Ыам ыйын 31 күнүгэр Баппаҕаайыга нэһилиэк инники сайдыытыгар олус улахан суолталаах тэрээһин буолан ааста. Ол курдук “ЭРЭЛ” спортивнай саалаҕа биир дойдулаахпыт, Баппаҕаайылар холобур оҥостор, киэҥ туттар киһибит Саха АССР физкультурнай- спортивнай хамсааһынын салайааччыта, Саха Сирин спорткомитетын председателя, Саха сиригэр Манчаары оонньууларын төрүттээччи, оһуохайдьыт,алгысчыт, биир дойдулаахпыт АЛЕКСЕЕВ АФАНАСИЙ ЕГОРОВИЧ аатын үөрүүлээх-быһыыга иҥэрдибит.
“ЫҺЫАХ МААНЫЛААХ ТАҤАҺА”
сахалыы таҥас күрэҕэр кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.
Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы,
Саха республикатыгар Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үйэтитии сылларынан
Баппаҕаайы нэһилиэгин – Түөлбэм төрүттүүр ыһыаҕар
“ЫҺЫАХ МААНЫЛААХ ТАҤАҺА”
сахалыы таҥас күрэҕэр кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.
Буолар күнэ: Бэс ыйын 15 күнэ.2023с.
Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ
Кыттааччылар бөлөххө арахсаллар:
- Эр дьон сахалыы таҥаһа;
- Дьахтар сахалыы таҥаһа;
- Оҕолорго: 1-3саастаах оҕолор;
4-6 саастаах оҕолор;
7-9 саастаах оҕолор;
10-12 саастаах оҕолор;
Таҥаскытын муодалаан хааман көрдөрө5үт.
Күрэх түмүгүнэн бөлөх аайы кыайыылаахтар грамоталарынан уонна өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадаланыахтара
Кэлиҥ, кыттыҥ, саха бастыҥ бырааһынньыгын маанылаах таҥаһын көрдөрүҥ.
Сиһилии билсэр нүөмэргит 89627358123
Читать далее “ЫҺЫАХ МААНЫЛААХ ТАҤАҺА”ЫЛЛЫЫР-ТУОЙАР ОҔО СААС – оҕолорго ырыа күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥырабыт
Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы,
Саха республикатыгар Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үйэтитии сылларынан
Баппаҕаайы нэһилиэгин -Түөлбэм төрүттүүр ыһыаҕар
“ЫЛЛЫЫР-ТУОЙАР ОҔО СААС”
оҕолорго ырыа күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥырабыт
Буолар күнэ: Бэс ыйын 15 күнэ 2023 сыл
Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ
Кыттааччы оҕолор 2 бөлөххө арахсаллар
I – бөлөххө оскуола иннинээҕи 5-7 саастаахтар;
II – бөлөххө 8-10 саастаахтар.
Күрэххэ кыттыы ирдэбиллэрэ
- Кыттааччы оҕо биир ырыаны толорор, үлэ, дойду, айылҕа, сайын туһунан;
- Ырыаны толороругар сөп түбэһэр таҥаһа- саба.
Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтар грамоталарынан уонна өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадаланыахтара
Күндү оҕолор актыыбынай кыттыыны ылыҥ!
Сиһилии билсэр нүөмэргит 89627358123
Читать далее ЫЛЛЫЫР-ТУОЙАР ОҔО СААС – оҕолорго ырыа күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥырабыт“ӨБҮГЭ УТУМУНАН” дьиэ кэргэн күрэҕин балаһыанньата
Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы,
Саха республикатыгар Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үйэтитии сылларынан
Баппаҕаайы нэһилиэгин -Түөлбэм төрүттүүр ыһыаҕар ыытыллар
“ӨБҮГЭ УТУМУНАН”
дьиэ кэргэн күрэҕин балаһыанньата
Буолар күнэ: Бэс ыйын 15 күнэ.2023с.
Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ
Күрэх көрүҥнэрэ:
- Күн төгүрүк алаадьы буһарыыта(ыал ийэтэ);
- Үөтүнэн оҕуһу, ынаҕы, ньирэйи оҥорор(ыал аҕата);
- Күүгүнэйинэн оҕо тыас таһаарар(оҕо кыттар);
- Түү мээчиги быраҕыы(дьиэ кэргэн бары кыттар);
Күрэх ирдэбиллэрэ:
- Алаадьыны буһарыытыгар(газ оһох, сковородка, ст.ложка, 0,5л.алаадьы тиэстэтэ, мас арыыта уонна туттар тэрилин) ийэ аҕалар;
- Эр киһи мас оҥоһуктарын 15-20мүн. оҥоруохтаах(быһах аҕалар);
- Оҕо күүгүнэйин оҥорон аҕалар;
- Кыттар дьиэ кэргэн сахалыы таҥастаах кыттар;
- Кыайыылаах дьиэ кэргэҥҥэ спонсордар, тэрийээччилэр бириистэрэ уонна грамоталар туттарыллаллар;
Кэлиҥ, кыттыҥ өбүгэбит үгэстэрин сөргүтүөҕүҥ!
Читать далее “ӨБҮГЭ УТУМУНАН” дьиэ кэргэн күрэҕин балаһыанньатаСпасибо за знания, за доброту и воспитание!
23 мая в селе Илбенге прозвенел «Последний звонок» для выпускников Баппагайинской СОШ им.М.А.Алексеева в Досуговом Центре “Алаһа”.
В этом году школу заканчивают 6 учеников. Красивые, нарядные выпускники под руку с родителями поднялись на сцену под аплодисменты зрителей.
Читать далее Спасибо за знания, за доброту и воспитание!Ыам ыйын 27 күнэ – Бүтүн Россиятааҕы библиотека күнэ
Николай Николаевич Антонов
(05.05.1928 – 27.06.1999)
Николай Николаевич Антонов 1928 с. ыам ыйын 5 күнүгэр Баппаҕаайы нэһилиэгин Сортуол учаастагар Билиистээх эбэ хотуҥҥа күн сирин көрбүтэ. 1949 с. Баппаҕаайы ситэтэ суох оскуолатын бүтэрбитэ. Итинтэн салгыы үөрэххэ баҕалаах уол кооперативнай техникум пушно-охотоведческай отделениетыгар туттарсан киирэр, онтон доруобуйатын туругунан уурайар. 1966 с. культпросвет училищены библиотекарь идэтин ылан бүтэрэр.
Читать далее Ыам ыйын 27 күнэ – Бүтүн Россиятааҕы библиотека күнэЫрыа күнэ
Ырыа олоҕу кытта тэҥҥэ сайда турар норуот тыына, сомоҕолуур күүс, олох дьүөрэтэ уонна доҕуһуола. Саха ырыатын сайдыытын баай ис хоһоонноох устуоруйатын сэгэтэн көрөр эбит буоллахха, саха ырыата кэм кэрдии тэтиминэн үүнэр, сайдар, саҥаттан саҥа таһымҥа тахсар. Ырыаны иһиттэхпитинэ, үөрэммит ытыыбыт, санаабыт сайҕанар, уйулҕабыт уһуктар.
Ырыа барахсан, ырыа
Мин, ыал буолар доҕорбунуун,
Ыалдьыттыыр атаспыныын,
Ыраах, омук да дьонунуун
Ыпсаран, ситэрэн кэпсэтэр
Ырыа диэн аргыстаахпын!
Ыарыыбын да аһарынарбар,
Ыксыыр мунар да түгэммэр,
Үөрүүбүн да үллэстэрбэр,
Дьолбуттан дьоҥҥо бэрсэрбэр,
Ырааска кэрэҕэ угуйар
Ырыа диэн сирдьиттээхпин!
Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үйэтитии сылынан ыллаан-туойан ааспыт ырыаһыт далбар хотуттарбытын ахтан-санаан ааһыаҕыҥ. Кинилэр нэһилиэк культурнай-общественнай олоҕор бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэрэ, ырыа алыбар ылларан кэрэ куоластарынан көрөөччүлэр дууһаларын долгуппуттара, үөрдүбүттэрэ.
Читать далее Ырыа күнэСибээс олохтонуута
Урут биьиги нэһилиэкпитигэр почтаны (суругу, хаһыаты) Орто Бүлүүттэн аттаах киһи(кольцевик) таһара. Кольцевигынан Харлампьев Г.Д. үлэлээбитэ.
