Сомо5олоһуу, доҕордоһуу күнэ

Сэтинньи ый 4 күнүгэр модун Арассыыйа үрдүнэн Сомоҕолоһуу күнэ 2005 сылтан дойду бэрэсидьиэнин уурааҕынан бэлиэтэнэр буолбута. Саха сиригэр 100-тэн тахса араас норуот олороро биллэр.

Сомоҕолоһуу күнэ – Ийэ сирбит инники кэскилин туһугар үрдүк эппиэтинэс уонна эр санаа холобурунан буолар. Модун Арассыыйабыт, Сахабыт сирин, улууспут, нэһилиэкпит туһугар киэн туттуу, кини инники сайдыытын туһугар биир сомоҕо буолан үлэлиир-хамсыыр – биһигини барыбытын ситимниирин, түмэрин умнуо суохтаахпыт! 

Сэтинньи 3 күнүгэр Баппаҕаайы нэһилиэгин эр дьонноро Николаев Егор Афанасьевич баһылыктаах муус ылыытыгар субуотунньукка көхтөөхтүк кытыннылар. Соҕотох олорор Далбар Хотуттарга, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоннорго анал байыаннай дьайыыга кыттыбыт буойун дьонноругар муустарын хостоон тиэйэн биэрдилэр.

Муус ылыыытыгар субботник
Баппаҕаайы үлэһит эр дьонноро

Сэтинньи 4 күнүгэр араас омуктар үҥкүүлэринэн флеш-моб уонна Алексеев А.Е аатынан “Эрэл” спортсаалаҕа “Көрдөөх стартар” ыытылынна.

1 миэстэ “Сайдыы” хамаанда
2 миэстэ “Эрэл” хамаанда
3 миэстэ “Түмсүү” хамаанда

Суоппар идэтин баһылаабыт ыччаттарбыт

Оччотооҕу кэмтэн билиҥҥэ диэри көлөтө суох дойду экономиката да, дьон-сэргэ күннээҕи да олоҕо туруктаах буолар кыаҕа суох. Күчүмэҕэй сырыылаах суолларынан сүүһүнэн тыһыынча массыына айанныыр, дьону таһар, таһаҕас тиэрдэр. Суоппар идэтэ күннэтэ элбэх сыраны уонна эппиэтинэһи эрэйэр уустук үлэ буолар.
Дьон олоҕор-дьаһаҕар суолталаах араас табаардары, матырыйааллары, аһы-үөлү таһыыга суоппардар үлэлэрэ ураты суолталаах. Эһиги дьаныардаахтык үлэлээн, кыһыннары-сайыннары, күн-дьыл күнүттэн тутуллубакка таһаҕастар туһааннаах миэстэлэригэр тиийэллэр.
Баппаҕаайы нэһилиэгин ыччаттара суоппар идэтин толору баһылаан күннэтэ араас улахан тэрилтэлэргэ үлэлии – хамныы сылдьалларынан киэҥ туттабыт. Эһиги улуус, республика сайдыытыгар кылааккытын үрдүктүк сыаналыыбыт. Ол курдук дьон-сэргэ туһугар таһаҕас таһан, дьону тиийиэхтээх сирдэригэр тиэрдэн айа-тута үлэлиир суоппардарбытын тустаах күҥҥүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Шамаев Николай
Данилов Мичил
Алексеев Виктор
Николаев Валера

Айаҥҥыт суола көнө, үтүө аргыстаах буоллун! Аартыккыт аһаҕас, алгыстаах буоллун!

Ийэлэр күннэринэн эҕэрдэлиибит

Алтынньы 26  күнүгэр  күн күбэй ийэлэргэ аналлаах дьоро киэһэ буолан ааста. Нэһилиэк самодеятельноһын кыттыылаахтара, ыалдьыттарбыт,  оскуола оҕолоро ырыа үҥкүү бэлэхтээтилэр, ийэлэри эҕэрдэлээн.” Алаьа”  СК уус- уран салайааччыта Туйара Григорьева бу киэһэни олус сэргэхтик ыытта, киниэхэ көмөлөстө олохтоох библиотекарь Айталина Сидорова. Оонньуу арааһын оонньоттулар кыайыылаахтар  СК туруорбут  бириистэрин  тутан үөрдүлэр, дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.  

