Быйыл Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105, Народнай учуутала М.А.Алексеев төрөөбүтэ 105 сылыгар, Саха АССР төрүттэммитэ 100 уонна нэһилиэкпитигэр дьиэ кэргэн сылларыгар аналлаах “Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыах” үөрүүлээхтик буолан ааста.
Ыһыах аһыллыытыгар түһүлгэҕэ тоҕус эдэр ыаллара киирэн тоҕус томторҕолоох түптэ маҥан буруотун унаарытан ыраастаан арчылаатылар.
Архив метки: 2022
Саҥа дьыллааҕы «Ааһан эрэр сыл түмүктэрэ»
Ааһан эрэр 2021 сыл түмүгүн бэлиэтиир дьоллоох чаас туһаайда! Дойдубут үрдүнэн наука уонна технология сыла, Өреспуубулукэбитигэр уонна нэһилиэкпитигэр Доруобуйа сыллара, улууспутугар Дойдуга бэриниилээх буолуу сыллара биллэриллибитэ.
Кэннибитин эргиллэн, сыл түмүктэрин санаан – ахтан ааһыаҕыҥ. Төһө даҕаны олохпут тутула ыараханын иһин, Баппаҕаайы нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ олорон хаалбакка кыахтара баарынан үлэлээн- хамнаан, туруулаһан туран, ыарахаттартан чаҕыйбакка олорон кэллибит.