Нэһилиэк кэскилэ – эдэр ийэлэргэ

Күндү Баппаҕаайы нэһилиэгин кэрэ, нарын эдэр ийэлэрин!
Хас биирдиибит бу орто дойдуга саамай чугастан-чугас киһибитигэр – Ийэлэрбитигэр сүрэхтэн кутуллар истиң-иһирэх тыллары этиэхпитин баҕарабыт.
Ийэ – сир үрдүгэр күндү тыл,
Ийэ – күңңэ тэңнээх күндү тыл,
Ийэ – сүрэҕи минньитэр күндү тыл,
Амарах, истиң, иһирэх тыл.

Эһиги окко түспүт оҥоһуугутунан, сиргэ түспүт симэниигитинэн, Ийэ буолар дьолу биэрбит, олоҕу бэлэхтээбит аанньалы түстүүр таҥара.
Быйыл 2022 сылга Саха Республикатыгар Ийэ сыла биллэриллибитэ. Ийэлэргэ боломто ууруллар, Ийэ оруолун үрдүктүк чиэстээн күндү тыллар туһаайыллаллар.


Алаһа дьиэ араҥаччылара холумтаҥҥыт сылаас буоллун,
Дьиэ кэргэҥҥитин амтаннаах аһынан күндүлээҥ,
Иллэҥ кэмҥитигэр тапталгытын ууран тикпит таҥаскыт сылаас буоллун,
Илиигит сылааһын ууран олордубут үүнээйигит быйаҥнаах буоллун.
Күннээҕи түбүккүт истиҥ сыһыантан чэчирии сайыннын,
Аламай күҥҥүт сыдьаайа тыктын,
Алаһа дьиэҕитигэр дьол,таптал уйаланнын.
Кырачаан оҕолоргут ымыылаах буоллуннар,
Бэйэ бэйэҕэ өйөбүллээх буолуҥ,
Таптыыр,таптатар дьолун билиҥ,
Олоххут кэрэни эрэ кэрэһэлээтин.
Кэскили эрэ түстээтин,
Үөрүү үктэллээх,
Дьоллоох олох аргыс буоллун,
Дьол-соргу тосхойдун!

Читать далее Нэһилиэк кэскилэ – эдэр ийэлэргэ