“Күндүл” фольклорнай бөлөх
Регина Оконешникова
Ыалдьыппыт Вадим Никифоров
Ыалдьыппыт талааннаах ырыаһыт Дария Никифорова
“Алаһа” вокальнай ансамбль
Гаврил Алексеев
“Оживи фотографию” оонньуу
“Джентльмены удачи”

“Кырдьыбат сааһым көмүс күһүнэ”

Баппаҕаайы нэһилиэгэр аҕам саастаах 115 киһи олорор. Алтынньы 1 күнүгэр аан дойдуга аҕам саастаахтаарга болҕомто үтүө сыһыан күнэ буолар. Нэһилиэкпитигэр сылын ахсын бу күҥҥэ тэрээһиннэр ыытыллаллар.

А.Е.Алексеев аатынан спортсаалаҕа күрэхтэһии
1 миэстэлээх 🥇хамаанда
2 миэстэлээх 🥈хамаанда
3 миэстэлээх 🥉хамаанда

Алтынньы 12 күнүгэр Алаһа СК маастар кылаастар, минньигэс астаах остуол тула эҕэрдэлэр, оонньуулар ыытылыннылар

Вдохновение уруһуйга МК
МК түгэннэриттэн
МК түмүгэ
“WIEDA хаампаанньалыын чөл туруктаах буолуоҕуҥ” лекцияҕа
Остуол тула

Аҕам саастаахтарбыт оонньоон, эҕэрдэлэһэн дуоһуйа сынньаннылар. Өссө төгүл баҕарабыт эһиэхэ уһуннук, доруобайдык сылдьаргытыгар куруук көхтөөх буолуҥ.

Аҕам саастаахтарга минньигэс астаах остуолу тэрийсибит, көмөлөспүт нэһилиэкпит бары тэрилтэлэригэр, женсовет түмсүүтүн салайааччытыгар, уруһуй МК ыыппыт Анна Матвееваҕа махталбытын тиэрдэбит. Баҕарабыт үлэҕитигэр ситиһиилэри тус олоххутугар дьолу үөрүүнү.

Кустук өҥнөөх оҕо саас

Бэс ыйын 1 күнэ аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнэ, бу күҥҥэ  аналлаах “КУСТУК ӨҤНӨӨХ ОҔО СААС” нэһилиэкпитигэр хаһан да буолбатах улахан бырааһынньык ыытылынна.

Нэһилиэк баһылыга Е.А. Николаев эҕэрдэтэ
Оскуола директорын үөрэх чааһыгар солбуйааччы Матвеева А.И.
Ситиһиилээх 2 кылаас үөрэнээччилэрэ
“Табаһыт” удьуора улахан аймах уһуйааҥҥа бэйэлэрин бэлэхтэрин туттардылар

Баппаҕаайы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна уһуйаан иитиллээччилэрэ талааннарын көрдөрөн кэнсиэртээтилэр

“Веселые нотки” хор салайааччы Кириллина М.Е.
Уһуйаан оҕолоро “Морячка” үҥкүү сал.Николаева Э.П.
Көрдөөх клоуннар кэнсиэри ыыттылар
Клоуннары кытта үҥкүү
Дуэт “Эдэр булчут ырыата”
Радуга-дуга

“Оҕо саас дьоллоох биһигэ” күрэххэ эдэр ыаллар кырачаан оҕолорун кэлээскэлэрин олус үчүгэйдик киэргэтэн кытыннылар. Миэстэлэспиттэр “Күн-күн” маҕаһыынтан сертификатынан наҕараадаланнылар.

“Синий трактор” Васильева Диана уолунаан 1 миэстэ
“Русалочка” Оконешникова Паша кыыһынаан 2 миэстэ
“Кораблик” Антоновтар уолларынаан 3 миэстэ
Фотозона “В гостях у добрых мультиков”

Нэһилиэк 6 түөлбэлэрэ хаһан да умнуллубат мультиктар геройдарын маһынан оҥорон уһуйааҥҥа бэлэхтээтилэр

Хас биирдии нэһилиэк оҕото төрөөбүт сылларын символларыттан минньигэс бэлэх тутан үөрдэ көттө, киэһээ өттүгэр кулуупка сахалыы ойуулуктары көрдүлэр эдэр асчыт ийэлэр оҥорбут минньигэс тортарын сиэтилэр.

