэр 1941с. олохтоох бириэмэнэн күнүс 1 чааска занятиены тохтотон биһигини таһырдьа таһаартаабыттара. Итиэннэ бүгүн сарсыарда 4 чааска эйэ дуогабарын кэһэн фашистскай Германия сэриилэрэ биһиэхэ уоран саба түстүлэр диэн иһитиннэрдилэр. Мустубут дьон ортотуттан хомойбут, уордайбыт саң алар иһиллэллэрэ. Ити киэһэ бары тэрилтэлэргэ уонна куорат паркатыгар сэрии буолбутун туһунан митиннэр буолтара. Институт коллективыгар буолбут митиңң э мин абарбыт санаабын  уордайан туран этим, итиэннэ баҕаларынан сэриигэ барааччылары суруйаҕыт дуо диэн ыйыттым. Ону партия уобаластааҕы комитетын представителэ учууталлары сэриигэ ыытыллыбат диэн ыйаах баар диэн эппиэттээтэ.

Ити күнтэн ыла советскай норуот өйдүүр өйө, саныыр санаата хаан өстөөх фашистскай Германия сэриитин хаайан хампы сынньарга түмүктэммитэ.

Тугу барытын сэриигэ, өстөөҕү үлтүрүтэргэ туһуламмыта. Биһиги ыраах Хотугу сир үлэһиттэрэ эмиэ туох баар үлэбитин өстөөҕү кыайар туһугар анаабыппыт.

Биһиги бэс ыйын бүтүүтэ үөрэхпитин бүтэрбиппит. Итиэннэ оройуоммутугар тарҕаспыппыт. Мин дойдубар тахсан сайыңң ы уоппускам бириэмэтигэр оскуолаҕа ремоңң а үлэлээбитим. Ити да сылдьан хайаан  да сэриигэ барардыы бигэтик быһаарыммытым, ол иһин дьону сэриигэ хомуйар комиссия куораттан тахсарын кэтэһэрим. Парта ремоннуу сылдьан парталарым муннугар оҕолорум көрө сырыттыннар диэн ааппын быһар этим.

Ми өйбөр-санаабар дириң ник иң эн хаалбыта И.В.Сталин от ыйын 3 күнүгэр советскай норуокка туһаайан радионан эппитэ. Ол онно эппитэ бары советскай норуот иннигэр фашистскай талабырдьыттартан бүтүн Европа баттаммыт норуоттарын итиэннэ тапталлаах Советскай дойдуну босхолуур улуу миссияны толорор кыахтаах советскай норуот бары күүһү босхолонуулаах охсуһууга түмүөҕүң диэн И.В.Сталин бэйэтин этиитин түмүктээбитэ.

И.В.сталин ити историческай этиитэ сэриилэһэ сылдьар советскай буойуннарга уонна тыылга үлэлиир нэһилиэнньэҕэ уоттаах маяк курдук боевой программа буолбута.

Бу улуу суолталаах докумуон хаһан баҕарар, ханнык баҕарар дойдуга, омукка өскө хаан өстөөхтөр уоран саба түһэр буоллахтарына эмиэ боевой программа буола туруохтара.

И.В.Сталин этиитин кэнниттэн аҕыйах бириэмэ ааспытын кэннэ куолубунан оскуолаҕа үлэлии сырыттахпына райкомң а ың ыран ылбыттара. Якутскайтан клмиссар уонна оройуон активтара мустубут этилэр. Партия райкомун бастакы секретара Кривогорницын Н.И. аҕыйах тылынан дьону армияҕа хомуйар туһунан этэн баран кимиэхэ ыйытыы, этии баарый диэбитэ. Мин тыл ылан дойдуга кутал суоһаабытын туһунан этэн баран миэхэ бастакы номердаахх повестканы суруйуң диэн көрдөспүтүм. Онуоха военкомат представителэ ойон туран илиибин ыга тутан баһыыбалаабыта уонна повесткан туттарбыта. Итиэннэ Армияҕа барааччыларга старшайынан анаабыта. Бэрдьигэстээхтэн 600-чэ киһиттэн бэрт аҕыйахпыт ордон төннүбүппүт. Якутскайтан «Молотов» пароходунан барбыппыт. Усть-Кут куоракка тиийбиппит. Мантан массыынанан арахсарбытыгар Лена биэрэгэр киирэн сирэйбитин суунан быраһаайдаспыппыт.

