Баппаҕаайы нэһилиэгэ – Бүлүү улууһун киирэр аана, саҥаны –үтүөнү көҕүлүүр, үлэни-хамнаһы кыайа-хото тутар дьоннордоох биир улахан нэһилиэк буолар. 2017 сылтан сэтинньи 15 күнэ – нэһилиэк күнүнэн бэлиэтэнэр. Баппаҕаайы нэһилиэгин олохтоохторо, бу күнү үөрэ-көтө өрө көтөҕүллүүлээхтик бырааһынньыктыыбыт.
Үгэс быһыытынан бу күҥҥэ нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Егор Николаев “Баппа5аайы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо“ бочуоттаах ааты нэһилиэкпит олохтоохторугар туттарда
- Кириллин Николай Николаевич- тыыл, үлэ бэтэрээнэ
- Кириллина Тамара Алексеевна – үлэ бэтэрээнэ
- Антонова Августина Николаевна- педагогическай үлэ бэтэрээнэ
- Кириллин Валерий Кузьмич – педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
“Нэһилиэк сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэни нэһилиэкпит 7 олохтооҕо ылар чиэскэ тигистилэр.
- Таскин Константин Алексеевич
- Антонова Клара Васильевна
- Никифоров Александр Николаевич
- Акимова Ньургустаана Николаевна
- Тарасов Николай Николаевич
- Николаев Анатолий Афанасьевич
- Иванов Дмитрий Маркович.
“Таптыыр түөлбэм-Баппаҕаайым” нэһилиэк тэрилтэлэрин үлэһиттэрин олус интэриэһинэй эҕэрдэ концера дьон биһирэбилин ылла.
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/12/photo-2023-12-05-11-06-26.jpg?resize=474%2C267&ssl=1)
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/12/photo-2023-12-05-11-08-18-1.jpg?resize=474%2C388&ssl=1)
Бырааһынньыкпыт түмүктүүр чааһыгар нэһилиэкпит эдэр ийэлэрэ астаабыт минньигэс тортарынан бу киэһээ мустубут оҕолору, улахан дьону барыларын күндүлээтилэр.
![](https://i0.wp.com/alasa-dosugovoy.ru/wp-content/uploads/2023/12/08e58f7b-ea31-4669-bc31-51c50fe86073.jpg?resize=474%2C422&ssl=1)
Төрөөбүт түөлбэбит, Баай Баппаҕаайыбыт,
Тоҕус үйэ тухары тулхадыйыма, туругур!
Илгэлээх ийэ сирбит, Илбэҥэлиир эбэбит,
Истэр тухары аатыҥ айхаллана туруохтун!