Оччотооҕу кэмтэн билиҥҥэ диэри көлөтө суох дойду экономиката да, дьон-сэргэ күннээҕи да олоҕо туруктаах буолар кыаҕа суох. Күчүмэҕэй сырыылаах суолларынан сүүһүнэн тыһыынча массыына айанныыр, дьону таһар, таһаҕас тиэрдэр. Суоппар идэтэ күннэтэ элбэх сыраны уонна эппиэтинэһи эрэйэр уустук үлэ буолар.
Дьон олоҕор-дьаһаҕар суолталаах араас табаардары, матырыйааллары, аһы-үөлү таһыыга суоппардар үлэлэрэ ураты суолталаах. Эһиги дьаныардаахтык үлэлээн, кыһыннары-сайыннары, күн-дьыл күнүттэн тутуллубакка таһаҕастар туһааннаах миэстэлэригэр тиийэллэр.
Баппаҕаайы нэһилиэгин ыччаттара суоппар идэтин толору баһылаан күннэтэ араас улахан тэрилтэлэргэ үлэлии – хамныы сылдьалларынан киэҥ туттабыт. Эһиги улуус, республика сайдыытыгар кылааккытын үрдүктүк сыаналыыбыт. Ол курдук дьон-сэргэ туһугар таһаҕас таһан, дьону тиийиэхтээх сирдэригэр тиэрдэн айа-тута үлэлиир суоппардарбытын тустаах күҥҥүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Айаҥҥыт суола көнө, үтүө аргыстаах буоллун! Аартыккыт аһаҕас, алгыстаах буоллун!