Баппаҕаайы нэһилиэгэр колхоз, совхоз саҕаттан араас кэмнэргэ көмүс көлөһүннэрин тоҕон, бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит сүрүн үлэлээх тырахтарыыстар буолаллар. Кыһыҥҥы тымныыга тоҥон, сайыҥҥы куйааска буһан олохторун кытаанах тимир көлө тыраахтар үрдүгэр анаабыт дьоммут оту – маһы тиэйэр – таһар үлэлэргэ ууруллара.Ол курдук Иванов Егор Алексеевич 1957сыллаахха трактористар куурустарыгар үөрэнэн кэлэн 60-ныс сыллар саҕаланыыларыгар бастакы Т – 54 мааркалаах тыраахтарынан үлэтин саҕалаабыта. Онтон кэлин утуу – субуу араас мааркалаах тыраахтардар кэлитэлээн барбыттара. Оччоттон оскуолаҕа тыраахтар уруогун үөрэтэллэрэ. Оскуоланы бүтэрбит оҕолор производстваҕа совхоз араас үлэлэригэр ону таһынан тыраахтарыыстаан үлэлииллэрэ.
Читать далее Тырахтарыыс дэриэбинэ бастыҥ үлэһитэ