Архив метки: Герой Ийэ

ИЛБЭҤЭ СУЛУСТААХ ИЙЭЛЭРЭ

Ийэбит – күннээх тэҥэ киһибит

Ийэбит – күн сирин кэрэтэ.

Ийэбит – күн сирин көрдөрбүт

Аан дойду – дьиэ кэргэнин тутулун төһүүтэ!

Күн сиригэр Ийэ баар буолан киһи аймах төрүүр-ууһуур, дойдуну тутар- сайыннарар.

Ийэттэн саҕаланар дьиэ кэргэн нус-хас олоҕо, дьиэ кэргэн олоҕуттан үөскүүр уопсастыба төрүт укулаата, дьон-аймах сайдар-чэчириир олоҕо.

Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгэ бүтүн Саха Республикатын үрдүнэн 13 Герой ийэлэрдээҕинэн аар саарга аатырар, суон сураҕырар. Уонтан тахсалыы оҕолоох Герой ийэлэрбит элбэх ыччаты тэнитэн, хас да көлүөнэ дьону олох устун эрэллээхтик хаамтара сылдьалларыттан, ама ким киэн туттубат буолуой!

Бу 13 Герой ийэлэрбититтэн 144 оҕо күн сирин көрөн, былыта суох дьоллоох оҕо сааһы билэн улаатан, үөрэхтэнэн үлэһит, ыал-күүс буолан республика араас муннуктарыгар олохсуйан, төрөөбүт Илбэҥэлэрин бар дьоҥҥо ааттаталлар. Онтон 13 Герой ийэлэрбит ити ыччаттарыттан 376 сиэн, 335 хос сиэн, 11 хос хос сиэн төрөөн-ууһаан, 866 киһиэхэ тиийэн, сирдээҕи олохпутун киэргэтэ сылдьаллар. Саха дьоно маны элбэх силистээх-мутуктаах, хойуу лабаалаах сириэдийэ үүнэн турар Аал – луук маска саамай сөпкө холууллар.

Бу ыччаттар ортолоругар талааннаах учуонайдар, элбэх үтүөкэннээх учууталлар, эмчиттэр, быраастар, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар инженердэр, тутааччылар, экономистар, араас бааннар үлэһиттэрэ, предпринимателлэр, республика Правительствотын аппаратын эппиэттээх үлэһиттэрэ уо.д.а.бааллар.

2018с. Герой ийэлэрбитин чиэстээн, ааттарын үйэтитэр сыаллаах Баппаҕаайы нэһилиэгин дьаһалтатын көмөтүнэн Ийэ скверин үөрүүлээх быһыыга-майгыга олоҕуран туруорбута.

Ийэ күнүгэр анаан Ийэ скверин үөрүүлээхтик арыйыыга нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, Герой ийэлэр, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн кыттыыны ылан, ахтан-санаан аастылар, үөрүүлэрин үллэһиннилэр.

Читать далее ИЛБЭҤЭ СУЛУСТААХ ИЙЭЛЭРЭ