Иркутскайтан  тимир  суолунан  айаннаан  Анишнина  диэн  байыаннай лааҕырга кэлбиппит. Манна  байыаннай  чааска  хайдыспыппыт  уонна  араас сэрии сэптэрин, байыаннай техниканы үөрэппиппит. Мин 41-с дивизия 80-с полкатыгар сырыттахпына дивизия комиссара полковник ың ыран ылбыта эйигин   батальонун   командирдара   үөрэхтээх   киһи   онон   командир   буолар кыахтаах дииллэр. Онон Иркусткайга политруктар курстарыгар үөрэнэ бараргар приказ таҕыста диэтэ. Итиэннэ сарсыңң ы поеһынан барарбар приказ биэрдэ. Иркусткайга  барыта  250-ча  буолан  үөрэнэ  сырыттахпына  ахсынньы саң атыгар 15 киһини ол иһигэр миигин ың ыран ыллылар. Итиэннэ  эһиги үөрэнэн бүттүгүт арҕаа сэрии чааһыгар службалыы барар буоллугут  диэтилэр. Саң а обмундирование биэрдилэр уонна ити түүн поеһынан арҕаа атаардылар. Биһиги 10-ча хонук устата айаннаан Москва таһыгар Загорскай диэн кыра куоракка кэлэммит чаастарга тарҕанныбыт. Мин полковник Белобородов командирдаах 79-с Сибирскэй дивизияҕа түбэстибит. Дивизия састаабыгар сибиир нууччалара, татаардара, буряттара, еврейдэр бэрт аҕыйах сахалар бааллара. Командирдар үгүстэрэ эмиэ мин курдук сэриигэ кытта иликтэрэ. Ол иһин буолуо дивизия командира строй иннигэр «биһиги буораах сытын билэ иликпит, ол гынан баран сибиряктар биһиги  сэриигэ  атыттартан  итиэхпит суоҕа», – диэбитэ. Бу бириэмэҕэ Москва анныгар үлтүрүтүллүбүт кэмнэрэ этэ. Биһиги полкабыт аан бастаан сэриигэ кыттыбыта. Ол курдук Нара-Фоминскай куораты босхолуур сэриигэ кыттыбыта. Бу куоракка биһиги сарсыарда халлаан сырдаан эрдэҕинэ киирбиппит. Өстөөх харса суох утарсыбыта. Артиллерия, миномет, пулемет, автомат уотунан көрсүбүтэ. Биһиги ону ол диэбэккэ кимэн испиппит. Үөһээ этажтара алдьанан хаалбыт дьиэттэн икки пулемет кириэстии ыталлара. Буулдьа мээнэ ууну ыстарар курдук уһууран олороро. Ити барыта атаакалааһыны тохтоппута. Ол иһин биһиги Иван Балуев, Борис Науменконы кытта саһан дьиэ кэннигэр сырсыбыппыт. Уолаттарбыт иккис ааны көрүң диэбитим бэйэм бастакы алдьаммыт ааны көрө түспүтүм үс немец каскалара пулемет уотугар килэң нэһэллэрэ мин кыл түгэнэ тохтуу түһэн баран каскалар алын өттүлэрин туһаайан автомаппын тардан кээһэрбин кытта хап-сабар пулеметтар тохтоон хаалбыттара. Уолаттарым чэ бүттээ диэн үөгүлэһэ түспүттэрэ. Атаака саҕаланан барбыта. Дьэ ити этэ мин аан бастаан өстөөҕү өлөрөн илиибин харалаабытым. Наро-Фоминскайы босхолоон баран утуу-субуу Балабаново, Белоусово,  Обинок,  Портово  уонна  Детчино  куораттары  уонна үгүс дэриэбинэлэри ылаттаан Калугаҕа тиийбиппит. Бу куоракка кытаанах кыргыһыы буолбута. Манна бастакы атаакаларбыт улахан сүтүктэри таһаарбыта. Ол да буоллар  биһиги  атаакабытын  немецтэр  тулуйбатахтара.  Ол бу дьиэлэртэн куотан тахса-тахса улахан баҕайы саппыкы таһынан кэтиллэр резина холуоһалара  хаптаһыны резинанан  таһыйар курдук лаһыргаһаллара. Ити куотан эрэр фашистары  кэннилэриттэн  автоматынан  соттордоххо  эргэ баран сону быраҕар курдук охтон тэллэс гына түһэллэрэ. Төһө да өстөөхтөрүн иһин биһиги курдук олоруохтарын баҕарар дьон буоллахтара дии саныыгын.

