Үрүҥ тунах ыһыах уйгулара улааттын

Бэс ыйын 17 күнүгэр кунус 11 ч. төрөөбүт Баппаҕаайыбыт туонатыгар Илбэҥэлиир эбэ түһүлгэтигэр Үрүҥ Тунах ыһыах алгыһа түстэннэ. Унаар түптэни субурутан үрүҥ илгэни түстээтилэр нэһилиэкпит Далбар Хотуттара. Айыы санаалаах алгысчыт Васильев И.Г.- Алгыс Уйбаан уҥа өттүгэр 9 туруйа уолаттардааах, хаҥас өттүгэр 7 кыталык кыыс арыалдьыттаах Аал уот нөҥүө үрдүк айыылартан көрдөһөн , уйгуну-быйаҥы түстээн алгыс түһэрдэ.

“Баппаҕаайы нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ алгыс түһүн иҥэринэҥҥит нус-хас олохтоох , чөл-доруобай туруктаах буолуҥ, үлэҕэ-үөрэххэ үрдүк дабайыылаах, ситиһиилээх буолуҥ “ – диэн нэһилиэкпит аҕа баһылыга Николаев Е.А. бэйэтин тылын анаата.


Үрүҥ тунах ыһыах уйгулара улааттын , төлкөлөрдөөх түһүлгэ төбүрүөнэ кэҥээтин, ырыа тойук дьиэрэйдин, торҕо күөҕэ чэлгийдин, тохтор тойугунан эҕэрдэлээтэ культура бэтэрээнэ Матрена Кириллина.

Оһуор солко охсуллар уһун-суһуох субуллар “Айыллаан” нарын намчы кыргыттара үҥкүүннэн киэргэттилэр. Уйгулаах ыһыахха ылбаҕай ырыаһыттар Туйара Григорьева, Мичил Шамаев дьон көҕүн тардан ырыаннан киэргэттилэр.

Баппаҕаайы сирэ саргыланнын,

Туруук ыччаппыт туругурдун

Алгыс баһа сыаланнын
Дом!Дом!Дом!

Өбүгэм ыллыгынан

Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үрүҥ Тунах Ыһыахха оҕолорго аналлаах куйаар ситиминэн ыытыллар
“Өбүгэм ыллыгынан” күрэх

Б А Л А Һ Ы А Н Н Ь А Т А

Тэрийээччилэр: “Алаһа” сынньалаҥ киинэ

Буолар күнэ-дьыла: Бэс ыйын 21 күнэ.2021с.

Сыала-соруга:

  • Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин батыһан  биһиги эбээлэрбит эһээлэрбит оллоонноон олорон норуот ырыатын-тойугун ыллыыллара – туойаллара, хомустууллара, чабырҕахтыыллара аныгы үйэҕэ кэскил ыччаттарбытыгар истэригэр иҥэринэн, таһааларыгар таҥаннар үөрэх холобур оҥостоллоругар үтүө өйөбүл буоларыгар.
  • Саха төрүт үгэстэрин фольклорун кэнчээри ыччакка үөрэтии;

Күрэх усулуобуйата:

  • Фольклор көрүҥнэриттэн (хомус, чабырҕах, тойук, норуот ырыата) биир сөбүлүүр көрүҥүн толорор.

Күрэх ирдэбиллэрэ:

  • Кыттар оҕо  сахалыы таҥастаах буолуохтаах;
  • Кыттар оҕо видеоҕа уһулан ыытар
  • Кыттар оҕо төлүүр усунуоһа биир көрүҥ 100 солк;
  • Кыттар оҕо видеотын, усунуоһун
    89627358123 нүөмэргэ Туйара Кирилловна Г., эбэтэр
    89644190794 нүөмэргэ Вероника Владимировна Х. ыытаҕыт.

Күрэх түмүгүнэн:

  • Видеолары бэс ыйын 20 күнүгэр диэри ыытаҕыт;
  • Түмүк бэс ыйын 21 күнүгэр тахсар;
  • Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан анал ааттар, бириистэр туттарыллаллар;

Дьөһөгөй оҕотун маанылаах киэргэлэ, сиэдэрэй симэҕэ

Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үрүҥ Тунах Ыһыахха куйаар ситиминэн ыытыллар

“Дьөһөгөй оҕотун маанылаах киэргэлэ, сиэдэрэй симэҕэ” күрэх

Б А Л А Һ Ы А Н Н Ь А Т А

Тэрийээччилэр: “Алаһа” сынньалаҥ киинэ

Буолар күнэ-дьыла: Бэс ыйын 21 күнэ.2021с.

Сыала-соруга:

  • Саха сылгытын сиэдэрэй симэҕин куйаар ситиминэн киэҥ эйгэҕэ таһаарыы;
  • Ат көлө үгэс буолбут кэрэ симэҕин көрдөрүү;
  • Саха омук үгэстэрин үйэтитии;

Күрэх усулуобуйата:

Ат көлө кэрэ көстүүлээх киэргэлэ чаппараах, кычым, лэпсэ тикпит дьон кыттыыны ылар. Хаартыскаҕа түһэрэн коллаж оҥорон ыытар.

Күрэх ирдэбиллэрэ:

  • Кыттааччы киһи тикпит ат симэҕин таһыгар хаартыскаҕа баар буолуохтаах, сахалыы таҥастаах түспүтэ биһирэнэр;
  • Кыттааччы төлүүр усунуоһа биир көрүҥ 100 солк;
  • Кыттар киһи хаартыскатын, усунуоһун
    89627358123 нүөмэргэ Туйара Кирилловна Г., эбэтэр
    89644190794 нүөмэргэ Вероника Владимировна Х. ыытаҕыт.