Бырааһынньыктааҕы торт

Бу тэрээһини былааннаата, тэрийдэ  М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолатын, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр үөрэтэр уһуйаан сүрүн баспытааатала Екатерина Афанасьевна Харлампьева. Киниэхэ көмөлөстүлэр Алаһа СК, орто оскуола, уһуйаан , олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ, нэһилиэк олохтоохторо. Тэрээһини тэрийбит, кыттыспыт ,үлэлэспит сүүрбүт -көппүт дьоммутугар махтал бастыҥ тылларын төрөппүттэр , оҕолор ааттарыттан тиэрдэбит.

Оҕолорго бэлэхтэри ыларга үбүнэн көмөлөспүт нэһилиэк бары үлэһиттэригэр, ИП Алексеев Н.Н. “Силис” маҕаһыын, ИП Петрова Р.Н. “Любимый” маҕаһыын, ИП Яковлева Р.Д. “У Розы” маҕаһыын, ИП Егорова Д.Н. чайная “Мария” коллективтарыгар тэрийээччилэр ааттарыттан барҕа махтал тылларын этэбит.

О5о – эн тапталыҥ иэйиитэ, уйаҕас сүрэҕиҥ чопчута,

Саас үүнэр симэх от кэриэтэ, олоҕуҥ иккистээн тыллыыта.

Өйдүүбүт.Сүгүрүйэбит.Махтанабыт

Кыайыыны уһансыбыт Ытык дьоммутугар, сүгүрүйэн туран,  Баппаҕаайы нэһилиэгин туонатыгар «Өйдүүбүт, Сүгүрүйэбит. Махтанабыт» Улуу Кыайыы сэттэ уон тоҕус өрөгөйдөөх сылын көрсөр  тэрээһиннэр ыытылыннылар.

“Өйдөбүнньүк чүмэчи ” акция сэрии толоонуттан эргиллибэтэх биир дойдулаахтарбытыгар аналлаах пааматынньыкка ыытылынна.

Нэһилиэкпитигэр Кыайыы болуоссатыгар ыам ыйын 9 күнүгэр миитин ыытылынна

Биир дойдулаахтарбыт сэрии кыттыылааахтара М.А.Алексеев, Н.В. Федоров , тыыл бэтэрээнэ Е.Е.Николаев, Хорсун быһыытынын иһин ис дьыала министиэристибэтин мэтээлинэн наҕараадаламмыт(посмертно) К.Н.Никифоров өйдөбүнньүк бэлиэлэригэр сибэкки уурдулар.

“Веселые нотки” алын кылаас оҕолорун хора (сал.М.Е.Кириллина)
“Эһээлэр – Геройдар”
“Молодая гвардия ” этэрээт байыастара

Баппаҕаайы нэһилиэгэр 6 тыыл бэтэрээнэ, 9 сэрии кэмин оҕолоро Кыайыы күнүн көрсүбүттэрэ. Кинилэри нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга, нэһилиэк актыыбыстара дьиэлэригэр тиийэн бука барыларын эҕэрдэлээтилэр, бэлэхтэри туттартаатылар.

Үйэ саас бэлиэлээх тыыл бэтэрээнэ Прокопьева Мария Алексеевна
Тыыл бэтэрээнэ Степанова Мария Филипповна
Тыыл бэтэрээнэ Васильев Егор Васильевич
Сэрии кэмин оҕолоро Кириллина Тамара Алексеевна, Дьячковский Василий Степанович
Сэрии кэмин оҕото Васильева Елизавета Алексеевна
Сэрии Федорова Марфа Егоровна
Сэрии кэмин оҕото Алексеева Дария Кузьминична

Дьоллоох олохпут туһугар хорсуннук охсуспут сэрии, тыыл ветераннарыгар, оҕо саас диэни билбэтэх сэрии кэмин оҕолоругар ис сүрэхтэн махтанабыт. Баҕарабыт эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, өссө да уһуннук чугас дьоҥҥут тапталларыгар угуттанан олороргутугар баҕарабыт.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырааһынньыга, сыл ахсын муус устар 27 күнүгэр бэлиэтэнэр.

