Томский Федор Семенович

Мин 1940-41сс. үөрэх дьылыгар Баппаҕаайы сэттэ кылаастаах оскуолатыгар учууталланаан баран Армияҕа ыҥырылыбытым. Бүлүү куоратыгар атынан барабыт, хаһаарымаҕа уган кээһэллэр, комиссияны ааһабыт. Роспунан кэми 2 см хаппаппын, көрдөһөн баҕа өттүбүнэн барабын. 1941 сыллаахха сайын (сэрии саҕаламмыта ый буолла) от ыйыгар пароходунан Якутскайга илдьэллэр. Манна учуокка турабыт. Салгыы айанныыбыт. Пароходунан айаннаан Усть-Кутка (Осетрово) тиийэбит. Онтон Заярскайга (Ангара өрүскэ турар) дальше Ангаранан пароходунан айаннаан Иркутскайга тиийэбит. Мантан тимир суолунан Мальта станцияҕа илд ьэллэр. Манна 585 нүөмэрдээх байыаннай часка сулууспалыыбын. Манна станковай пулемету үөрэтэллэр. Аҕыйах ый үөрэммиппит кэннэ комиссия буолар. Ити комиссия түмүгүнэн уонча киһини төттөрү ыыттылар, ити иһигэр мин уҥуохпунан кыра буолан эмиэ баарбын. Дойдубар кэлэн 1942с. бастакы аҥарыгар Халбаакы начальнай оскуолатыгар учууталлыыбын. 1942с. сайыныгар эмиэ ыҥырык буолар. Миигин эмиэ ыҥыраллар. Армияҕа иккиһин барабын. Мальта станцияҕа кэлэбин. Манна аҕыйах ый үөрэнэн баран 1942с. ахсынньыга Арҕаа фроҥҥа атаараллар. Өстөөх Москваттан тэйитиллибит кэмэ этэ. мин 247-с стрелковай дивизия 916 полкатыгар станковай пулемет командирын дуоһунаһыгар сылдьан сэриилэспитим. Бастаан бастакы пульрасчет командира, 247 стрелковай дивизия састаабыгар сылдьан Калуга, Тула, Сухиничи о.д.а. бөдөҥ куораттары босхолоспутум. Куораттар немец ытыалааһыныттан, бомбалааһыныттан күл-көмөр буолаллара, таас дьиэлэр оһохторун турбалара эрэ хороһон тураллара.

Сэрии сылларынааҕы олохпуттан аҕыйах эпизодтары кэпсиим.

Арҕаа фронт, 1943с. тохсунньу ый. Арай киэҥ шоссе суолунан немец обуоһа иһэр, бары кэннилэринэн чугуйан иһэллэрэ. Биһиги пулеметнай расчеппут олох биллибэккэ саһан сыппыта. Бастакы наводчигым сержант Егоров миэхэ этэр: «Эн пулеметунан миигиннээҕэр ордуктук ытаҕын, онон биир да немец ордубатын курдук ытыалаа эрэ. Мин кини этиитин ылынан, Егоров миэстэтин ылан, немецтэри сыалбар ылан сытабын. Арааһа 200м кэллилэр быһыылаах, биһигини олох билбэттэр. Ытыалыахха үчүгэйэ бэрт. Өссө чугаһатабын. Уһун уочараттары биэртэлээтим. Немец лааҕырыгар үрэллии буолар, хас да аттар өлөллөр, немецтэр оҕут да оҕут буолан бардылар. Ытар бокуой биэрбэккэ ытыалаан куһуйан олоробут. Аҕыйах немец ытыалаһа-ытыалаһа куоттулар. Манна мин хас немец өлбүтүн аахпатаҕым буолан баран арааһа 20 өлбүт буолуохтаах.

