“Олоҥхо түөлбэтин уран тарбахтаахтара”
быыстапка көрүү-күрэҕин кыттыылаахтара.
Бүлүү улууһа, Баппаҕаайы нэһилиэгэ
| № | Кыттааччы аата | Кыттар көрүҥэ |
| 1 | Алексеева Елена Павловна | Туос оноһуктар |
| 2 | Алексеева Гульнара Николаевна | Оҕуруо оҥоһуктар |
| 3 | Алексеев Гаврил Иванович | Мас оҥоһуктар (сахалыы иһиттэр) |
| 4 | Антонова Августина Николаевна | Кыбытыгынан тигии, быысыбай |
| 5 | Акимова Варвара Яковлевна | Кыбытыгынан тигии, баайыы, оҕуруоннан оҥоһук |
| 6 | Гаврильев Петр Иванович | Мас оҥоһуктар |
| 7 | Иванова Парасковья Николаевна | Мас оҥоһуктар |
| 8 | Никитина Августина Никитична | Сылгы сиэлиттэн, түүтүттэн оҥоһуктар |
| 9 | Николаев Афанасий Спиридонович | Тимир оҥоһуктар |
| 10 | Николаева Альбина Алексеевна | Ат симэҕэ |
| 11 | Сидорова Айталина Михайловна | Баайыы |
| 12 | “Мичээр” оҕо уһуйаанын төрөппүттэрэ сал.Степанова Марина Марковна | Сыахайдар (сахалыы куукулалар) |
Туос оноьуктар
Оҥордо: Алексеева Елена Павловна
- Хатыҥ мас туоьуттан оһуордаан, ойуулаан-мандардаан оҥоһуллубут араас ыа5айалар, чабычахтар, маллаах иьиттэр.
- Сылгы сиэлинэн оноьуллубут сапсыыка, дэйбиир


О5уруоннан оноьуктар
Оҥордо: Алексеева Гульнара Николаевна.
- Оҕуруоттан кыыс, дьахтар киэргэллэрэ фетр таҥаска тиһиллэн оҥоһуллубуттар;
- Фоамирантан оҕуруо кыбытыылаах киэргэллэр.





Чорооннор, кытыйалар
Оҥордо: Алексеев Гаврил Иванович.
- Хатыҥ мастан оһуордаан, ойуулаан-мандардаан станокка оҥоһуллубут араас чорооннор, кытыйалар, хамыйахтар уо.д.а. арыынан уҕунуохтаммыттар, күннээҕи олоххо туттуллар иһиттэр.
- Сувенирга оҥоһуллубуттар лааҕынан бүрүллүбүттэр







Кыбытыгынан тигии, быысыбай
Оҥордо Антонова Августина Николаевна.
- Көбүөрдэр – сукуна таҥас кырадаһыннарыттан аттаран, кыбытан, илииннэн тигиллибиттэр
- Дьахтар мааны үтүлүгэ – оһуора быысыбайдаммыт, иһэ норка түүтэ;
- Олбох, сыттык – сукуна таҥаһы кырыйан, аттаран, кыбытан тигиллибиттэр






Кыбытыгынан тигии, баайыы, оҕуруоннан оҥоһук
Оҥордо: Акимова Варвара Яковлевна
- Оҕуруоннан панно;
- Сукуна кырадаһыннарыттан кырыйан тигиллибит кебуердэр, олбох, орон сабыыта;
- Араас таҥаһы кырыйан күрүчүөгүнэн өрүллүбүт серүөлэр.







Мас оҥоһуктар (сахалыы иһиттэр)
Оҥордо: Гаврильев Петр Иванович
- Сахалыы үс атахтаах төгүрүк остуол, тумба-остуол.
- Матырыйаала хатыҥ, бэс мастар. Оһуора илииннэн уруһуйдаммыт. Оҥоһуктар лаахтаммыттар.


Фанераттан быьыллыбыт киэргэллэр
Оҥордо Иванова Парасковья Николаевна.
- Хаптаһыҥҥа, фанераҕа оһуор түһэрэн быьыллыбыт араас харысхаллар, дьиэ, олбуор киэргэтиилэрэ










Валяние
Оҥордо Никитина Августина Никитична.
- Сылгы сиэлинэн, түүтүнэн тыытан (валяние) оҥоһуллубут корзина, панно, сэлээппэ, тапочка,
- куобах оонньуур (шерсть ) валяние техниканнан оҥоьуллубут

Тимир оноьуктар
Оҥордо: Николаев Афанасий Спиридонович.
Тимиринэн уһанар.
- Хомус. Тыла эрбии тимириттэн оҥоһуллубут;
- Саха быһахтара ыстаал тимиртэн (рессора) оҥоьуллубуттар. Кыына сүөһү тириититтэн уонна бэлэм тирииттэн тигиллибиттэр;
- Былыргылыы охсон оҥоруу .




Ат симэ5э
Оҥордо Николаева Альбина Алексеевна.
- Кычым, лэпсэ, чаппараах – сукуна таҥастан тигиллибит, кыбытык киэргэтиилээх.
- Бэрэмэдэй – бэлэм тирииттэн тигиллибит,
- Сулар, кымньыы, дэйбиир – сылгы кылыттан өрүллүбүттэр.





Баайыы
Оҥордо Сидорова Айталина Михайловна.
Күрүчүөгүнэн баайыы
- Остуол сабыыта, береттар, салфеткалар күрүчүөгүнэн баайыллыбыттар
- Харыйа оонньуурдара күрүчүөгүнэн баайыллыбыттар крахмалынан кытаатыннарыллыбыттар
- Туттуллубут матырыйаала- ирис уонна араас баайыы саптара.






Сыахайдар – сахалыы куукулалар
Оҥордо: “Мичээр” оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ уонна төрөппүттэрэ
(сал.Степанова Марина Марковна)
- Олоҥхо уобарастарынан куукулалар (сыахай) оҥорбуттар;
- Туттуллубут матырыйаал: араас таҥас сыыстара, түү, основата хортуон, пластик иһиттэр.
- Илииннэн тигии.


