Күлүү эмтээх, күлэ – үөрэ сылдьар киһи уһун үйэлэнэр, чөл куттаах, чэгиэн, чэбдик буолар диэн этиллэр. Былыр – былыргаттан, олоххо баар көрдөөх – күлүүлээх түгэннэр, эмиэ даҕаны дьон бэйэ – бэйэтигэр сыһыаныгар киһи бэркиһиир, кэлэйэн күлэр да суоллара баар. Көрдөөх сценкалары көрүү күүстээх үлэ кэнниттэн аралдьыйан саҥа күүһү – эрчими ииттинэргэр көмөлөһүө, бүгүҥҥү олох кыһалҕаларын кыайарга тирэх буоллун.
Читать далее Муус устар 1 күнэ КӨР – КҮЛҮҮ күнэ“БАЯН ДОЛГУТАР ТЫАҺЫНАН – ӨССӨ ЫЛЛАА”
Кулун тутар 25 күнүгэр Баппаҕаайы нэһилиэгэр хаһан да буолбатах дьоро киэһэ буолла. баянист, ырыаһыт Николай Семенович Платонов аатын үйэтитэн “Баян долгутар тыаһынан – өссө ыллаа” баянистарга аналлаах аһаҕас ырыа күрэҕэ бэрт сэргэхтик ыытылынна.Куонкурус саҕаланыытыгар Платонов Н.С. оҕолоро, быраата нэһилиэк дьаһалтатыгар, Алаһа СК коллективыгар, махтал тыллары эттилэр бэлэхтэрин туттардылар. Уола Виктор Николаевич Саха сирин транспорын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин авиациятын бочуоттаах үлэһитэ, авиация бэтэрээнэ, СӨ баянистарын союһун чилиэнэ, самодеятельность кыттыылааҕа баянынан ыллаан дойдутун дьонун үөртэ. Хос эһээтин туйаҕын хатарар сиэнэ Ян Арктикатааҕы култуура институтун студена аккордеоҥҥа эһэтэ баяҥҥа оонньоон сүрдээх үчүгэй нүөмэри көрдөрдүлэр.
Куонкуруска Дьокуускай куораттан, Нам, Кэбээйи, Горнай, Хаҥалас, Бүлүү улуустарыттан 7 ырыаһыт -баянист кыттыыны ыллылар. Кыттааччылар 2 лии ырыаны толордулар, бастакыннан Үлэ, үөрэх туһунан, иккиһинэн бэйэлэрэ сөбүлүүр ырыаларын. Бииртэн биир талааннаах дьон баяннарын тыаһынан ырыаларынан көрөөччүнү долгуттулар.
“Баян долгутар тыаһынан – өссө ыллаа”
Кулун тутар 21 күнэ Саха Сиригэр Сылгыһыт күнэ
Сылгыһыт – ыарахан уонна эппиэттээх үлэ. Киһи эрэ барыта сылгыһыт буолан төрөөбөт, сылгыһыт уустук идэтин талбат. Кыһыннары-сайыннары биир өрөбүлэ суох ыҥыыр үрдүгэр олорон, сыһыылары сыыйан, алаастары кэрийэн, үрэхтэри быһан, сыспай сиэллээҕи көрүү-истии ыарахан,уустук үлэ.