1943с. олунньу ый. Арҕаа фронт. Биир дэриэбинэни ылан баран наступлениеҕа киирэн иһэбит, арай иннибитигэр 5 «тигрдэр» иһэллэр эбит. Биһиги 2 птрдаахпыт. Ытааччыларбыт иккиэн нууччалар. Иванов Виталий, птр ытааччыта: «Эн үчүгэйдик ытар киһи биир-биир тэһиргэтэн кээс эрэ», – диэтэ. Танкалар бэһиэн субуруһан иһэллэр. Прямой наводканан биһигини ытыалаан бардылар. Мин бастакы танканы тэһэ ытан кэбистим. Умайан буруо бөҕө. Атыттар кыратык тохтуу түһэн баран ыппакка эрэ кимэн киирэн бардылар. 70-ча миэтэрэ кэлтэрин кэннэ иккис танканы тэһэ ытабын. Үс кэнники танкалар эргиллэ түстүлэр да төттөрү куоттулар. 1943с. Брянскай туһаайыы. Станковай пулемет пехота кимэн киириитин хааччыйар, өстөөх окуопалана сытан биһигини утары уотунан уһуура сыппыта. Өстөөх уотун анныгар атаакалаабакка эрэ сыты кутталлаах этэ. онтон мин «ураа!» хаһыытаан илиибэр граната ылан туппутунан инним диэки ыстанным, мин кэннибиттэн бары байыастар турдулар. Биһиги ротабыт 2 кынатыгар сыппыт станковай пулеметтар өстөөҕү утары кириэстии уоту аһаллар. Немецтэр дэриэбинэни быраҕан атахтарынан куоталлар. Инньэ гынан дэриэбинэ босхолонор. Бу дэриэбинэни ылыахпыт иннинэ оборонаҕа сытан мин 8 немеһи өлөрбүтүм. Ити курдук хорсуннук сэриилэспитим иһин «За отвагу» медалынан наҕараадаламмытым.

***

Бэскэ немец ордууламмыт. Пучково дэриэбинэни ылыыга биһиги подразделениебыт оборонаҕа сыппыта. Дэриэбинэ иннигэр хойуу баҕайы лабаалаах биэс бэстэр тураллара. Мин расчетум саһыаҕынан саһан маскировкаланан сыппыта. Мин бастакы командирым немецтэри билигин ытыахтара суоҕа диэбитэ. Күнүс этэ, онон ким тугу гынара барыта көстө сытара. Арай бастакы номерым туран кэлбитэ уонна сонно тута охтон түспүтэ. Мин билбэккэ да хаалбытым. Уолбар немец буулдьата сүүһүн ортотугар түспүт этэ. Мин киһибин тэйиччи тардан баран олох биллибэккэ сыппытым. Бу хантан кэлбит өстөөх буулдьата табаарыспын сиэтэҕэй диэн кыһыйан-абаран сытабын. Биноклынан көрдөхпүнэ дэриэбинэ бу сытар, биир да немец, ыт-кус биллибэт. Биллэрин курдук немец снайпердара олус тулуурдаахтар, онон бэйэлэрин биллэрэллэрэ биллибэт дии санаан сыппытым. Онтон миэхэ санаа көтөн түстэ: арааһа ити хойуу бэстэргэ немец снайпера ордууланан сытар быһыылаах диэн. Биноклбынан ити бэстэри кэтээтим. Онтон иккис номерым туран уу ыла барда. Киэһэрэн эрэр этэ. Киһим уу ылан баран кэлэн иһэн эмиэ охтон түстэ. Дьэ, абардым-сатардым. Арааһа ити бэстэргэ өстөөх снайпердара сыталлар диэн санаан биноклбынан биир-биир көрөбүн. Арай биир бэс ортоку лабаата хамсаата. Снайперскай винтовка көрдөтө расчеппуттан биир киһини ыыттым. Сотору буолаат киһим винтовкалаах бу сыыллан кэллэ. Мин ити винтовкана маневрга сылдьан үчүгэйдик ытар этим. Бэһим били хойуу лабаатын өйдөөн көр да көр буоллум. Арай туох эрэ хараарар. Винтовкабын кыңаан бэлэмнэнэ сытабын, анны биирдэ ыттаҕына биллэрээ ини диэн сытабын. Борук-сорук буолан барда. Онон сырдык эрдэҕинэ ити немеһи сууллардахха сатанар диэн санаан сытабын. Онтон лабаа хамсаата. Туту былдьаһан ыттахха сатаныыһы. Үчүгэйдик оҥостон кыҥаан баран тардан кэбистим. Өс киирбэх биир киһи сууллан түстэ. Кырдьык немец снайпера эбит. Ити курдук табаарыстарым тыынын иэстэстим.