Күрэх түмүгүнэн:

  • Хаартыскалары бэс ыйын 20 күнүгэр диэри ыытаҕыт;
  • Түмүк бэс ыйын 21 күнүгэр тахсар;
  • Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан туоһу суруктар, бириистэр туттарыллаллар;

Кэрэмэн өҥ киэргэллээх, Кылаан түү кыбытыылаах Саха мааны таҥаһа

Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үрүҥ Тунах Ыһыахха куйаар ситиминэн ыытыллар

“Кэрэмэн өҥ киэргэллээх, Кылаан түү кыбытыылаах Саха мааны таҥаһа”

Тэрийээччилэр: “Алаһа” сынньалаҥ киинэ

Буолар күнэ-дьыла: Бэс ыйын 11 21 күннэрэ.2021с.

Сыала-соруга:

  • Саха омуга таҥнар таҥаһын ураты көстүүтүн, быһыытын-таһаатын, ойуутун, дьэрэкээнин, сайыннаран, харыстаан үйэлэри уҥуордаан билиҥҥэ диэри кэлбитин тириэрдии;
  • Саха таҥаһын тигэр нэһилиэк иистэнньэҥнэрин куйаар ситиминэн киэҥ эйгэҕэ таһаарыы;
  • Саха таҥаһын тиктэн, ыһыахха көхтөөхтүк кэтиини нэһилиэккэ тарҕатыы, таһаарыы;

Күрэх көрүҥнэрэ:

  • Сахалыы таҥастаах дьиэ кэргэнинэн (ийэ, аҕа, эбээ, эһээ, оҕо, сиэн, хос сиэн);
  •  Дьахтар, эр дьон (сахалыы таҥастаах);
  • Оҕолор (сахалыы таҥастаах);
  • Сахалыы таҥнан хаартыскаҕа түһэн ыытаҕыт;

Күрэх ирдэбиллэрэ:

  • Кыттар дьон сахалыы таҥаһа толору баар буолуохтаах;
  • Кыттар дьон ааттара-суоллара, араспаанньалара хаартыскаҕа ыйыллар;
  • Кыттар дьон төлүүр усунуостара биир көрүҥ 100 солк;
  • Кыттар дьон хаартыскаларын, усунуостарын
    89627358123 нүөмэргэ Туйара Кирилловна Г., эбэтэр
    89644190794 нүөмэргэ Вероника Владимировна Х. ыытаҕыт.

Күрэх түмүгүнэн:

  • Хаартыскалары бэс ыйын 20 күнүгэр диэри ыытаҕыт;
  • Түмүк бэс ыйын 21 күнүгэр тахсар;
  • Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан анал ааттар, бириистэр туттарыллаллар;

“Тиэргэммэр ыһыах түһүлгэтэ”

Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үрүҥ Тунах Ыһыахха
куйаар ситиминэн ыытыллар
“Тиэргэммэр ыһыах түһүлгэтэ”
диэн күрэх
Б А Л А Һ Ы А Н Н Ь А Т А
Тэрийээччилэр: “Алаһа” сынньалаҥ киинэ
Буолар күнэ-дьыла: Бэс ыйын 21 күнэ 2021с.

• Былыргы ыһыахтарга ыытыллар биир көхтөөх үгэһин сөргүтүү;
• өбүгэ үгэһин дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыы, сайыннарыы
• Нэһилиэк дьоно – сэргэтэ ыһыахха кыттыыларын куйаар ситиминэн көҕүн тардыы, көрдөрүү;

Күрэх усулуобуйата:
• Тиэргэн түһүлгэтэ араас саламаннан, сахалыы тыыны тиэрдэр киэргэллэр, иһит хомуос, олбохтор уо. д. а. киэргэтиллибит буолуохтаах.

Күрэх ирдэбиллэрэ:
• Кыттааччы ыал сайаапкатын эрдэттэн былааннаан ыытара ирдэнэр;
• Кыттааччы ыал төлүүр усунуоһа биир көрүҥ 100 солк;
• Кыттар дьон усунуостарын
89627358123 нүөмэргэ Туйара Кирилловна Г., эбэтэр
89644190794 нүөмэргэ Вероника Владимировна Х. ыытаҕыт.

Күрэх түмүгүнэн:
• Сайаапканы бэс ыйын 20 күнүгэр диэри ыытаҕыт;
• Түмүк бэс ыйын 21 күнүгэр тахсар;
• Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан анал ааттар, бириистэр туттарыллаллар;

Саха атынан Өймөкөөнтөн – Москвага- Берлиҥҥэ

Ыам ыйын 29 күнүгэр 2021с. Саха автономията тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах “Саха атынан Өймөкөөнтөн-Москвага- Берлиҥҥэ” бырайыак кыттыылаахтара Бүлүү улууһугар үктэннилэр. Бүлүү улууһугар бастакыннан Баппа5аайы нэһилиэгэр күндү ыалдьыт буоллулар.
Хорсун хоодуот, эдэрдии эрчимнээх саха ыччаттара Дугуйдан Винокуровка уонна Мичил Неустроевка туруоруммут сыалгытын ситиһэргитигэр баҕарабыт

«Биһиги пионердарбыт …»

«Биһиги пионердарбыт …»
“Алаһа” СК үлэһиттэрэ Никитина А.Н., Сидорова А.М., Николаева А.А., Григорьева Т.К., Николаева Е.Е., Харлампьева В.В. -пионер буола сылдьыбыппыт. Араас кэмҥэ, араас нэһилиэккэ Ленин төбөлөөх значогу , кыһыл хаалтыһы иилинэн пионердаабыт кэммитин хаһан да умнубаппыт.

Сайт сельского дома культуры села Илбенге Вилюйского улуса