Бу күн 1922 сыллаахха РСФСР иһинэн Саха АССР тэриллибит. Ону таһынан, 1992 сыллаахха, бу күн, демократия бириинсиптэригэр олоҕурбут өрөспүүбүлүкэ саҥа Төрүт Сокуона (Конституцията) ылыллыбыт.

Нэһилиэкпитигэр бу бырааһынньыгы сыл аайы үөрэ көтө бэлиэтиибит

Оһуокайдаан ойдубут, эһиэкэйдээн тэйдибит
“Куобахтааһын”

Түөлбэ олохтоохторо сахалыы көрүҥнэргэ хамаанданнан күрэххэ көхтөөхтүк кытыннылар.

“Уҥуох быраҕыы”
“Бэһирик сүүрдүү”
“Кириэс тэбии”
Күрэхтэһии кыттыылаахтара

6 түһүмэхтээх күрэх түмүгүнэн 1 миэстэ – “Айыына” түөлбэ, 2 миэстэ – “Кэскил” түөлбэ, 3 миэстэ – “Эбэ” түөлбэ.

Чэйиҥ эрэ, ийэлэр…

“Чэйиҥ эрэ, ийэлэр …” күрэх кыттааччылара

Кулун тутар 8 күнүгэр нэһилиэкпит  тэрилтэлэригэр үлэлиир ийэлэр күрэххэ кытыннылар. Алаһа СК, врачебнай амбулатория, М.А.Алексеев аатынан орто оскуола , олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ олус көхтөөхтүк кытыннылар.

Алаһа СК ийэлэрэ
М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолатын ийэлэрэ
Врачебнай амбулатория
Олохтоох дьаһалта ийэлэрэ

Бириэмэ5э ытыгынан күөрчэх ытыйдылар, сибэккилээх корзина оҥордулар

Дьиэҕэ сорудахха хас биирдии тэрилтэ биирдии бүлүүдэ оҥорон аукциоҥҥа таһаарда. Аукционтан киирбит үп “Сүрэҕим баҕатынан” анал байыаннай дьайыыга сылдьар эр дьоннорбутугар араас наадалаах маллары оҥорор дьахтар түмсүүтүгэр бэрилиннэ. Уопсайа аукционтан 7550 солкуобай киирбитин түмсүү салайааччытыгар Ирина Николаевнаҕа туттардылар.

Талаан түһүмэҕэр ийэлэрбит үҥкүүлээтилэр, ыллаатылар, сценка көрдөрдүлэр.

Күрэх түмүгүнэн 1 миэстэ врачебнай амбулатория ийэлэрэ, 2 миэстэ Алаһа СК ийэлэрэ, 3 миэстэ олохтоох дьаһалта ийэлэрэ уонна көхтөөх кыттааччы аатын орто оскуола ийэлэрэ ыллылар. Бука бары кыттыбыттарга бэлэхтэр, кыайыылаахтарга сыаналаах бириистэр туттарылыннылар.

Бу киэһээни  нэһилиэк талааннаах эр дьонноро иилээн-саҕалаан саҥаран-иҥэрэн ыыттылар, ырыа – тойук бэлэхтээтилэр. Нэһилиэкпит көхтөөх ийэлэрин өссө төгүл эҕэрдэлиибит.

Дьиэ кэргэн, О5о саас, Ыччат сылларын үөрүүлээх арыллыыта

2024 сыл Арассыыйаҕа “Дьиэ кэргэн сыла”,  Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “Оҕо саас сыла” , Баппаҕаайы нэһилиэгэр “Эдэр ыччат сыла” биллэриллибитинэн олунньу 2 күнүгэр “Алаһа” СК  үөрүүлээх арыллыы тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык ааста.

Нэһилиэк актыыбынай дьиэ кэргэттэрэ Яковлевтар, Ивановтар, Харлампьевтар, Алексеевтар толорууларыгар “САХА ЫАЛА “
Дария кыыһынаан Аделиналыын

“Хас биирдии оҕо дьоллоох оҕо сааска , сылааска уонна тапталга улаатыахтаах. Хас биирдии оҕо сайдарыгар, талаанын арыйарыгар, кыаҕын туһанарыгар усулуобуйа баар буоулуохтаах, оҕоҕо харыстабыллаах сыһыан күүһүрүөхтээх, оҕо болҕомтото суох хаалыа суохтаах “- бу сыаннастары этэн туран Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев – “Оҕо саас ” сылын биллэрбитэ.

