Архив метки: 100

Убаастабыллаах нэһилиэк олохтоохторо, ыалдьыттар күндү оҕолор!

Сэтинньи 18 күнүгэр 

Баппа5аайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105 сылыгар, ССРС Народнай Учуутала Михаил Андреевич Алексеев 105 сааһыгар,  Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар аналлаах тэрээһин

ПРОГРАММАТА:

Буолар бириэмэтэТэрээһин аатаБуолар сирэ
11.00 ч.    Спорт уонна физкультура  министерствотын үлэһиттэрин кытта көрсүһүү.  М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолата
14.00 чСпортивнай күрэхтэһиилэри үөрүүлээхтик арыйыы. Нэһилиэк олохтоохторугар күргүөм  зарядка.  “Эрэл” спортсаала
15.00 чБаппаҕаайы, Лөкөчөөн нэһилиэгин икки ардыгар спортивнай күрэхтэргэ табаарыстыы көрсүһүү -Волейбол – Хабылык -Хаамыска -Дуобат -Саахымат – Дартс -Оҕунан ытыы  “Эрэл” спортсаала          
18.00 ч.“Сүдү учуутал сахпыт кыымын күөдьүтэн” ССРС народнай  учуутала М.А. Алексеев 105 сааһыгар анаан тахсыбыт альбом-кинигэ сүрэхтэниитэ.  “Алаһа” СК
19.00 ч.Баппаҕаайы нэһилиэгин баһылыгын эҕэрдэтэ Наҕараадалары туттарыы Баппаҕаайы Лөкөчөөн нэһилиэгин самодеятельноһын кыттыылаахтарын улахан КЭНСИЭРЭ  “Алаһа” СК       Киирии билиэт: ул.дьоҥҥо 200 солк. оҕолорго 100 солк  

Нэһилиэк олохтоохторо тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыҥ!


«Төрүттүүр төрүт түөлбэ» күөн-күрэһин
балаһыанньата

Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105,
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн
түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллар
«Төрүттүүр төрүт түөлбэ» күөн-күрэһин
балаһыанньата
Буолар күнэ-дьыла: Бэс ыйын 16 күнэ.2022с.
Буолар сирэ: Ыһыах түһүлгэтэ
Тэрийээччилэр: “Алаһа” сынньалаҥ киинэ

Читать далее «Төрүттүүр төрүт түөлбэ» күөн-күрэһин
балаһыанньата

Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыахха улахан 100 киһилээх хор

✨ Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105 ,
✨ ССРС Народнай учуутала М.А.Алексеев төрөөбүтэ 105,
✨ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн ыытыллар бэс ыйын 16 күнүгэр Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыахха улахан 100 киһилээх хор туруохтаах. Нэһилиэк олохтоохторо, тэрилтэлэрэ, самодеятельность кыттыылаахтара бары биир санааннан салайтаран активнай кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт ✊✊✊
🤩 Хор ырыата “Төрөөбүт дойду туһунан ырыа” .
⭐ Бэлэмнэнии күн аайы 5 чаастан “Алаһа” СК буолар.

Читать далее Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыахха улахан 100 киһилээх хор

“ТУОЙАБЫН ИЙЭ СИРБИН”

Убаастабыллаах нэһилиэк олохтоохторо, ыалдьыттар, оҕолор!
Муус устар 30 күнүгэр 2022 сыл

1. “100 лет мечты” Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн уһуллубут киинэни көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
Саҕаланар 18:30 чаастан.

2. Россияҕа норуоттар култуураларын нэһилиэстибэтин, Саха сиригэр Ийэ сыла, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыларыгар ыытыллар

“ТУОЙАБЫН ИЙЭ СИРБИН”

ырыа күрэҕин көрөргүтүгэр ыҥырабыт
Саҕаланар 19 чаастан

Буолар сирэ “Алаһа” СК
Киирии билиэт улахан дьоҥҥо 200 солкуобай, оҕолорго 100 солкуобай.

Күндү көрөөччүлэр, истиҥ истээччилэр кэлиҥ, көрүҥ ытыскыт тыаһын кыттааччыларга бэлэхтээҥ.

Баппа5аайыга күргүөм оһуохай

Муус устар 27 күнэ Саха Автономията төрүттэммитин оруобуна 100 сыла. Бу күн Баппаҕаайы нэһилиэгэр 100 сылынан 100 киһи кыттыылаах күргүөм оһуохай ыытылынна . “Эрэл” спортсаалага күнүс 14 ч сахалыы таҥастаах дьон-сэргэ тоҕуоруһа муһунна. Өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан тэрээһини Саха Өрөспүүбүлүкэтин гиминиттэн саҕалаатыбыт, нэһилиэк дьонун эҕэрдэлээтэ Баппаҕаайы нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Гаврил Иванович Алексеев. Мустубут дьон төбүрүөннээн түмсэн күргүөм оһуохайын төрүттээтилэр. Оһуохайы бастакыннан таһаарда самодеятельность кыттыылааҕа оһуохайдьыт Иван Кимович Иванов, салгыы эттэ култуура ветерана, тойуксут, оһуохайдьыт Матрена Егоровна Кириллина. Оһуохайы салҕаата эдэр этээччи оҕолору фольклорга уһуйааччы Марина Ивановна Афанасьева, түмүктээтэ кэскиллээх оһуохай этээччи Баппаҕаайы орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ Сандал Антонов. Күргүөм оһуохайга 116 киһи (ол иһигэр 12 оҕо) кыттыыны ылла. Үөрүүлээх оһуохай кэннэ өбүгэ оонньуулара: ох саанан ытыы, түү мээчиги таба быраҕыы, хабылык, хаамыска, таайбараҥ атыы-эргиэн ыытылыннылар, Өйдөбүнньүк уопсай хаартыскаҕа түстүлэр.Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон көхтөөхтүк кытыннылар үөрүү-көтүү өрөгөйдөөтө.

Оhуохай
Читать далее Баппа5аайыга күргүөм оһуохай

Прокопьева Мария Алексеевна 100 саастаах үбүлүөйэ

Төрөппүттэрбит – холобур буолар дьон
Биһиги ийэбит Прокопьева Мария Алексеевна 1921 сыл от ыйын 1 күнүгэр «Силээн» сиригэр «Бэс балаҕан» диэн өтөххө, күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ, Прокопьева Анна Ивановна. Аҕата, Прокопьев Алексей Семенович. Кинилэр 13 оҕоломмуттарыттан 2 –ки оҕо кыраларыгар төннүбүттэр. Улаатан киһи буолбуттара 11 оҕо эбит. 3 оҕону дьон ииттэ ылбыттар.
Аҕалара Өлөксөй байанайдаах булчута, ийэбит, булт аһынан олорбуппут диэн кэпсээччи.

Читать далее Прокопьева Мария Алексеевна 100 саастаах үбүлүөйэ