Архив метки: ысыах

“Үс нэһилиэк бэтэрээннэрин ыһыаҕа Баппаҕаайыга”

Үгэс буолбут Баппаҕаайы, Лөкөчөөн, Маҥаны нэһилиэктэрин бэтэрээннэрин ыһыаҕа бэс ыйын 19 күнүгэр Илбэҥэ туонатыгар олус сэргэхтик ыытылынна. Ыаллыы сытар нэһилиэктэрбититтэн отуттан тахсалыы аҕам саастаах дьоннорбут ыһыахха тэринэн кэлбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Сахалыы таҥастаах үөрүү-көтүү аргыстаах аҕам саастаахтар сэлэлии хааман киирэн  түһүлгэни толордулар.

Ысыах ветеранов Илбенге Лекечен Орто-Сурт 2023
Читать далее “Үс нэһилиэк бэтэрээннэрин ыһыаҕа Баппаҕаайыга”

Баппаҕаайы нэһилиэгэр ыытыллар “Түөлбэ төрүттүүр ыһыаҕын”программата

Самаан сайын салаллан ыһыах ыһар күммүт тиийэн кэллэ!
Убаастабыллаах нэһилиэк олохтоохторо,
оҕолор, күндү ыалдьыттар!
Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы, Саха республикатыгар Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үйэтитии сылларынан
Бэс ыйын 15 күнүгэр
Баппаҕаайы нэһилиэгэр ыытыллар

“Түөлбэ төрүттүүр ыһыаҕын”


программата:

9 ч. 00 м. Түһүлгэҕэ мустуу
10 ч. 00 м. Арчылааһын, АЛГЫС
10 ч. 30 м. Ыһыах үөрүүлээх аһыллыыта
11 ч. 00 м. Хапсаҕайга Саха АССР спордун маастара, 1 Манчаары оонньууларын 62 киилэҕэ
чемпиона , саха сирин Спартакиадатын 2-с призера, Бүлүү эҥэр улуустар тустууга, хапсаҕайга чемпиона, призера биир дойдулаахпыт АЛЕКСЕЕВ ТРОФИМ КУЗЬМИЧ аатын үйэтитэр хапсаҕайга 62 киилэҕэ аһаҕас күрэх.
12 ч. 00 м. “ӨБҮГЭ УТУМУНАН” дьиэ кэргэн күрэҕэ
12 ч. 30 м. “ЫҺЫАХ МААНЫЛААХ ТАҤАҺА” сахалыы таҥас көрүү-күрэҕэ
13 ч. 00 м. Түһүлгэлээн аһааһын
13 ч. 15 м. “ЫЛЛЫЫР-ТУОЙАР ОҔО СААС” оҕолорго ырыа күрэҕэ
Ыһыах спортивнай чааһа
14 ч. 00 м. “ИЛБЭҤЭ БООТУР” күрэх (многоборье).
20 ч. 00 м. ҮЛЭ – ҮҮНЭР, САЙДАР СУОЛ! Үлэ сылыгар аналлаах театрализованнай туруоруу.
Буолар сирэ “Алаһа” СК
Киирии билиэт улахан дьоҥҥо 200 солк, оҕолорго 100 солк.

Читать далее Баппаҕаайы нэһилиэгэр ыытыллар “Түөлбэ төрүттүүр ыһыаҕын”программата

ЫЛЛЫЫР-ТУОЙАР ОҔО СААС – оҕолорго ырыа күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥырабыт

Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы,
Саха республикатыгар Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үйэтитии сылларынан

Баппаҕаайы нэһилиэгин  -Түөлбэм төрүттүүр ыһыаҕар

“ЫЛЛЫЫР-ТУОЙАР ОҔО СААС”

оҕолорго ырыа күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥырабыт

Буолар күнэ: Бэс ыйын 15 күнэ 2023 сыл

Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ

            Кыттааччы оҕолор 2 бөлөххө арахсаллар

I – бөлөххө оскуола иннинээҕи 5-7 саастаахтар;

II – бөлөххө 8-10 саастаахтар.

Күрэххэ кыттыы ирдэбиллэрэ

  • Кыттааччы оҕо биир ырыаны толорор, үлэ, дойду, айылҕа, сайын туһунан;
  • Ырыаны  толороругар  сөп түбэһэр таҥаһа- саба.