Кыһыл Армия босхолообут куораттара, нэһилиэнньэлэрэ сэрии иннигэр заводтардаах, фабрикалардаах үгүс колхозтаах чэлгийэ үүнэ олорбут буоллахтарына фашистар кылгас кэмң э хаүаайыннаабыт бириэмэтигэр алдьанан умайан урукку олохтоохтор отой билбэт буола үлтүрүйэн сыталлара. Заводтар, фабрикалар, оскуолалар оннуларыгар турбалара хороһон хаарынан бүрүллэн эргэ куобах бэргшэ 4элээх оҕонньоттор сукуһан туралларын курдук. Сорох дэриэбинэлэр немецтэр куотуохтарын да иннигэр сордоон-муңнаан баран телеграмма баҕаналарыгар ыйаан өлөртөөбүт оҕонньотторо, дьахталлара тэйгэң нэһэ тураллара сүрдээх баҕайы этэ. Сууллубут  дьиэлэр  анныларыгар хаһан эмит сыгынньах аң ардаах эмээхситтэр, оҕолор барахсаттар уң уохтара хамсаан титиристэһэ сытан биһиэннэрэ-биһиэннэрэ дии ытаһа-ытаһа турах кэлээхтииллэрэ. Итинник ынырык этэ ааспыт сэрии.