***

1943 с. Брянскай фронт. Биһиги 16 армиябыт подразделениета кимэн киирэргэ бирикээс ылла. Брянскай куорат таһыгар уҥа атахпар баас ылан Москваҕа госпитальга атаарыллабын. Госпитальга аҕыйах хонон баран Молотовскай (Оренбурскай) уобаласка Верхнечусовские городки диэн сиргэ госпитальга ыыталлар. Манна гипсаҕа 6 ый устата сытым. Онтон Уральскай байыаннай уокурукка Эланскай лааҕырга 44-с стрелковай запасной дивизияҕа сулууспалыыбын. Бастаан учебнай батальоҥҥа отделение командирынан, онтон ротаҕа комсорг, парторг буолтум. Старшай сержант званиетын иҥэрэллэр. 1945 сыллаахха учууталбынан армияттан демобилизацияланабын.

Наҕараадаларым: «За победу над Германией» – медаль, «За доблестный труд», «20 лет победы ВОВ», «50 лет Вооруженных сил СССР», «За отвагу», «25 лет победы в ВОВ».

Баппаҕаайы оскуолатын учууталлара Аҕа дойду сэриитигэр

Баппаҕаайы сэттэ кылаастаах оскуолатыгар араас сылларга үлэлээбит учууталлартан Аҕа дойду сэриитигэр элбэх учууталлар активнай кыттыыны ылбыттара.

Охсуһуу толоонуттан үгүстэр кыайыы кынаттанан. Эргиллэн кэлбиттэрэ. Кондаков Николай Алексеевич 1939 с. Баппаҕаайыга учууталлаабыта. Армияҕа старшай лейтенант званиелааҕа, рота командира. Ону тэҥэ артиллерийскай взвод командира этэ. Шпрее өрүскэ хорсун быһыыны оҥорон, Советскай Союз Геройун аатыгар түһэриллибитэ. Ону биэрбэтэхтэрэ. Ол оннугар кыһыл Знамя орденынан наҕараадаламмыта. Оччолорго ССРС Верховнай Советын депутата Андрей Саввич Борисов туруорсуутунан урукку Президент Горбачев Н.Кондаковка, А.Мироновка, Н.Степановка Герой аатын иҥэрэр туһунан Ыйаах таһаарбыта (1990с.).

Сэрии иннигэр 1940с. Березкин Виктор Николаевиһы кытта бииргэ үлэлээбитим. Баппаҕаайы оскуолатын директора этэ. Хорсуннук сэриилэспитэ, икки «Хорсунун иһин» медалларынан наҕараадаламмыта. Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденын кавалера, Саха республикатын үтүөлээх учуутала.

Баппаҕаайыга учууталлаан баран, этэҥҥэ эргиллибиттэрэ: Алексеев Андрей Васильевич, Томскай Семен Семенович, кини РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна этэ, Н.А.Кондаков, В.Н.Березкин.