Читать далее Кулун тутар 21 күнэ Саха Сиригэр Сылгыһыт күнэОлох-дьаһах коммунальнай тэрилтэтэ (ЖКХ)
Маһынан оттуллар ититэр система аан бастаан оскуолаҕа 1980 сыллаахха киирбитэ. Ол иннинэ нэһилиэк Сэбиэтин дьиэтэ 70-с сылларга автономнай маһынан ититэр систиэмэ этэ. Олох сайдыытын кытта сопхуос саҕана гаражтар аан бастаан ититэр систиэмэҕэ холбоммуттара. Сопхуос ыһыллан котельнайдар оттуктарын хааччыйыы боппуруоһа сытыытык турбута. Ол иһин 1992 сыллаахха олохтоох дьаһалта иһинэн олох-дьаһах коммунальнай тэрилтэтэ тэриллибитэ, онтон 1994 сыллаахха улуус иһинэн олох-дьаһах коммунальнай тэрилтэлэрэ, Баппаҕаайыга ОДьКХ учаастага үлэтин саҕалаабыта. Нэьилиэккэ улахан суолталаах үлэ5э үтүө суобастаахтык, үлэлэригэр бэриниилээхтик үлэлээбит дьоннорунан буолаллар:
Читать далее Олох-дьаһах коммунальнай тэрилтэтэ (ЖКХ)Олох-дьаһах комбинатын Баппаҕаайытааҕы филиала
Бүлүүтээҕи быткомбинат филиала Баппаҕаайыга 1972 сыллаахха иистэнньэҥ Мыреева көҕүлээһининэн арыллыбыта. Онтон ыла элбэх киьи үлэлээн-хамсаан, иистэнэн, атах танаһын улларан ааспыта. Атах таҥаһын улларааччынан үтүө суобастаахтык үлэлээн ааспыттара:
Читать далее Олох-дьаһах комбинатын Баппаҕаайытааҕы филиалаАнал байыаннай дьайыыга көмө салҕанар
Кулун тутар ыйга Баппаҕаайы дьахталларын сэбиэтэ ( сал.Жиркова И.Н.) Кыайыы чүмэчитэ акцияҕа кыттыһан 85 блиндажнай чүмэчилэри бэйэлэрэ оҥорон байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ыытарга бэлэмнээтилэр.
“Оҥорсубут кыргыттарга махтал, үтүө санааҕыт көмөҕүт куруук холобур буоллун. Доруобай дьоллоох буолуҥ. Барыгытыгар эйэни, ыраас халлааны баҕарабын”- диэн махталын тиэрдэр Ирина Николаевна Жиркова, нэһилиэк дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
Читать далее Анал байыаннай дьайыыга көмө салҕанар“Кэрэ талба кийииттэр”
Кэрэ Куо кыргыттарбытын,
Эриэккэс эдьиийдэрбитин,
Күн Күбэй ийэлэрбитин,
Эйэҕэс эбээлэрбитин
Кэлэн иһэр аан дойду дьахталларын күнүнэн итиитик-истиҥник эдҕэрдэлиибит.
“БАЯН ДОЛГУТАР ТЫАҺЫНАН – ӨССӨ ЫЛЛАА”
⚜️⚜️⚜️Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы,
Саха сиригэр үлэ, Бүлүү улууһугар доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр үйэтитии сылларынан⚜️⚜️⚜️
Баппаҕаайы нэһилиэгиттэн төрүттээх сыана бэтэрээнэ, ырыа айааччы, баянист, ырыаһыт *Николай Семенович Платонов * аатын үйэтитэн
🎼 “БАЯН ДОЛГУТАР ТЫАҺЫНАН – ӨССӨ ЫЛЛАА”
баянистарга аналлаах аһаҕас ырыа күрэҕин
б а л а һ ы а н н ь а т а:
Күрэх ыытыллар кэмэ: Кулун тутар 25 күнэ, 2023с.
Буолар сирэ: Бүлүү улууһа, Илбэҥэ сэл. “Алаһа” СК
Ырыаһыт Николай Семенович Платонов аатын үйэтитэн “БАЯН ДОЛГУТАР ТЫАҺЫНАН – ӨССӨ ЫЛЛАА” баянистарга аналлаах аһаҕас ырыа күрэҕин балаһыанньата
Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы,
Саха сиригэр үлэ, Бүлүү улууһугар доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр үйэтитии сылларынан
Баппаҕаайы нэһилиэгиттэн төрүттээх сыана бэтэрээнэ, ырыа айааччы, баянист, ырыаһыт Николай Семенович Платонов аатын үйэтитэн
“БАЯН ДОЛГУТАР ТЫАҺЫНАН – ӨССӨ ЫЛЛАА”
баянистарга аналлаах аһаҕас ырыа күрэҕин
балаһыанньата:
Күрэх ыытыллар кэмэ: Кулун тутар 25 күнэ, 2023с.
Буолар сирэ: Бүлүү улууһа, Баппаҕаайы нэһилиэгэ. Алаһа СК
Тэрийээччилэр: