Муус устар 2 кунугэр Горнай улууьун Бэрдьигэстээгэр Саха Республикатын норуодунай артыыската Раиса Яковлевна Захарова аатын уйэтитэр ‘Ырыаларым -ымыыларым» IV Республиканскай ырыа курэгэр Баппа5аайы нэьилиэгин 4 талааннаах ырыаьыттара кыттыыны ыллылар. Ырыа курэгэр барыта 39 ырыаьыт Таатта, Мэнэ Ханалас, Нам, Эбээн Бытантай, Орто Халыма , Булуу, Уеьээ Булуу, Горнай улуустарыттан кытыннылар. Дьууллуур субэ5э Россия утуелээх артыыската Анна Дьячковская , мелодист Данил Санников , 2017, 2019 сс ыытыллыбыт бу курэх Гран при хаьаайыннара, Р.Я.Захарова бииргэ тереебут балта улэлээтилэр. Курэх 2 туьумэгинэн ыытылынна. Туйара Григорьева, Матрена Кириллина, Декабрина Иванова гала-концертка тагыстылар. Тумуккэ Туйара Григорьева «Кэрэ Куолас», Матрена Кириллина « Абыланнаах ырыаьыт»,Декабрина Иванова «Чуор Куолас» анал ааттары туттулар, ейдебунньук бэлиэлэри харчыннан бириистэри ыллылар. Олус учугэй урдук таьымнаах тэрээьини ыыппыт Сологон нэьилиэгин кулуубугар, Горнай улууьун дьонугар сэргэтигэр махталбытын тиэрдэбит.
Читать далее Ырыаларым – ымыыларым IV Республиканскай ырыа курэ5эКултуура үлэһиттэрин күнүнэн
Баппа5аайылар уонна Бэрдьигэстээхтэр куен керустулэр
Кулун тутар 19 кунугэр Алаьа СК Баппа5аайы уонна Бэрдьигэстээх нэьилиэгин бильярд оонньуутун 🎱🎱🎱себулээччилэр табаарыстыы коммерческай керсуьуу курэ5ин тэрийдилэр. Бэрдьигэстээхтэн 6 спортсмен, Илбэнэттэн 10 спортсмен биирдиилээн кыайыы иьин курэхтэстилэр🎱🎱🎱
12 чаас устата ыытыллыбыт тынааьыннаах курэххэ
🥇1 миэстэ-Алексеев Борис (Илбэнэ)
🥈2 миэстэ -Таскин Константин(Илбэнэ)
🥉3 миэстэ – Васильев Эдуард (Илбэнэ)
ыллылар 👏🏻👏🏻👏🏻
харчыннан бириистэннилэр.
Хамаанданнан «стенка на стенку»курэхтэьиигэ 6 лыы киьи кытынна , 4:2 ахсаанынан Баппа5аайы хамаандата инники та5ыста👏🏻👏🏻👏🏻
Курэхтэспит спортсменнар бары чиэьинэй, кехтеех оонньуу буолбутуттан астыннылар, ессе да инникитин элбэх курэхтэьиилэргэ керсуьуех буолан уерэн-кетен таргастылар.
Нэһилиэк кэскилэ – эдэр ийэлэргэ
Күндү Баппаҕаайы нэһилиэгин кэрэ, нарын эдэр ийэлэрин!
Хас биирдиибит бу орто дойдуга саамай чугастан-чугас киһибитигэр – Ийэлэрбитигэр сүрэхтэн кутуллар истиң-иһирэх тыллары этиэхпитин баҕарабыт.
Ийэ – сир үрдүгэр күндү тыл,
Ийэ – күңңэ тэңнээх күндү тыл,
Ийэ – сүрэҕи минньитэр күндү тыл,
Амарах, истиң, иһирэх тыл.
Эһиги окко түспүт оҥоһуугутунан, сиргэ түспүт симэниигитинэн, Ийэ буолар дьолу биэрбит, олоҕу бэлэхтээбит аанньалы түстүүр таҥара.
Быйыл 2022 сылга Саха Республикатыгар Ийэ сыла биллэриллибитэ. Ийэлэргэ боломто ууруллар, Ийэ оруолун үрдүктүк чиэстээн күндү тыллар туһаайыллаллар.
Алаһа дьиэ араҥаччылара холумтаҥҥыт сылаас буоллун,
Дьиэ кэргэҥҥитин амтаннаах аһынан күндүлээҥ,
Иллэҥ кэмҥитигэр тапталгытын ууран тикпит таҥаскыт сылаас буоллун,
Илиигит сылааһын ууран олордубут үүнээйигит быйаҥнаах буоллун.
Күннээҕи түбүккүт истиҥ сыһыантан чэчирии сайыннын,
Аламай күҥҥүт сыдьаайа тыктын,
Алаһа дьиэҕитигэр дьол,таптал уйаланнын.
Кырачаан оҕолоргут ымыылаах буоллуннар,
Бэйэ бэйэҕэ өйөбүллээх буолуҥ,
Таптыыр,таптатар дьолун билиҥ,
Олоххут кэрэни эрэ кэрэһэлээтин.
Кэскили эрэ түстээтин,
Үөрүү үктэллээх,
Дьоллоох олох аргыс буоллун,
Дьол-соргу тосхойдун!
Дуобат, саахымат
Дуобаты, саахыматы ♟♟сөбүлээччилэр кулун тутар 3 күнүттэн
“Алаьа” СК дьарыктана, оонньуу кэлиэххитин сөп 😷
Үлэ күннэригэр, күнүс 15 ч – 17 ч дылы кэлэн оонньооҥ, сэьэргэьин, сынньанын
Аҕа дойдуну Көмүскээччилэр күнүнэн Алгыстаах эҕэрдэ!
Айыллан үөскээбит
Аҕа дойдубутун
Араас кэмнэргэ
Араҥаччылаан кэлбит
Аастыйбыт эһээлэргэ,
Аҕа – убай дьоннорго,
Аныгы эдэр саллааттарга
Аҕа дойдуну
Көмүскээччилэр күнүнэн
Алгыстаах эҕэрдэ!
Уол оҕо – норуот кэскилэ
Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүн көрсө
“Уол оҕо – норуот кэскилэ” диэн
уолаттарга👦🏻👦🏻 аналлаах🌐 куйаар ситиминэн ыытыллар аһаҕас күөн-күрэс балаһыанньата
🔷 Ыытыллар кунэ – дьыла: Олунньу ый 17 күнүттэн – 28 күннэрэ.2022с.
🔷 Тэрийээччилэр: Бүлүү улууһа, Баппаҕаайы нэһилиэгин «Алаһа» СК🏢
Айхаллааҥ Күн Күбэй Ийэни
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан уонна Саха республиката Ийэ сылын чэрчитинэн “Айхаллааҥ Күн Күбэй Ийэни”
оҕолорго 👶🏻👧🏻 аналлаах куйаар 🌐 ситиминэн
ыытыллар аһаҕас хоһоон күрэҕин түмүгэ
“Тапталбын ырыабар хоһуйан”
Тапталлаахтар күннэригэр аналлаах ырыа тылларын ситэрэн суруй
Читать далее “Тапталбын ырыабар хоһуйан”ОЛУННЬУ ЫЙ 13 КУНЭ — ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ УОННА СУРУК-БИЧИК КҮНЭ!
Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр тубэhиннэрэн, олунньу 13 күнэ төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн бэлиэтэнэр. Бу дьаhал Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан 1996 сыллаахха олохтоммута.
Читать далее ОЛУННЬУ ЫЙ 13 КУНЭ — ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ УОННА СУРУК-БИЧИК КҮНЭ!