Баппаҕаайы оскуолатыгар араас сылларга үлэлээбит учууталларбыт 1418 түүннээх күн устата барбыт сэриигэ сырдык тыыннарын толук уурбуттара. Олор ааттара: Крыжановскай Прокопий Захарович (оскуола директора этэ), Сидоров Спиридон Антонович (директор этэ), Орлосов Иван Тимофеевич, Семенов Софрон Васильевич, Федоров Семен Иванович, Чиряев Андрей Николаевич, Федоров С.И., Федоров С.Г. 1940- 1941сс. үөрэх дьылыгар Баппаҕаайыга бииргэ үлэлээбит коллегаларым этилэр. Федоров С.Г. 5-6 кылаастарга историяны, географияны, биологияны үөрэппитэ. Тапталлаах коллегам туһунан сиһилии кэпсиэм.

Федоров С.Г. 1918с. Үөһээ-Бүлүү оройуонугар Харбалаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1942с. Армияҕа ыҥырыллыбыта. 1943 с. Харьковскай туһаайыыга охтубута, биэс ини биилэр, бырааттыылар этилэр. Уолаттартан улаханнара Николай Гаврильевич, онтон Иннокентий, Самсон, Савва, Ефим.

Кинилэр бэһиэн 1941 уонна 1942 сылларга сэриилэһии фронугар ыңырыллыбыттара. Савва аан бастаан I Чочу оскуолатыгар киирбитэ. Онтон 4-с кылааска Харбалаах оскуолатыгар кэлбитэ. Ити сыл Бүлүү педтехникумун бүтэрэн Седалищев Никифор Кириллович (кэлин Дьүөгэ Аныстыырап диэн псевдонимнаах суруйааччы буолбута) үөрэппитэ. Кини Савваҕа туох эмэ сабыдыаллаах буолун сөп. Онтон Савва Ороһу оскуолатыгар үөрэммитэ (5 кылааска). Ити сыл Савва – Саабыйа диэн псевдонимнанан Эрилик эристиин «Уйбаан дууһа» диэн сэһэниттэн «Аакай-муокай» диэн ааттаан пьеса суруйбутун Ороһу нардомугар (оччотооҕу кулууп аата «народный дом» диэн) учууталлар уонна үөрэнээччилэр туруорбуттарын көрөөччүлэр олус сэргээбиттэрэ. Савва 7-с кылааһы Бүлүүгэ бүтэрбитэ. Элбэх кинигэни умсугуйан ааҕара. Ордук А.Пушкин уонна П.Ойуунускай хоһоонорун нойосуус билэттиирэ. Сотору-сотору Бүлүү оройуонун «Колхоз суола» хаһыатыгар Саабыйа хоһоонноро бэчээттэнэллэрэ.

1937 сыллаахха Дьокуускайга кыһын Саха суруйааччыларн I съеһа буолбута. Онно саҥа суруйан эрэр ыччаттары ыҥыртаабыттар. Ол I съезкэ Савва Федоров уонна Семен Захаров о.д.а. барбыттара. Съезкэ оройуоннар уус-уран суруйуулардаах хаһыаттарн

страницаларын быыстапката буолбута. П.А.Ойуунускай хаһыаттары көрөттөөбүт. Саабыйа хоһооннорун ааҕан баран «Бу ыччаттан туһа тахсыыһы» – диэбитэ үһү.

Бүлүү училищетыгар биһигини саха тылыгар уонна литературатыгар Александр Николаевич Николаев үөрэппитэ. Кини сахалыы литератунай куруһуогу салайбыта. Киниттэн Саав Өксөкүлээх –Кулаковскай хоһооннорун туһунан иҥэн-тоҥон туран ыйыталаһара. Биһиги ити кэмҥэ 33 уол, 7 кыыс буолан үөрэмиппит. 1939 сыллаахха биһигини I Чочу оскуолатыгар таһааран байыаннай лааҕыр олохтоон биир ый үөрэпиттэрэ. «А» уонна «Б» группаларга аҥаардаан үөрэтэллэрэ. Савва Гаврильевич көрсүөтэ, номоҕойо, сытыарыта-сымнаҕаһа, сэмэйэ, бэрт ыраастык. Аккуратнайдык таҥнан-саптан сылдьара, хап-хара баттаҕын өрө анньынан кэбиһэ-кэбиһэ хап-хара харахтарынан мичээрдээн турара бу бааарга дылы. Мин ис дууһабыттан эрэнэбин: Савва фашистары утары хайаан да кытаанахтык киирсибитэ буолуо, чугуйан турбатаҕа буолуо. Хабыр кыргыһыыга, сэрии уотун ортотугар сылдьан өлөөхтөөтөҕө. Кини сырдык кэриэһигэр сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэбин. Савва сырдык мөссүөнэ үйэлэргэ өлбөөдүйүө суоҕа.