1951 сыллаахха куораты кытта сибээстэһэргэ аналлаах илииннэн үлэлэтэр мотуордаах рация олохтоммута. Манна бастаан радистарынан Макаров (Абырахсирэй), Голованенко Ю.Н., Васильев Егор Васильевич үлэлээбиттэрэ. 1961 сылтан сибээс Баппаҕаайытааҕы отделениета аһыллыбыта.
Бастакы начальнигынан Павлов Василий Алексеевич кэлэн үлэлээбитэ. Онтон Корякин Степан, Попов Макарий улэлии сылдьыбыттара. Почта начальнигынан өр сылларга Петров Иван Тимофеевич үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Иван Тимофеевич үлэтигэр бэриниилээҕэ, чуолкайа, Табаарыстыы суут председателинэн үлэлээн нэһилиэнньэ ытыктабылын ылбыта.
1956 сыллаахха Дьокуускай- Бүлүү икки ардыларыгар телефон линията тардыллыбыта. Онон сибээс коммутатор нөҥүө олохтоноро. 1957-62 сс. 11 №дээх ЛТУ диэн тэрилтэ Илбэҥэҕэ кииннээн үлэлээбитэ. Онно начальнигынан Малышев Р. В., Иванов Н.И. үлэлээн сылдьыбыттара. 1966 сыллаахха Лөкөчөөн учаастагар усилительнай станция дьиэтэ тутуллан бүппүтэ.Сибээс ити сылларга коммутатор нөҥүө кэпсэтиллэр буолан кэккэ ыарахаттардаах этэ.
Баппаҕаайынэһилиэгэр сибээс отделениетын начальнигынан 17 сылустата (1967-83 сс.) Алексеев Федор Алексеевич, коммутаторынан Васильева Елизавета Алексеевна, монтерунан Харлампьев Константин Гаврильевич үлэлээбиттэрэ.
Ытыктыыбыт эһигини күндү бэтэрээннэрбитин
Баппаҕаайы нэһилиэгэр 11 тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ уонна 10 сэрии кэмин оҕолоро олороллор. Кыайыыны уһансыбыт ытык кырдьаҕастарбытын дьиэлэринэн кэрийэ сылдьан эҕэрдэлээтибит. Улуус, нэһилиэк дьаһалталарын бэлэхтэрин туттардылар дьаһалта баһылыга Николаев Е.А. , бэтэрээн сэбиэтин салайааччыта Николаева А.А. Самодеятельность кыттыылаахтара ыллаан-туойан эҕэрдэлээтилэр.
1941-1945 сс. Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 78 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр.
Ыам ыйын 9 күнүгэр сарсыарда 11 ч Баппаҕаайы нэһилиэгин Кыайыы болуоссатыгар нэһилиэк олохтоохторо, оҕолор Кыайыы 78 сылын көрсө үөрүүлээх миитиҥҥэ муһуннулар. Тэрээһини иилээн- саҕалаан ыытта “Алаһа” СК . Эҕэрдэ тылы эттэ нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Николаев Е.А. , бэтэрээн сэбиэтин салайааччыта Николаева А.А. кэлэр көлүөнэ ыччакка Кыайыы суолтатын , өлбөт-сүппэт өйдөбүлүн туһунан кэпсээтэ. Дойду үрдүнэн буола турар балаһыанньаны сөпкө өйдөөн нацизмы утары бары биир күүс сомоҕо буоларга ыҥырда.
М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолатын оҕолоро “Музыка для всех” проегынан Үлэ сылыгар аналлаах “Салют к Победе” конкурска 3 ст .Лауреат хаһаайыннара 3-4 кылаас үөрэнээччилэрин “Веселые нотки” хор толоруутугар “Албан ааттаах суолларынан”, “Музыка для всех” проегынан Үлэ сылыгар аналлаах “Салют к Победе” 5 республиканскай “Мальчишки поют” конкурска 2 ст. Дипломант хаһаайыннара 2 кылаас уолаттара “Мин Саха уолабын” ырыалары ыллаан эҕэрдэлээтилэр.