Күрэх түмүгүнэн  кыайыылаахтар  грамоталарынан уонна өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадаланыахтара

Күндү оҕолор актыыбынай кыттыыны ылыҥ!

Сиһилии билсэр нүөмэргит 89627358123

Читать далее ЫЛЛЫЫР-ТУОЙАР ОҔО СААС – оҕолорго ырыа күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥырабыт

“ӨБҮГЭ УТУМУНАН” дьиэ кэргэн күрэҕин балаһыанньата

Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы,
Саха республикатыгар Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үйэтитии сылларынан
Баппаҕаайы нэһилиэгин -Түөлбэм төрүттүүр ыһыаҕар ыытыллар

“ӨБҮГЭ УТУМУНАН”

дьиэ кэргэн күрэҕин балаһыанньата

Буолар күнэ: Бэс ыйын 15 күнэ.2023с.
Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ

Күрэх көрүҥнэрэ:

  • Күн төгүрүк алаадьы буһарыыта(ыал ийэтэ);
  • Үөтүнэн оҕуһу, ынаҕы, ньирэйи оҥорор(ыал аҕата);
  • Күүгүнэйинэн оҕо тыас таһаарар(оҕо кыттар);
  • Түү мээчиги быраҕыы(дьиэ кэргэн бары кыттар);

Күрэх ирдэбиллэрэ:

  • Алаадьыны буһарыытыгар(газ оһох, сковородка, ст.ложка, 0,5л.алаадьы тиэстэтэ, мас арыыта уонна туттар тэрилин) ийэ аҕалар;
  • Эр киһи мас оҥоһуктарын 15-20мүн. оҥоруохтаах(быһах аҕалар);
  • Оҕо күүгүнэйин оҥорон аҕалар;
  • Кыттар дьиэ кэргэн сахалыы таҥастаах кыттар;
  • Кыайыылаах дьиэ кэргэҥҥэ спонсордар, тэрийээччилэр бириистэрэ уонна грамоталар туттарыллаллар;

Кэлиҥ, кыттыҥ өбүгэбит үгэстэрин сөргүтүөҕүҥ!

Читать далее “ӨБҮГЭ УТУМУНАН” дьиэ кэргэн күрэҕин балаһыанньата

“Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыах”

Быйыл Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105, Народнай учуутала М.А.Алексеев төрөөбүтэ 105 сылыгар, Саха АССР төрүттэммитэ 100 уонна нэһилиэкпитигэр дьиэ кэргэн сылларыгар аналлаах “Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыах” үөрүүлээхтик буолан ааста.
Ыһыах аһыллыытыгар түһүлгэҕэ тоҕус эдэр ыаллара киирэн тоҕус томторҕолоох түптэ маҥан буруотун унаарытан ыраастаан арчылаатылар.

Читать далее “Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыах”

Бүлүү улууһун Үрүҥ Тунах Ыһыаҕар Сыа Бүлүү сиригэр, Хомустаах эбэ хотун кытылыгар Баппаҕаайы нэһилиэгин дьоллоох түһүлгэтигэр

Бүлүү улууһун Үрүҥ Тунах Ыһыаҕар Сыа Бүлүү сиригэр, Хомустаах эбэ хотун кытылыгар Баппаҕаайы нэһилиэгин дьоллоох түһүлгэтигэр, үөрүүлээх быһыыга- майгыга олоҕуран Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт ытык сэргэ туруордубут сиэри – туому толордо СР култууратын туйгуна, норуот хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха АССР спордун маастара,

Читать далее Бүлүү улууһун Үрүҥ Тунах Ыһыаҕар Сыа Бүлүү сиригэр, Хомустаах эбэ хотун кытылыгар Баппаҕаайы нэһилиэгин дьоллоох түһүлгэтигэр

“ТУРУГУРУУ ҮРҮҤ ТУНАХ ЫҺЫАҔЫН” программата

🌿 Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105 сылыгар, ССРС Норуодунай учуутала М.А.Алексеев төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах
🌸🌞 “ТУРУГУРУУ ҮРҮҤ ТУНАХ ЫҺЫАҔЫН”🌞🌸
программата
🍀Буолар күнэ-дьыла: Бэс ыйын 16 күнэ.2022с., Илбэҥэ сэл.
🍀Буолар сирэ: Ыһыах түһүлгэтэ