Калуга кэнниттэн Куровскай, Бабинина, Супиничи куораттар уонна элбэх нэһилиэнньэлээх пууннар босхоломмуттара. Саас буолан уу-хаар тахсан өстөөхтөрү эккирэтии ыараабыта. Онон оборонаҕа киирэр түбэлтэ буолбута. Ити арҕааң ы фронт икки фроңң а арахсыбыта. Онон биһиги чаастарбыт Брянскай фронт 11 армиятын 11 дивизиятыгар барбыттара. Биһиги 11 армиябыт Брянскай, Калуга уобластарын хабан ааһар Угра  диэн  өрүс,  дьиң э үрэх илин өттүгэр оборонаҕа сыппыта, онтон немецтэр ити үрэх арҕаа өттүгэр сыталлара. Сотору-сотору 30-40 мүнүүтэлээх кыргыһыылар буолуталыыллара. Ыам ыйын бүтэһигэр оборонаныкэң этэр сыалтан Веходы диэн дэриэбинэни өстөөхтөн босхолуур туһугар прикаһы биһиги чааспытыгар биэрбиттэрэ. Сарсыарда ардахтаан халлаан сырдаан туман саң а көтөн эрдэҕинэ немецтэр обороналарыгар эмиэ атаакалааһыны оң орбуппут. Өстөөхтөрбүт бастаан соһуйаннар автоматтарын эрэ ыла-ыла дьүүлэ-дьаабыта суох халлааны ытыалыы-ытыалыы куоппуттара. Ол иһин биһиги туох да сэрэҕэ суох кинилэри эккирэппиппит. Дэриэбинэ арҕаа өттүгэр тиийбиппитигэр иккис обороналарыттан биһигини хойуу уотунан көрсүбүттэрэ. Онон арҕаа сытарга күһэллибиппит. Кыратык итинник сыта түһэн баран мин взводпун немецтэри айаҕалаан сыыллан киирэн «Ураа» хаһыытаабытынан ытыалаабаппыт. Ону тулуйбакка өстөөхтөр окопа иһинэн-таһынан сырсыбыттара. Ол бириэмэҕэ биһиги батальоммут атаакаҕа турбута. Биһиги уонча буолан куотан эрэр немецтэри «бэриниң » дии-дии иннилэрин күөйэ сырсыбыппыт. Бу бириэмэҕэ уң а илиим утуйа түспүтэ. Ону көрө түспүтүм  ырбаахым  сиэҕиттэн  хааным тыган эрэрэ. Кэннибититтэн сырсан испит Турум Минбаев (киргиз), Валерий Носов (нуучча) миигин бааһырбыккын диэн көтөҕөн илдьэн ампаар кэннигэр олордубуттара. Санитары ың ырбыттара. Полевой госпитальга таһаарбыттара. Манна ый кэриң э эмтэммитим кэнниттэн чааспар ыыппакка атын фроңң а барардыы быһаарбыттара. Онон биһиги 6 буолан Москваҕа барбыппыт. Манна кэлбиппитигэр Уралтан бараңң ыт маршевой эшалоңң а ылаңң ыт Сталинградка барың диэн приказтаабыттара. Биһиги Челябинскай уЧебарнуль диэн байыаннай лааҕыртан кэлэн бэлэм воинскай эшалону ылан Сталинградка тиийбиппит. Түүн Сталинград аннынан Волганы военнай катерга холбоммут баржаларынан туораан истэхпинэ немецтэр артиллерияларын снарядтара иннибитигэр-кэннибитигэр быыстала суох түһүтэлииллэрэ.  Манна  8-с киһибит тимирбитэ, 7 киһибит бааһырбыта. Ол эрээри халлаан сырдыан иннинэ өрүһү туораан 62-с армия чаастарыгар тахсыбыппыт. Манна мин сылдьар ротам 13 дивизия 207- полка этэ. аһыыр да бокуойа суох кэлээт инники линияҕа окопаҕа сыппыппыт. Манна мин ахсынньы ый бүтүөр дылы сылдьыбытым. Бу кыргыһыылартан киһи өйүгэр-санаатыгар хатанан, умнуллубат мэң буолан хаалар түбэлтэлэрэ элбэхтэр. Улуу куорат Сталинград умайа-умайа киһи тумнастар буруотунан, буор-сыыс өрүкүйэ олороро. Ити көрүөххэ дьулаан суол этэ. Икки өттүттэн пушканан, минометунан, автоматынан, пулеметунан ытыалааһын уулусса уң уор-маң аар үлтүрүйэн баран дьиэлэри былдьаһан субу-субу атаака бөҕө буолуталыыра. Сарсыарда халлаан сырдыаҕыттан киэһэ хараң а буоллуор дылы өстөөх самолеттарын бөлөхтөрө 20-30, ардыгар 40-60 буолан көтөн кэлэ-кэлэ араас ыйааһыннаах, быраҕа сатаан баран, кураанах уһааттары араас тимирдэри быраҕаттыыллара, араас киһи тулуйбат тыастарын таһаарара, аттыгар бойобуой доҕотторуң өлөн баран буорунан, кумаҕынан тибиллэн баран сыталлара дьулаан суол этэ. Төһө эмит умаппытың , аһыахтааххын баҕарбытың  иһин  окопаттан  тахсан  уу  иһэр, ас аҕалар кыаҕың суох буолар түбэлтэлэрэ үгүс буолааччы. Ол  иһин  буолуо сорор наһаа абаран, өлөр-сүтэр диэни билбэккэ кэрээң иң ититтэн тахсан хаххалана сытар сиргиттэн тахсан аһаҕастык дьаарбайа сылдьар буолааччыгын. Атырдьах ыйыгар биһиги чааспытыгар «Мертвые головы» диэн оһуобай немецкэй чаастара биһиэхэ саба түспүттэрэ. Онно мин саһа сытар дьиэбиттэн сүүрэн тахсан «оҕолоор, өстөөҕү үчүгэй аҕайдык көрсүөҕүң », – дии-дии хама сырыттахпына   старшина   Анищенко   Н.   уонна   ординореһым   Беляев   М.:

«Алексей  Николаевич,  сибилигин  өлөрүөхтэрэ,  кэбис,  кэл»,  –  диэн  баран харабыттан соһон ылбыттара.

