Архив метки: саха

ОЛУННЬУ ЫЙ 13 КУНЭ — ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ УОННА СУРУК-БИЧИК КҮНЭ!

Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр тубэhиннэрэн, олунньу 13 күнэ төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн бэлиэтэнэр. Бу дьаhал Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан 1996 сыллаахха олохтоммута.

Читать далее ОЛУННЬУ ЫЙ 13 КУНЭ — ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ УОННА СУРУК-БИЧИК КҮНЭ!

Прокопьева Мария Алексеевна 100 саастаах үбүлүөйэ

Төрөппүттэрбит – холобур буолар дьон
Биһиги ийэбит Прокопьева Мария Алексеевна 1921 сыл от ыйын 1 күнүгэр «Силээн» сиригэр «Бэс балаҕан» диэн өтөххө, күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ, Прокопьева Анна Ивановна. Аҕата, Прокопьев Алексей Семенович. Кинилэр 13 оҕоломмуттарыттан 2 –ки оҕо кыраларыгар төннүбүттэр. Улаатан киһи буолбуттара 11 оҕо эбит. 3 оҕону дьон ииттэ ылбыттар.
Аҕалара Өлөксөй байанайдаах булчута, ийэбит, булт аһынан олорбуппут диэн кэпсээччи.

Читать далее Прокопьева Мария Алексеевна 100 саастаах үбүлүөйэ

Ыһыах ыйа — бэс ыйа.

Ыhыах диэн Саха Саҥа дьылын күнэ уонна сайын, айылҕа тыллыытын бэлиэ күнэ. Ыһыах ыйа — бэс ыйа. Биэлэри тутан, кымыс көөнньөрөллөр. Ыһыах туһүлгэтигэр ыраахтан, чугастан кэлбит ыалдьыттар уохтаах кымыһы иһэллэр, үтэһэлээх этинэн күндүлэнэллэр. Илии-атах оонньуутугар күрэхтэһэллэр, оhуохай дьиэрэйэр, ырыа дэлэйэр. Ат сүүрдүүлэрэ ыытыллаллар.

Былыр былыргыттан ыhыах төрүкү күн сайыҥҥы туруутугар буолара, ол эбэтэр бэс ыйын 21—22 күннэригэр. Билигин араас улуустарга, нэhилиэктэргэ уонна сирдэргэ бэс ыйын 10 — 25 күннэригэр ыытыллар.

Сорох чинчийээччилэр этэллэринэн ыһыах Саҥа сылы көрсүү бырааһынньыга буолбатах — күнү көрсүү, Үөһээҥҥи Үрүҥ Айыылар сиргэ саамай чугаһаан турар кэмнэригэр түбэһиннэрэн, Үөһээҥҥи Айыыларга сүгүрүйүү итэҕэл күнэ дииллэр.