Архив метки: праздник

“Кэрэ талба кийииттэр”

Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы, Саха сиригэр үлэ, Бүлүү улууһугар доруобуйа, Баппаҕаайы нэһилиэгэр үйэтитии сылларын
чэрчитинэн ыытыллар кийииттэр күөн – күрэстэрин балаһыанньата:

Буолар сирэ:
Баппаҕаайы нэһилиэгэ, „Алаһа“СК
Буолар күнэ – дьыла: Кулун тутар 8 күнэ, 2023 с.
Буолар чааһа: 19.00 ч.

Читать далее “Кэрэ талба кийииттэр”

“УРУККУ КЭМ УМНУЛЛУБАТ ЫРЫАЛАРА”

Ханнык баҕарар көлүөнэ дьоҥҥо ол саҕаттан сөбүлүүр, таптыыр музыкалаах,ырыаһыттаах, кумирдаах буолаллар. Билиҥҥи ыччат дьонноруттан да элбэхтик истэр буолуохтаах, хатыламмат истиҥ ис хоһоонноох советскай кэминээҕи ырыалары, матыыптары. Оччотооҕу ыччат сөбүлээн истибит билигин даҕаны истэр ырыаларын Олимпиада Спиридонова уонна Анна Тотонова сахалыы тылбаастаабыт ырыаларын истиҥ – сэргээҥ.

Читать далее “УРУККУ КЭМ УМНУЛЛУБАТ ЫРЫАЛАРА”

“Саҥа Дьыл мин түннүкпэр”

Ахсынньы 28 күнүттэн-тохсунньу 5 күнүгэр дылы “Саҥа Дьыл мин түннүкпэр” дьиэ түннүгүн киэргэтии хаартысканнан күрэҕэ ыытылынна. Уран тарбахтаах дьиэ хаһаайкалара киэргэппит түннүктэрин хаартыскаҕа түһэрэн кыттыыны ыллылар. Тохсунньу 6 күнүгэр түмүк тахсан грамоталары бириистэри туттардыбыт.

Читать далее “Саҥа Дьыл мин түннүкпэр”

Россияҕа аҕалар күннэрэ

2021 сылга Дойду Президенэ Владимир Владимирович Путин 573 нүөмэрдээх укаһынан алтынньы ый үһүс баскыһыанньата Россияҕа Аҕа күнүн бэлиэтиир уурааҕа тахыбыта.
Эр киһи ыал буолан, аал уоту оттунан «Аҕа баһылык» дэтэрин тухары ыал аҕатын үрдүк аатын сүгэр. Дьиэ-кэргэн нус – хас олоҕо уонна олоҕун уйгута, оҕолору иитии ийэттэн эрэ буолбакка, аҕаттан эмиэ тутулуктаах. Аҕа тус холобура, кини ийэҕэ ытыктабыллаах сыһыана, төрөппүт эппиэтинэһин толоруу оҕону общество дьоһун гражданинын быһыытынан бэлэмнээһиҥҥэ улахан суолталаах.

Ытыктабыллаах аҕалар!
Нэһилиэкпит бары аҕаларыгар истиҥ эҕэрдэ тиэрдэн туран, чэгиэн доруобуйаны, үлэҕитигэр ситиһиини,
дьиэ – кэргэҥҥитигэр дьолу – саргыны баҕарабыт!

Читать далее Россияҕа аҕалар күннэрэ

«Төрүттүүр төрүт түөлбэ» күөн-күрэһин
балаһыанньата

Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105,
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн
түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллар
«Төрүттүүр төрүт түөлбэ» күөн-күрэһин
балаһыанньата
Буолар күнэ-дьыла: Бэс ыйын 16 күнэ.2022с.
Буолар сирэ: Ыһыах түһүлгэтэ
Тэрийээччилэр: “Алаһа” сынньалаҥ киинэ

Читать далее «Төрүттүүр төрүт түөлбэ» күөн-күрэһин
балаһыанньата

«Саргыны салайсан, утуму тутуһан!»
оһуокайдьыттар күөн-күрэстэрин
балаһыанньата

Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105,
уонна
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн ыытыллар «Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыахха»
«Саргыны салайсан, утуму тутуһан!»
оһуокайдьыттар күөн-күрэстэрин
балаһыанньата

Читать далее «Саргыны салайсан, утуму тутуһан!»
оһуокайдьыттар күөн-күрэстэрин
балаһыанньата

“Хомуһуннаах хомус дорҕооно!”
хомусчут оҕолорго күөн-күрэс балаһыанньата

Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105 ,
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн ыытыллар «Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыахха»

“Хомуһуннаах хомус дорҕооно!”
хомусчут оҕолорго күөн-күрэс
балаһыанньата

Буолар күнэ – дьыла, бириэмэтэ: бэс ыйын 16к. 2022 сыл
Ыытыллар миэстэтэ: «Ыһыах түһүлгэтэ»

Читать далее “Хомуһуннаах хомус дорҕооно!”
хомусчут оҕолорго күөн-күрэс балаһыанньата

Аҕа дойдуну Көмүскээччилэр күнүнэн Алгыстаах эҕэрдэ!

Айыллан үөскээбит
Аҕа дойдубутун
Араас кэмнэргэ
Араҥаччылаан кэлбит
Аастыйбыт эһээлэргэ,
Аҕа – убай дьоннорго,
Аныгы эдэр саллааттарга
Аҕа дойдуну
Көмүскээччилэр күнүнэн
Алгыстаах эҕэрдэ!

Читать далее Аҕа дойдуну Көмүскээччилэр күнүнэн Алгыстаах эҕэрдэ!

Саҥа дьыллааҕы «Ааһан эрэр сыл түмүктэрэ»

Ааһан эрэр 2021 сыл түмүгүн бэлиэтиир дьоллоох чаас туһаайда! Дойдубут үрдүнэн наука уонна технология сыла, Өреспуубулукэбитигэр уонна нэһилиэкпитигэр Доруобуйа сыллара, улууспутугар Дойдуга бэриниилээх буолуу сыллара биллэриллибитэ.
Кэннибитин эргиллэн, сыл түмүктэрин санаан – ахтан ааһыаҕыҥ. Төһө даҕаны олохпут тутула ыараханын иһин, Баппаҕаайы нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ олорон хаалбакка кыахтара баарынан үлэлээн- хамнаан, туруулаһан туран, ыарахаттартан чаҕыйбакка олорон кэллибит.

Читать далее Саҥа дьыллааҕы «Ааһан эрэр сыл түмүктэрэ»