От ыйын 13 күнэ улахан мөккүөрдээх. Угус суруйууларга ити күн бааһы киирбит күнүнэн аатанар. Онтон биһиги үөрэтэн көрөрбүтүгэр от-мас муҥутуу үүммүт кэмигэр дойду иччилэрэ ханна эмэ мустан мунньахтыыр эбиттэр. От-мас муҥутуу ситэрэ от ыйын 13 күнүгэр буолар. Ити кэмҥэ хантан абааһы тахсарый? Христанскай итэҕэл саха иччилэрин барытын абааһыга киллэрэр этэ. Ол иһин иччи күнүн абааһы күнэ диэн ааттаабыттара. Өссө бигэргэтиилээх буоллун диэн үөһэттэн түспүт Кунай Хотуурдааҕы эбэн биэрбиттэрэ. Биһиги билигин от ыйын 13-с күнүн дойду иччилэрэ мунньахтыыр күннэрин быһыытынан ааҕабыт.
от ыйын 12 кунугэр туун 12 чаастан сарсын от ыйын 13 кунун туун 12 чааьа туолуор диэри АБААЬЫ мунньага айдаарар тыаьы таьаараар аньыы, сии дьукээр сылдьыллыахтаах, бу сылга аннараа дойдуга аттанар дьон испиэьэгэ оцоьуллар кунэ диэн биьиги ебугэлэрбит сахалар итэгэйэллэрэ. Онон кунду доготторум сэрэнэн сэрбэнэн аргыый а5айдык сылдьын!!!тыаьааман ууьааман, мээнэ кулумэн салыман, улахан улэни улэлээмэн, сахалар Бу кун кэннэ окко киирэллэрэ … Барыта этэнцэ буоллун.
Сир иччилэрэ мунньустан сиргэ-дойдуга дьол түҥэтээри мунньахтыыллар. Ол иһин сарсын уу-чуумпутук сылдьыллыахтаах. Соһуйан дьолу биэрбэккэ тарҕаһыахтара
Читать далее Абааһы мунньаҕа →
Төрөппүттэрбит – холобур буолар дьон
Биһиги ийэбит Прокопьева Мария Алексеевна 1921 сыл от ыйын 1 күнүгэр «Силээн» сиригэр «Бэс балаҕан» диэн өтөххө, күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ, Прокопьева Анна Ивановна. Аҕата, Прокопьев Алексей Семенович. Кинилэр 13 оҕоломмуттарыттан 2 –ки оҕо кыраларыгар төннүбүттэр. Улаатан киһи буолбуттара 11 оҕо эбит. 3 оҕону дьон ииттэ ылбыттар.
Аҕалара Өлөксөй байанайдаах булчута, ийэбит, булт аһынан олорбуппут диэн кэпсээччи.
Читать далее Прокопьева Мария Алексеевна 100 саастаах үбүлүөйэ →
Отрывок Маҥан мастар – Алаһа вокальнай ансамбыл толоруутугар
Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр биһиги сэбиэскэй дойдубутугар алдьархай ааҥнаабыта, Германия хос моонньохторун кытары сэриинэн саба түспүтэ. Ити 1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр этэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмыта. Төһө да кэм-кэрдии ырааттар, көлүөнэттэн көлүөнэ солбуһан кэлэн истэр көҥүл, эйэлээх олох иһин турууласпыттар туһунан кэпсиир, суруйар – биһиги ытык иэспит.
1941 сыл от ыйыгар 1921-23 сыллаах төрүөх эдэр дьону Дьокуускайтан уонна өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыттан сэриигэ ыҥырыы саҕаламмыт.
1941 с. фроҥҥа Саха сириттэн барыта 16 964 киһи барбыт. Кинилэр ол сыл күһүнүгэр бастакы бойобуой сүрэхтэниини ылбыттар уонна сүрүннээн Москва уонна Ленинград оборуонатыгар кыттыбыттар. Сахалар үгүстэрэ нууччалыы билбэт буоланнар, ити улахан ыарахаттары үөскэппитэ. Сэрии бастакы сылларыгар маассабай өлүү буолбута.
1942 сыллаахха мобилизация бэс ыйын 6 күнүттэн саҕаламмыт уонна хас да түһүмэҕинэн ахсынньы 22 күнүгэр диэри ыытыллыбыт. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр барыта 5 863 саллаат ыҥырыллыбыт.
1943 сыллаахха тохсунньу 28 күнүттэн ахсынньы 28 күнүгэр диэри сэриигэ фроҥҥа мобилизация түмүгэр 4 125 саллаат ыҥырыллыбыта.
1944-1945 сыллардаахха барыта 2 160 саллаат (1944 с. — 1 626 буойун, 1945 с. — 534) ыҥырыллыбыта.
САССР 1941-1945 сс. барыта 62 091 саллаат, ол иһигэр 414 дьахтар сэриигэ ыҥырыллыбыта. 32 тыһыынчаттан тахса киһи сэрии хонуутуттан эргиллибэтэх.
Билигин биһиги Аҕа Дойду улуу сэриитин сылларыгар өбүгэлэрбит көрдөрбүт хорсун быһыыларын иһин махтаныах тустаахпыт.
Художник изображения Пантелеймон Васильевич П.
Ыhыах диэн Саха Саҥа дьылын күнэ уонна сайын, айылҕа тыллыытын бэлиэ күнэ. Ыһыах ыйа — бэс ыйа. Биэлэри тутан, кымыс көөнньөрөллөр. Ыһыах туһүлгэтигэр ыраахтан, чугастан кэлбит ыалдьыттар уохтаах кымыһы иһэллэр, үтэһэлээх этинэн күндүлэнэллэр. Илии-атах оонньуутугар күрэхтэһэллэр, оhуохай дьиэрэйэр, ырыа дэлэйэр. Ат сүүрдүүлэрэ ыытыллаллар.
Былыр былыргыттан ыhыах төрүкү күн сайыҥҥы туруутугар буолара, ол эбэтэр бэс ыйын 21—22 күннэригэр. Билигин араас улуустарга, нэhилиэктэргэ уонна сирдэргэ бэс ыйын 10 — 25 күннэригэр ыытыллар.
Сорох чинчийээччилэр этэллэринэн ыһыах Саҥа сылы көрсүү бырааһынньыга буолбатах — күнү көрсүү, Үөһээҥҥи Үрүҥ Айыылар сиргэ саамай чугаһаан турар кэмнэригэр түбэһиннэрэн, Үөһээҥҥи Айыыларга сүгүрүйүү итэҕэл күнэ дииллэр.
“Модун Арассыыйа кэрэ көстүүтэ” диэн куйаар 🌐ситиминэн ыытыллыбыт хаартысканнан📸 күрэх түмүгэ
Арассыыйа күнүн көрсө оҕолорго аналлаах
“Россия былааҕа дойдум бэлиэтэ”
диэн куйаар 🌐ситиминэн ыытыллыбыт күрэх түмүгэ
Сайт сельского дома культуры села Илбенге Вилюйского улуса