Россияҕа аҕалар күннэрэ

2021 сылга Дойду Президенэ Владимир Владимирович Путин 573 нүөмэрдээх укаһынан алтынньы ый үһүс баскыһыанньата Россияҕа Аҕа күнүн бэлиэтиир уурааҕа тахыбыта.
Эр киһи ыал буолан, аал уоту оттунан «Аҕа баһылык» дэтэрин тухары ыал аҕатын үрдүк аатын сүгэр. Дьиэ-кэргэн нус – хас олоҕо уонна олоҕун уйгута, оҕолору иитии ийэттэн эрэ буолбакка, аҕаттан эмиэ тутулуктаах. Аҕа тус холобура, кини ийэҕэ ытыктабыллаах сыһыана, төрөппүт эппиэтинэһин толоруу оҕону общество дьоһун гражданинын быһыытынан бэлэмнээһиҥҥэ улахан суолталаах.

Ытыктабыллаах аҕалар!
Нэһилиэкпит бары аҕаларыгар истиҥ эҕэрдэ тиэрдэн туран, чэгиэн доруобуйаны, үлэҕитигэр ситиһиини,
дьиэ – кэргэҥҥитигэр дьолу – саргыны баҕарабыт!

Читать далее Россияҕа аҕалар күннэрэ