Алексеев А.Е. аата “Эрэл” спортсаалаҕа

Ыам ыйын 31 күнүгэр Баппаҕаайыга нэһилиэк инники сайдыытыгар олус улахан суолталаах тэрээһин буолан ааста. Ол курдук “ЭРЭЛ” спортивнай саалаҕа биир дойдулаахпыт, Баппаҕаайылар холобур оҥостор, киэҥ туттар киһибит Саха АССР физкультурнай- спортивнай хамсааһынын салайааччыта, Саха Сирин спорткомитетын председателя, Саха сиригэр Манчаары оонньууларын төрүттээччи, оһуохайдьыт,алгысчыт, биир дойдулаахпыт АЛЕКСЕЕВ АФАНАСИЙ ЕГОРОВИЧ аатын үөрүүлээх-быһыыга иҥэрдибит.

Алексеев Афанасий Егорович
Читать далее Алексеев А.Е. аата “Эрэл” спортсаалаҕа

“ЫҺЫАХ МААНЫЛААХ ТАҤАҺА”

сахалыы таҥас күрэҕэр кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.

Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы,
Саха республикатыгар Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үйэтитии сылларынан

Баппаҕаайы нэһилиэгин – Түөлбэм төрүттүүр ыһыаҕар

“ЫҺЫАХ МААНЫЛААХ ТАҤАҺА”

сахалыы таҥас күрэҕэр кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.

Буолар күнэ: Бэс ыйын  15  күнэ.2023с.

Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ

Кыттааччылар бөлөххө арахсаллар:

  • Эр дьон сахалыы таҥаһа;
  • Дьахтар сахалыы таҥаһа;
  • Оҕолорго: 1-3саастаах оҕолор;

                  4-6 саастаах оҕолор;

                  7-9 саастаах оҕолор;

                  10-12 саастаах оҕолор;

Таҥаскытын муодалаан хааман көрдөрө5үт.

Күрэх түмүгүнэн бөлөх аайы  кыайыылаахтар  грамоталарынан уонна өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадаланыахтара

 Кэлиҥ,  кыттыҥ,  саха бастыҥ бырааһынньыгын маанылаах таҥаһын көрдөрүҥ.

Сиһилии билсэр нүөмэргит 89627358123

Читать далее “ЫҺЫАХ МААНЫЛААХ ТАҤАҺА”

ЫЛЛЫЫР-ТУОЙАР ОҔО СААС – оҕолорго ырыа күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥырабыт

Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы,
Саха республикатыгар Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үйэтитии сылларынан

Баппаҕаайы нэһилиэгин  -Түөлбэм төрүттүүр ыһыаҕар

“ЫЛЛЫЫР-ТУОЙАР ОҔО СААС”

оҕолорго ырыа күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥырабыт

Буолар күнэ: Бэс ыйын 15 күнэ 2023 сыл

Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ

            Кыттааччы оҕолор 2 бөлөххө арахсаллар

I – бөлөххө оскуола иннинээҕи 5-7 саастаахтар;

II – бөлөххө 8-10 саастаахтар.

Күрэххэ кыттыы ирдэбиллэрэ

  • Кыттааччы оҕо биир ырыаны толорор, үлэ, дойду, айылҕа, сайын туһунан;
  • Ырыаны  толороругар  сөп түбэһэр таҥаһа- саба.

Күрэх түмүгүнэн  кыайыылаахтар  грамоталарынан уонна өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадаланыахтара

Күндү оҕолор актыыбынай кыттыыны ылыҥ!

Сиһилии билсэр нүөмэргит 89627358123

Читать далее ЫЛЛЫЫР-ТУОЙАР ОҔО СААС – оҕолорго ырыа күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥырабыт

“ӨБҮГЭ УТУМУНАН” дьиэ кэргэн күрэҕин балаһыанньата

Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы,
Саха республикатыгар Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үйэтитии сылларынан
Баппаҕаайы нэһилиэгин -Түөлбэм төрүттүүр ыһыаҕар ыытыллар

“ӨБҮГЭ УТУМУНАН”

дьиэ кэргэн күрэҕин балаһыанньата

Буолар күнэ: Бэс ыйын 15 күнэ.2023с.
Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ

Күрэх көрүҥнэрэ:

  • Күн төгүрүк алаадьы буһарыыта(ыал ийэтэ);
  • Үөтүнэн оҕуһу, ынаҕы, ньирэйи оҥорор(ыал аҕата);
  • Күүгүнэйинэн оҕо тыас таһаарар(оҕо кыттар);
  • Түү мээчиги быраҕыы(дьиэ кэргэн бары кыттар);

Күрэх ирдэбиллэрэ:

  • Алаадьыны буһарыытыгар(газ оһох, сковородка, ст.ложка, 0,5л.алаадьы тиэстэтэ, мас арыыта уонна туттар тэрилин) ийэ аҕалар;
  • Эр киһи мас оҥоһуктарын 15-20мүн. оҥоруохтаах(быһах аҕалар);
  • Оҕо күүгүнэйин оҥорон аҕалар;
  • Кыттар дьиэ кэргэн сахалыы таҥастаах кыттар;
  • Кыайыылаах дьиэ кэргэҥҥэ спонсордар, тэрийээччилэр бириистэрэ уонна грамоталар туттарыллаллар;

Кэлиҥ, кыттыҥ өбүгэбит үгэстэрин сөргүтүөҕүҥ!

Читать далее “ӨБҮГЭ УТУМУНАН” дьиэ кэргэн күрэҕин балаһыанньата