Биирдэ үс буолан оборонабыт инники кирбиитин чинчийэрдии тахсан өстөөхтөр учаастакатарыгар барбыппыт. Онно биир үс мэндиэмэннээх алдьаммыт алын этаһыгар немецтэр кэпсэтэ-кэпсэтэ күлсэр саң алара иһиллэрэ. Биһиги ону манаан балай эмэ сыппыппыт. Өйдөөн көрбүппүт икки немец саллааттара флягаларыттан тугу эрэ иһэллэр уонна «русс, русс» дии-дии күлсэллэр. Биһиги үөмэн чугаһаан кэллибит уонна «русс» бу баар диэбитинэн туран кэлэн автоматтарбытынан тирээбиппит. Онуоха ах баран олорбуттарын тутан ылан батальон разведкатыгар илдьэн туттарбыппыт. Кэнники истибиппит разведбатаольон сержаннара эбит, бойобуой сорудаҕы толоро сылдьыбыт дьүһүннэрэ үһү. Алтынньы саҕана немецтэр атаакаларын утары атаакаҕа киирэн истэхпинэ аттыбар туох эрэ ыарахан түһэрин истибиппин өйдүүбүн. Кэлин билбитим снаряд түһэн сүнньүбүн өлөттөрөн госпитальга киирбит этим.  Инньэ  гынан  Сталинградскай  фроңң а  сэриилэһэн  бүттэҕим ити. Госпитальга хас да ый сытан баран сэриигэ төннүбэккэ Ураллааҕы байыаннай уокурукка Чеварнуль байыаннай лааҕырыгар олорор Харьковскай бригадаҕа рота командирын солбуйааччынан үлэлии сырыттахпына 1943 сыллаахха Владимирскай уобалас Муром куоракка баар Советскай Армия икки сыллаах военно-техническэй училищетыгар үөрэххэ ыыппыттара. Ити училищены 1944 сыллаахха ыам ыйыгар 14 киһини түргэнник (досрочно) бүтэттэрэн баран иккис Белорусскай фроңң а ыыппыттара.

Бэс ыйын саң атыгар Минскэй куораттан чугас баар 8-с ударнай Армия 233 дивизиятыгар тиийбиппит. Манна үс буолан: белорус Ануфриев В.Г., бурят Унхолов И.М. уонна мин буолан 1059 военнай часка анаммыппыт. Бу кэмң э биһиги армиябыт немецтэри бары фроннарга кимэн киирэ турар кэмэ этэ. Биһиги 8-с армиябыт атын армиялары кытта сөптөөх Минскэйдээҕи бөдөң бөлөхтөрүн төгүрүүнү саҕалаабыттара. Онтон биһиги дивизиябыт Минскэй куораты хаң ас өттүнэн баран биир кыра куораты босхолообута. Итинтэн саҕалаан арҕаа Белоруссияҕа киирии саҕаламмыта, Деринок, Барановичи, Береза о.д.а. куораттары уонна элбэх нэһилиэнньэлээх пууннары, станциялары босхолообуттара. Онтон Брест куоракка чугаһаабыппыт. Брест куораты ылан баран Польшаҕа тахсыбыппыт. Бу кыргыһыыга Белоруссияҕа баар партизанскай чаастар көмөлөспүттэрэ. Ол курдук Белоруссия халың тыалаах, баһа-атаҕа биллибэт бадарааннаах дойду. Ол иһин улахан киирсиилэр сороҕор ойуур кытыытыгар, тарың кытыытыгар буолара. Манна аатырар «Катюша» үлэлээн сигийдэҕинэ баай хара тыа бөдөң тииттэрэ ортолорунан бүлгүрүтэ бараллара уонна быһаҕастара баран сиргэ туруорута түһэттииллэрэ. Ардыгар бөдөң тииттэр этиң түспүтүнүү тырыта бараллара уонна атын тииккэ баран батарыта түһэттииллэрэ. Бадарааннарга снарядтар түһэннэр мээнэ оргуйа олорор чаан олгуй курдук будулуйа олорор.  Бөдөң  хойуу  мастаах  халың ойуурга сэрии буоллаҕына үчүгэй үүнүүлээх алааһы сүөһү салаан кэбиспитин курдук гынара. Минскэй анараа өттүгэр биһиги армиябыт өстөөх армиятын төгүрүйбүттэрэ. Ону өстөөх тоҕо көтөөрү бэйэлэрин танкаларыгар уонна броня машиналарга сөрөнөн харса суох ыга киирэллэрэ. Ону ытыалыы сатаан баран танканан тэбистэрэллэрэ. Ити ынырык суол буолара. «Биһиэхэ тугу көрдөөн кэлбиккитий, кэһэйиң » – диирбит. Немецтэр советскай дьоннору өлөртөөн- өһөртөөн, халаан баралларын уонна байыаннай билиэннэйдэри лааҕырдарга сордуулларын илэ харахпытынан көрбүт буоламмыт кэнникинэн кинилэри аһыммат-харыстаабат да буоларбыт.