М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолатын оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр-үөрэтэр уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоро ырыаларын бэлэхтээтилэр

Уолаттар толорууларыгар “Эдэр булчут ” сал.Э.П.Николаева
Кыргыттар толорууларыгар “Үтүлүкчээн” сал.Э.П.Николаева

Баппаҕаайы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ фольклор нүөмэрдэрин, бөлөҕүнэн ырыа. үҥкүү көрдөрдүлэр

“Кылыһах” фольклорнай бөлөх сал.М.Е.Кириллина
Нуучча норуодунай ырыаларыгар попурри”, толорор Арылхан Барашков сал.М.Е Кириллина
Норуот ырыаларыгар попурри”, толорор Сандал Антонов сал.М.И Афанасьева
2 кылаас үөрэнээччилэрин толорууларыгар “Төрөөбүт тыл” сал.С.Д.Оленова
“Ийэм миэнэ кыраһыабай” толорор Регина Оконешникова, сал Т.К.Григорьева
11 кылаас кыргыттара үҥкүүлүүллэр

Баппаҕаайы нэһилиэгин баһылыга Егор Николаев тохсунньу 9 күнүгэр 2024 с. 2 нүөмэрдээх уурааҕынан “Баппаҕаайы нэһилиэгэр 2024 сыл-Ыччат сылынан” биллэриллибитэ.

ССРС Норуодунай учуутала М.А.Алексеев : “Олоҕум устатын тухары үчүгэйи баҕарбыт тапталлаах сахам норуотун ыччатыгар манныгы этиэхпин баҕарабын- Ыччат баһыйар үксэ бары өттүнэн билиҥҥи биһиги сайдыылаах олохпутугар сөп түбэһэр. Кининэн биһиги аҕа көлүөнэ астынабыт уонна киэн туттабыт.”

Кэнсиэри арыйдылар “Чороонноох үҥкүүннэн” эдэр ыччаттар

Эдэр ыччаттар дьиэ кэргэнинэн сахалыы таҥас муодатын көрдөрдүлэр, үҥкүүлээтилэр, ыллаатылар сылларын бэрт сэргэхтик арыйдылар

Дьиэ кэргэҥҥит дьол уйата буоллун, өрүүтүн оҕолорбут тула үрүҥ күн күлүмнүү тыгыахтын, кэлэр ыччат кэскилэ кэҥээтин, саргыта салалыннын!

80 лет полного освобождения Ленинграда от фашисткой блокады

80 лет назад, 27 января 1944 года, закончился один из самых трагических эпизодов Великой Отечественной войны. Была полностью снята блокада Ленинграда, которая продолжалась 872 дня. Ленинград – единственный в мировой истории город, который смог выдержать почти 900-дневное окружение.

Сегодня 27 января 2024 года мы почтили память освобождения города Ленинграда от блокады. Учителя и ученики Баппагайинской СОШ им.М.А.Алексеева приняли активное участие на мероприятии.

Стихотворение “Дорога жизни” прочитали ученики 8 – го класса..

Ведущий рассказала собравшимся о подвиге Ленинградцев, о тех страшных годах, о голоде и холоде…показали видео слайд. Ученики школы приняли активное участие в викторине “Непокоренный Ленинград”.

Викторину провела сельский библиотекарь Сидорова А.М.
Стихотоворение Татьяны Варламовой “Ленинградский салют” прочитали ученики 3-го и 4-го классов

Участникам мероприятия раздали “блокадный хлеб” весом 125 гр. Рассказали о ценности хлеба,

“125 граммов – это кусочек хлеба размером со спичечный коробок…и это была норма на весь день. Это было трудно назвать хлебом. Это была тёмно-коричневая липкая масса, отдававшая горечью. Она на 40 процентов состояла из различных примесей, в число которых входила целлюлоза, получаемая из древесины”- таким хлебом питались все жители Ленинграда в те страшные годы.

Такие информационно-просветительские мероприятия дают детям воспитание патриотизма, чувства гордости за свою страну, за свой народ.

Никто не забыт, ничто не забыто!

   

Сайт сельского дома культуры села Илбенге Вилюйского улуса