Архив метки: курэх

“Кэрэ талба кийииттэр”

Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы, Саха сиригэр үлэ, Бүлүү улууһугар доруобуйа, Баппаҕаайы нэһилиэгэр үйэтитии сылларын
чэрчитинэн ыытыллар кийииттэр күөн – күрэстэрин балаһыанньата:

Буолар сирэ:
Баппаҕаайы нэһилиэгэ, „Алаһа“СК
Буолар күнэ – дьыла: Кулун тутар 8 күнэ, 2023 с.
Буолар чааһа: 19.00 ч.

Читать далее “Кэрэ талба кийииттэр”

«Сыа – арыы үрүттээх Саха мааны аһа саламаат» Саламаат күөн – күрэһин балаһыанньата

Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105,
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн
түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллар
«Сыа – арыы үрүттээх
Саха мааны аһа саламаат»
Саламаат күөн-күрэһин
балаһыанньата

Читать далее «Сыа – арыы үрүттээх Саха мааны аһа саламаат» Саламаат күөн – күрэһин балаһыанньата

«Өбүгэ үгэһин сөргүтэн» иистэнньэннэр күөн-күрэстэрин балаһыанньата

Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105 уонна Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн ыытыллар «Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыахха»
«Өбүгэ үгэһин сөргүтэн» иистэнньэннэр күөн-күрэстэрин балаһыанньата

Читать далее «Өбүгэ үгэһин сөргүтэн» иистэнньэннэр күөн-күрэстэрин балаһыанньата

«Саргыны салайсан, утуму тутуһан!»
оһуокайдьыттар күөн-күрэстэрин
балаһыанньата

Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105,
уонна
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн ыытыллар «Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыахха»
«Саргыны салайсан, утуму тутуһан!»
оһуокайдьыттар күөн-күрэстэрин
балаһыанньата

Читать далее «Саргыны салайсан, утуму тутуһан!»
оһуокайдьыттар күөн-күрэстэрин
балаһыанньата

“Хомуһуннаах хомус дорҕооно!”
хомусчут оҕолорго күөн-күрэс балаһыанньата

Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105 ,
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн ыытыллар «Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыахха»

“Хомуһуннаах хомус дорҕооно!”
хомусчут оҕолорго күөн-күрэс
балаһыанньата

Буолар күнэ – дьыла, бириэмэтэ: бэс ыйын 16к. 2022 сыл
Ыытыллар миэстэтэ: «Ыһыах түһүлгэтэ»

Читать далее “Хомуһуннаах хомус дорҕооно!”
хомусчут оҕолорго күөн-күрэс балаһыанньата

Ньургуьуннар хаартыска курэ5ин

Тоҥ буору тобулан
Силиһин тардынар
Күн диэки дьулуһан
Саас эрдэ көҕөрөр
– Ньургуһун сибэкки кэрэтин даҕаны…

Саха сиригэр Ньургуһун сибэкки 5 көрүҥэ онтон аан дойду үрдүнэн 20 чэ көрүҥэ үүнэрэ биллэр. Саха сирин араас муннуктарыттан күрэххэ хаартыскалар киирдилэр. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан маннык түмүк таҕыста:
1 миэстэ Наталья Поскачина Бүлүү улууһа, Илбэҥэ сэл.,
2 миэстэ Инна Рязанская- Үөһээ Дьааҥы Боруулаах нэһ.,
3 миэстэ Ксения Слепцова – Үөһээ Дьааҥы Суордаах нэһ., биһирэбил бириис Варвара Илистярова Дьокуускай куорат.

Бары кыттааччыларга барҕа махтал!


Наталья Поскачина Бүлүү улууһа, Илбэҥэ сэл.,

Читать далее Ньургуьуннар хаартыска курэ5ин

Баппа5аайыга – Булчут курэ5э 2022

Муус устар 9 кунугэр нэьилиэкпитигэр бэрт сэргэх тэрээьиннэр буолан аастылар. «Кырыа кыьыны атаарабыт, сандал сааьы айхаллыыбыт» кыьыны атаарыы бырааьынньыга уонна «Булчут курэ5э ». Хас да сыллаах (сыстыганнаах ыарыыттан) хааччах кэнниттэн бастакы норуот куулэйэ бэркэ ааста, дьон-сэргэ,о5о -аймах то5уоруьа мустубута. Кыьыны атаарыыга улахан дьонно, о5олорго араас кердеех оонньуулар конкурстар, розыгрыштар, шашлык атыыта кехтеехтук ыытылыннылар. О5олор олус актыыбынайдык кыттаннар бириис бе5е ыллылар. Оонньуулары Алаьа СК уус-уран салайааччыта Григорьева Т.К тэрийэн ыытта. Бу кэмнэ нэьилиэкпит 7 эр дьонноро, а5алара 6 этаптаах «Булчут курэ5эр» куен керустулэр, илин -кэлин туьустулэр. Тынааьыннаах курэхтэьии тумугунэн 1 м Яковлев Руф – урбаанньыт, 2 м Степанов Егор-физкультура учуутала, Федоров Дьулуур – Экто ойл заправка оператора. 1миэстэгэ 10000 солк уу харчыннан (Олохтоох дьаьалта туруорда), 2 м 7000 солк. «Рыболов» ма5аьыынтан сертификат (Булчут Дьегуеркэ сиэннэрэ туруордулар), 3 м 5000 солк «Охотник на Ярославского» ма5аьыынтан сертификат ( Алаьа СК туруорда). 6 туьумэхтээх эстафета кыайыылаа5ар анал бириис 20 л бензин(спонсор ЭКТО ОЙЛ Илбэнэтээги филиалын коллектива) Егор Степановка туттарылынна. Бука бары кыттыбыттарга туелбэлэрэ ыарыйдылар, бэйэлэрин бэлэхтэрин туттардылар. Бу курэ5и тэрийсибит ыытыспыт- нэьилиэк дьаьалтатыгар баь.Николаев Е.А., Алаьа СК улэьиттэригэр, оскуола директорыгар Макаров В.В. , туелбэлэргэ, салайааччыларыгар, «Булчут Дьегуеркэ сиэннэрэ» тумсуу салайааччытыгар Харлампьев К.Х. уонна бары кемелеспут дьоннорбутугар махтал тылларын аныыбыт. Куруук кехтеех, доруобай буолун

Курэх кыттааччылара
Читать далее Баппа5аайыга – Булчут курэ5э 2022

А5алар уонна булчуттар куннэригэр турнир🎱🎱🎱

Муус устар 8 кунугэр нэьилиэкпитигэр эр дьоннорго бильярд турнира буолан ааста. Барыта 11 спортсмен куен-керустэ. 8 чаас устата киирсэннэр тумук олус ураты буолла. Инники курэхтэр чемпионнара призердара финалга кыайан киирбэтилэр. Ол курдук тынааьыннаах киирсии тумугунэн:
1 миэстэ Гаврил Алексеев,
2 миэстэ Сергей Васильев,
3 миэстэ Эдуард Степанов.
Кыайыылаах,призердар Алаьа СК туруорбут « Охотник на Ярославского» ма5аьыын сертификаттарын тутан уердулэр, сааскы кус сезонугар наадалаах бириис диэннэр. Турниры Эдуард Степанов иилээн-са5алаан ыытта. А5аларбытын кэлэн иьэр Саха Сирин а5аларын кунунэн э5эрдэлиибит куруук актыыбынай, чел олохтоох, доруобай буолун