Архив метки: кино

День российского кино

Биьиги нэһилиэккэ киинэни көрдөрүү 1933 сылтан саҕаламмыта. Ол саҕана киинэни эргэ оскуола дьиэтигэр көрдөрөллөрө. Сэрии кэмигэр киинэ көрдөрүүтэ тохтуу сылдьан баран 1948 сыллаахха кэлэн көрдөрө сылдьыбыттар. Сортуол учаастагыгар илдьэн көрдөрбүттэр. Ити курдук быста-быста Хампаттан кэлэн көрдөрөллөрө үһү. Оччолорго көстөр киинэлэр илиинэн эриллэр мотуордаах, саҥата суох хартыыналардаах этилэр.
Киинэни нэһилиэккэ көрдөрүү 1961 сыллаахтан саҕаламмыта. Кинимеханигынан Дьөккөнтөн төрүттээх анал механик үөрэхтээх Гоголев Тимофей Данилович үлэлээбит. Моториһынан Антонов Афанасий Николаевич анаммыта. Ити кэмтэн ыла кинопередвижка Лөкөчөөн, Сортуол учааскаларыгар көһө сылдьан көрдөрөр буолбута. Ол саҕана нэһилиэнньэ актыыбынайдык, көхтөөхтүк көрөрө.
Афанасий Николаевич 1965-66 сс. Дьокуускайдааҕы профессиональнай техническай училищены үөрэнэн бүтэрбитэ. 1969 с. Дьокуускайдааҕы профессиональнай-техническэй училище киномеханик идэтин ылан Васильев Сергей Николаевич ананан кэлэн пенсияҕа тахсыар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээн, „Ветеран кинофикации” аатын чиэстээхтик ылбыта.

Васильев Сергей Николаевич

Васильев Сергей Николаевич
(18.06.1940-07.05.2010)

Мин, Васильев Сергей Николаевич, 1940 сыл бэс ыйын 18 күнүгэр Бүлүү оройуонун Баппаҕаайы сэлиэнньэтигэр борустуой рабочай дьиэ кэргэнигэр 6-с оҕонон күн сирин көрбүтүм. Баппаҕаайы 8-с кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан спордунан үлүhүйэн дьарыктанар этим. Оскуола общественнай олоҕор активнайдык кыттарым, ол курдук оройуон иhинэн ыытыллыбыт прикладной творчествоҕа мамонт муоhунан ”СССР Гербын” оҥорон бастаабытым.
Советскай армияҕа ытык иэспин төлөрн баран 1965 с. олоҕум аргыhын, Елизавета Алексеевнаны, көрсөн төрөөбүт нэhилиэкпэр төннөн кэлэн олохсуйбутум.
1969 с. Дьокуускайдааҕы профессиональнай техническэй училищеҕа ”киномеханик” специальноhын үөрэнэн бүтэрбитим. Онтон ыла пенсияҕа тахсыахпар диэри баhылаабыт идэбинэн үгүө суобастаахтык үлэлээбитим.
Үлэлиир сылларбар 1971 с. ”Ударник коммунистического труда”, 1975 с. ”Ударник девятой пятилетки” Госкино РСФСР уонна ЦК Президиумун культура үлэhиттэрин профсойууhуттан удостоверениялаах значогунан наҕараадаламмытым. 1988 сыллаахха, оройуон бочуот дуоскатыгар киирбитим. СССР киномотографиятын комитетыттан Почетнай грамотанан наҕараадаламмытым. Кинофикация 100 с. туоларыгар ”Ветеран кино” үрдык аатын иҥэрбиттэрэ. 1994 сыллаахха ”В честь 75-летия Советского кино” почетнай кинигэҕэ киллэрбиттэрэ. Дьаныардаах үлэм иhин 1991 сыллаахха ”Үлэ ветерана” буолбутум.
Ол быыhыгар элбэх почетиай грамоталарынан, дипломнарынан набараадаланарым. Сайынын совхозка звенонан оттооhуҥҥа ылыммыт былааммытын толорон. оройуон иhигэр биир бастыҥ звенонан сылдьааччыбыт.
2002 сыллаахха саҥа оскуола тутуутун саҕалаан 2005 сыллаахха үлэҕэ киллэрбиппит. Үс сыллаах дьаныардаах үлэбит иhин Тутуу Министерствотыттан почетнай грамотанан, Саха Республикатын Правительство председателиттэн Махтал сурук уонна харчынан премияламмытым.

А5абыт Сергей Николаевич.


