Саха АССР доруобуйатын харыстабылын министерствотын 119 №-дээх бирикээhинэн 1938 сыллааахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр биэс миэстэлээх фельдшерскэй-акушерскай пуун аhыллыбыта. Ити 125 кв.км хабар билиҥҥи Лѳкѳчѳѳн, Баппаҕаайы нэhилиэктэрин сирин уонна Танара үрэххэ кѳмүс хостонор сирин эмиэ хабара, нэhилиэнньэтэ 910 киhи. Фельдшеринэн Тобольскайдааҕы фельдшерскэй-акушерскай оскуоланы бүтэрбит Желтовская Нина Петровна – сэбиэдиссэйинэн, Жернова Полина Ивановна – акушерканан ананан үлэлээбиттэрэ. Медпууҥҥа аналлаах дьиэ суоҕа, оччолорго нэhилиэк сэбиэтин исполкомун председателинэн Таскин Егор Николаевич үлэлиирэ, кини сельсовет дьиэтин медпууҥҥа анаан онорторон биэрбитэ. Андреев, Ворошилов, Сталин колхозтар күүстэринэн саҥа балыыhа дьиэтэ 1938-39 сылларга тутуллан үлэҕэ киирбитэ.
Трахома (одуруун) ыарыытын суох оҥорор сыалтан 1964 с. Сортуол, Арыылаах учаастактарыгар фельдшерскэй-акушерскай пууннар тэриллэ сылдьыбыттара.
Биhиги нэhилиэкпитигэр 1938 с. бастакы анал үѳрэхтээх эмп үлэhиттэрэ кэлбиттэрэ. Кинилэр кэннилэриттэн утуу-субуу фельдшерскэй-акушерскай пуун үлэhиттэрэ кэлитэлээн барбыттара. Олор истэригэр биhиги биир дойдулаахтарбыт үлэлээн-олорон ааспыттара.
Читать далее Баппаҕаайы участковай балыыһата