Оо, Сэрии! Сэрии! Хаарыан да дьоннорбутун сиэбитиҥ! Биэс бырааттыы Федоровтартан биир эмэ тыыннаах ордубатаҕа ынырыгын!

Сэрии актыыбынай кыттыылааҕа Харлампьев Афанасий Гаврильевич гитлеровскай Германияны утары сэриилэспитэ. Биэс бойобуой доҕордуулар этилэр: Бубякин, Петров, Иванов, Жирков. Кинилэр Сталинградтан Калачтан сэриилэспиттэрэ, Европа сиригэр үктэммиттэрэ, Венгрияны, болгарияны, австрияны, Румынияны босхолуспуттара.

«Отечественная война 1944 года» диэн болгарскай медаль кавалердара. Японияны утары сэрии кыттыылааҕа Алексеев Егор Сидорович – россия норуотун үөрэҕириитин туйгуна. Баппаҕаайы оскуолатын 3 ветераннара – педагогическай үлэ ветераннара, уонунан сылларга лектордар, пропагандистар этилэр. Билигин наставниктар.

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 134 учуутал кыттыыны ылбыттара. Олортон алаһа дьиэлэригэр 41-рэ төннүбэтэҕэ. 93 учуутал тыыннаах эргиллибиттэрэ. Билигин улуус үрдүнэн 10-ча ветеран учууталлар бааллар. Кэнники бириэмэҕэ оскуолалар салайааччылара ыччат ортотугар байыаннай-патриотическай үлэни тохтулар. Оскуолалар аҕа көлүөнэни – сэрии. Тыыл ветераннарын кылаас чаастарыгар. Эр санааланыы. Эйэ уруоктарыгар сырытыннарбат буоллуллар. Быйылгы үөрэх дьыла – юбилейнай үөрэх дьыла. Аны 8 ыйынан Улуу Кыайыы 50 сыллаах кыһыл көмүс юбилейа бырааһынньыктаныаҕа. Хас биирдии оскуола, тэрилтэ «Никто не забыт, ничто не забыто» диэн девиһинэн үлэлиэхтээх, «кэриэстэбил күннэрин» ыытара наада.

Ветераннар – Россия кыһыл көмүс кылаата. Кинилэр баай опыттарын биһиги ыччатарбыт бэйэлэрин үөрэхтэригэр, үлэлэригэр туһанар эбээһинэстээхтэр. Ветераннар соруктара: героическай эпостары пропагандалааһын, байыаннай-патриотическай үлэни күүһүрдүү.

Кыайыы – бу 27 мөлүйүөн охтубут буойуннар тиһэх хаһыылара. Бүгүн биһиги эдэр ыччаппыт революционнай, бойобуой уонна үлэҕэ албан ааттаах үгэстэри, Кыайыы 50 сылын кэрэ кэпсэл, үтүө номох гынан кэрэһэлии туруохтара.

Федор Семенович Томскай

Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденын каыалера, Россия норуотун үөрэҕириитин туйгуна, отставка лейтенана

«Олох суола» хаһыат 1994 сыл алтынньы 4 күнүнээҕи №119-тэн

Сайт сельского дома культуры села Илбенге Вилюйского улуса