Биьиги дьиэ кэргэн Дархан аҕабыт, кэргэним, эһэбит Сергей Николаевич Васильев, 1940 сыллаахха бэс ыйын 18 күнүгэр Бүлүү оройуонун Баппаҕаайы нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр алтыс оҕонон күн сирин көрбут. Төрөппүттэрэ: аҕата-Васильев Николай Иванович, Ийэтэ- Васильева Матрена Егоровна , үөрэҕэ суох колхозтаахтар эбит. Аҕалара эрдэ өлөн, ийэлэрэ эдэр сааһыгар огдообо хаалан баран, балта Федоралыын алта оҕону иитэн-харайан сүһүөхтэригэр туруорбуттар. Сергей ийэтэ Матрена колхуоска таһаарыылаахтык, үтүө суобастаахтык үлэлээн, сэрии сылларыгар аан бастакынан «1941-1945сс. А5а Дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх улэтин иьин» диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Онон Сергей сэрии сылларыгар тоҥору-хатары, аччыктыыры этинэн-хаанынан билэн улааппыта. Ол иһин сүрдээх үлэһит этэ. Аҕабыт ыал соҕотох уола буолан, оҕо сааһыттан хаһаайыстыба үлэтигэр сыстан иитиллибит буолан, дьиэбэ- уокка бүгүрү, маһынан уһанар уус этэ. Ол курдук оскуолаба үөрэнэ сылдьан сэлии муоһуттан «ССРС Гербэтин» оҥорон оройуҥҥа бастаабыта.Баппаҕаайы 8 кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ, ол кэннэ Мирнэй куоракка милицияҕа үлэлээбитэ.
Үлэлии сылдьан 1964 сыллаахха ыал буолан, кэлэн төрөөбүт нэһилиэгэр олохсуйан дьиэ-уот тэринэн олорбута.
Нэһилиэккэ киинэни көрдөрүү 1961 сыллаахтан саҕаламмыта. Ити кэмнэргэ киномеханигынан Дьөккөн киһитэ Гоголев Тимофей Данилович, моториһынан Антонов Афанасий Николаевич үлэлээбиттэрэ. Биьиги аҕабыт 1969 сыллаахха Дьокуускайдааҕы профессиональнай- техническай училищены ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн кэлбитигэр киномеханигынан анаабыттара. Онон аҕабыт, Сергей Николаевич, 1969 сылтан 1996 сылга дылы , пенсияҕа тахсыар диэри үтүө суобастаахтык, талан ылбыт идэтигэр бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Үлэлээбит сылларыгар РСФСР Госкинотун уонна культура үлэһиттэрин профсоюьун КК Президиума дастабырыанньалаах значогунан, 1988 сыллаахха оройуон Бочуот дуоскатыгар, ССРС кинематографиятын комитетыттан Бочуотунай грамотанан наҕараадалары ситиспитэ. Хас биирдии үлэ туспа умсугутуулаах буолар. Аҕабыт итинник үрдүк ситиһиини ылар сыалтан нэһилиэнньэҕэ агитациялыыра, дьон интэриэһин тардара уонна Бүлүүтээҕи кииннэммит киносеть коллективын кытта биир ситимнээхтик үлэлээбитин түмүгэ этэ. Оччолорго, сэттэ уонус сылларга Лөкөчөөҥҥө, Сортуол, Арыылаах учаастактарыгар тиэйэ сылдьан көрдөрөрө.
Бүлүүтээҕи киносеть дирекциятыгар директорынан Тимофеев Константин Елисеевич үлэлиир сылларыгар киинэнэн хааччыллыы үчүгэйэ. Уопсайынан Константин Елисеевич киһи быһыытынан көнөтө, судургу, улэһиттэригэр сыһыана истиҥэ, ол иһин аҕабыт кинини наһаа убаастыыра, сыаналыыра.
Киинэни нэһилиэнньэҕэ көрдөрүү былаанын Баппаҕаайытааҕы киноустановка куруук аһара толороро. Ол курдук: 1971с. былаан 1500 солк.-туолуута 2835 солк., 1972с. былаан 2200 солк.-туолуута 2998 солк.
Бу кыра холобуртан көрүөххэ сөп, оччотооҕу дьоннор үлэҕэ эппиэтинэстэрин. Аҕабыт 1994 сыллаахха « Саха Сирин киинэтин бэтэрээнэ», 1991 с. «Үлэ бэтэрээнэ» үрдүк ааты ылар чиэскэ тиксибитэ, 1994 сыллаахха Советскай киинэ 75 сылыгар Бочуот кинигэтигэр киллэриллибитэ. Аҕабытын кытта араас кэмнэргэ үлэлээбиттэрэ: Никифоров Иван Кононович, Никифорова –Алексеева Ирина Руфовна, Томскай Владимир Иванович.
Аҕабыт элбэх бииргэ төрөөбүттэрдээх буолан, элбэх оҕолонуон баҕарара. Онон биһиги дьиэ кэргэн 5 уол, 3 кыыс оҕоломмуппут. Оҕолор бороохтуйан улаатан истэхтэрин аайы аҕаларын кытта тэҥҥэ сылдьан сайынын оттууллара, дьиэ кэргэн звенотун тэринэн былааннарын толорон. Оройуон иһигэр биир бастыҥ звено быһыытынан биллэллэрэ.
2002 сыллаахха саҥа оскуола тутуутун уолаттарын уонна дэриэбинэ эдэр ыччатын тымэн саҕалаабыта уонна 2005 сыллаахха оскуола үлэҕэ киирбитэ. Үс сыллаах дьаныардаах үлэҕэ илиитин араарбакка наставник, салайааччы быһыытынан эҥкилэ суох үлэлээбитэ.