🌸10ч.00 🌿 Түһүлгэҕэ мустуу
🌸10ч.30 🌿 Ыһыаҕы үөрүүлээхтик арыйыы сиэрэ- туома:
🌿 Арчылааһын(түптэһиттэр, арчы үҥкүүтэ);
🌿- Алгыс (арыалдьыттар 7 кыыс, 9 уол);
🌸11ч.00 🌿 Эҕэрдэ тыл:

  • Баппаҕаайы нэһилиэгин баһылыгын э5эрдэтэ
  • Ыалдьыттар э5эрдэлэрэ
    🌸11ч.00 🌿 Хор: “Төрөөбүт дойду туһунан ырыа” (105 киһилээх);
    🌿Эҕэрдэ концерт
    🌸11ч.30 🌿 “Сыа арыы үрүттээх, саха мааны аһа саламаат” күөн-күрэс
    🌿 “Мо5устар күрэхтэрэ” элбэҕи аһыыр дьоннор күрэхтэрэ
    🌿 “Өбүгэ үгэһин сөргүтэн” уус – уран оҥоһук күрэҕэ;
    🌿 «Саргыны салайсан, утуму тутуһан!» оһуохай күөн-күрэһэ (оҕолорго, ул.дьоҥҥо);
    🌸12ч.30 “Төрүттүүр төрүт түөлбэ” түөлбэлэринэн түһүлгэ киэргэтиитин керүү.
    🌸13ч.00 “Туелбэннэн түмсэн сандалы тула” түөлбэннэн түһүлгэлээн аһааһын (эҕэрдэлэр)
    🌸13ч.30 🌿 “Чыып – чаап саҥалаах, чаабы-чыыбы чабырҕах…” чабырҕахсыт оҕолорго күөн-күрэс;
    🌿 “Хомуһуннаах хомус дорҕооно!” хомусчут оҕолорго күөн-күрэс.
    🌸15ч.00 🌿 Түһүлгэҕэ ыытыллыбыт күрэхтэр түмүктэрин таһаарыы, наҕараадалааһын.
    🌸15ч.00 🌿 Спортивнай күрэхтэһиилэр.

🌸20ч.00 🌿 Эстрада артыыстарын Аскалон Павлов, Байтыкан Батаакап концертара. Киирии билиэт 350 солк “Алаьа” СК

🌸23:00- 04 ч.00 🌿 “Үрүҥ түүн үҥкүүтэ” (“Эрэл” спортзал) киирии билиэт 100 солк.

☘️✨ Бэс ыйын 21 күнүгэр киэһээ 17 ч. сүүйүүлээх билиэттэри оонньотуу (Алаһа СК)

«Төрүттүүр төрүт түөлбэ» күөн-күрэһин
балаһыанньата

Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105,
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн
түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллар
«Төрүттүүр төрүт түөлбэ» күөн-күрэһин
балаһыанньата
Буолар күнэ-дьыла: Бэс ыйын 16 күнэ.2022с.
Буолар сирэ: Ыһыах түһүлгэтэ
Тэрийээччилэр: “Алаһа” сынньалаҥ киинэ

Читать далее «Төрүттүүр төрүт түөлбэ» күөн-күрэһин
балаһыанньата

Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыахха улахан 100 киһилээх хор

✨ Баппаҕаайы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 105 ,
✨ ССРС Народнай учуутала М.А.Алексеев төрөөбүтэ 105,
✨ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн ыытыллар бэс ыйын 16 күнүгэр Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыахха улахан 100 киһилээх хор туруохтаах. Нэһилиэк олохтоохторо, тэрилтэлэрэ, самодеятельность кыттыылаахтара бары биир санааннан салайтаран активнай кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт ✊✊✊
🤩 Хор ырыата “Төрөөбүт дойду туһунан ырыа” .
⭐ Бэлэмнэнии күн аайы 5 чаастан “Алаһа” СК буолар.

Читать далее Туругуруу Үрүҥ Тунах Ыһыахха улахан 100 киһилээх хор