Биһиги  дьоннорбут  билиэңң э  кэлбит  немецтэри     хаһан  да  кырбаабат түүрэйдээбэт этилэр. Варшава куорат таһыгар биир байыаннай лааҕырга 6000 байыаннай билиэннэйдэр сыталлара. Мантан 3000 киһини Германияҕа ыыппыттар уонна 1000 киһини өлөртөөбүттэр этэ, ордугун ситэ өлөрө иликтэринэ биһиги тиийбиппит. Дьон уң уохтаах тириилэрэ хаалбыт, сорохторо олох да атахтарыгар уйуттубат этилэр. Бу лааҕырга крематорий баар этэ. Кыайан үлэлээбэт, уйуттубат пленнэйдэри маассабайдык өлөрөллөрө уонна оһоххо уматан баран күлүн огородка уоҕурдуу гыналлара. Лааҕыр территориятыгар киирдэххэ таң аһың бүтүннүү күл буолара. Лааҕыр сарайдарыгар өлбүт дьоннор таң астарын-саптарын дуома кутуллан сытар буолара. Арҕаа Белоруссияҕа  биһиги  армиябытын  син  үчүгэйдик  көрсөллөрө, ол гынан баран колхозтары тэрийиини сөбүлээбэт этилэр. Польшаҕа поляктар биһигини сөбүлээбэттэрэ өтө көстөрө. Сорохтор оннооҕор дьиэлэригэр киллэрбэт, солуурга ууну биэрбэт этилэр. «Биһиги туспа государство дьонобут»

– дииллэрэ. Висла өрүскэ дылы биһиги армиябыт улахан кыайыынан түргэнник кимэн испитэ. Кэнники ити өрүһү туорааһыңң а Кранов, Варшава куораттары ылыыга немецтэр кытаанахтык утарсыбыттара. Бу  кыргыһыыга кылгас кэм иһигэр бэрт элбэх табаарыстарбытын сүтэрбиппит. Бу улахан кырыктаах кыргыһыы сылларыгар советскай норуот ыга түмсүүтэ уонна улуу сирдьит И.В.Сталиңң а бэриниилээх буолуулара улааппыта. Кыргыһыыга өлбүт элбэх  араас  омук  доҕотторбутун  ытаһа-ытаһа  көмөрбүт  уонна  «хаан  уруу доҕотторбутун хаанымсах өстөөхтөртөн иэстиэхпит. Улуу Сталин туһугар биир хааппыла хаан хаалыар дылы охсуһуохпут», – дэһэрбит. Варшаваны босхолоһон баран куорат арҕаа өттүгэр кыракый муостаны ылыыга атаакаҕа киирэн иһэн улаханнык бааһыран сэрииттэн туораатым. Онон  Берлиңң э  тиийиэм  диэбит баҕа санаан туолбатаҕа. Манан мин кылгас остуоруйам бүтэр.

Эһиги биир дойдулааххыт

пенсионер Новиков Алексей Николаевич 28/II-75с. Калинин к33 ул. Ипподромная 1/40 кв.4

Кининэн киэн туттабыт

Подполковник Алексей Николаевич Новиков – биһиги биир дойдулаахпыт, Баппаҕаайы нэһилиэгэр төрөөбүтэ, иитиллибитэ, үөрэммитэ, учуутал буолбута. Горнай оройуонунааҕы Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр учууталынан үлэлии сылдьан, 1941 сыллаахха Советскай Армия кэккэтигэр ың ырыллыбыта.

Алексей Николаевич, бастаан запасной часка сулууспалаан баран, Иркутскайга политруктар курстарыгар үөрэммитэ, ол кэнниттэн Аҕа дойду Улуу сэриитин устатын тухары уоттаах фрону түөһүнэн тыырбыта, бэрт элбэх кыргыыларга, Европа дойдуларын фашисткай оккупаннартан босхолооһуңң а хорсуннук кыттыбыта, бааһырыы түбэлтэлэрэ эмиэ бааллара.

Таб. Новиков эрдээхтик сэриилэһии иһин Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденынан, икки «Кыһыл сулус» орденынан, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин  иһин»  уо.д.а.  элбэх  медалларынан  наҕараадаламмыта. Аҕа дойду сэриитин кэннигэр Алексей Николаевич өр бириэмэҕэ Ис дьыала министертсвотын систематыгар үлэлээн баран, кэнники сылларга Якутскай куоракка киномеханиктар оскуолаларын директорынан үлэлиир, төрөөбүт нэһилиэгин, оройуонун үлэһиттэрин, үөрэнээччилэрин кытта  сибээһи  тутар, кэлэн көрсүһүүлэри тэрийэр.

Е.Алексеев

Сайт сельского дома культуры села Илбенге Вилюйского улуса