Олимпийские игры – настоящий праздник спорта, здоровья, отличного настроения. «О спорт, ты, мир». Мир – безусловно, самое главное на Земле. А спорт – это торжество движения, красоты, дружбы, счастливых мгновений.
Насколько хорошо знакомы мы с олимпийским движением? Это можно узнать, ответив на вопросы викторины «Олимпийские игры».
После отправки ответа прокрутите вверх
Читать далее Викторина «Олимпийские игры» →
Ааһан эрэр 2021 сыл түмүгүн бэлиэтиир дьоллоох чаас туһаайда! Дойдубут үрдүнэн наука уонна технология сыла, Өреспуубулукэбитигэр уонна нэһилиэкпитигэр Доруобуйа сыллара, улууспутугар Дойдуга бэриниилээх буолуу сыллара биллэриллибитэ. Кэннибитин эргиллэн, сыл түмүктэрин санаан – ахтан ааһыаҕыҥ. Төһө даҕаны олохпут тутула ыараханын иһин, Баппаҕаайы нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ олорон хаалбакка кыахтара баарынан үлэлээн- хамнаан, туруулаһан туран, ыарахаттартан чаҕыйбакка олорон кэллибит.
Читать далее Саҥа дьыллааҕы «Ааһан эрэр сыл түмүктэрэ» →
“Олоҥхо түөлбэтин уран тарбахтаахтара” быыстапка көрүү-күрэҕин кыттыылаахтара. Бүлүү улууһа, Баппаҕаайы нэһилиэгэ
Читать далее «Туелбэ талаана 2021» улуустаагы фестиваль керуу →
Баппаҕаайы нэһилиэгэр колхоз, совхоз саҕаттан араас кэмнэргэ көмүс көлөһүннэрин тоҕон, бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит сүрүн үлэлээх тырахтарыыстар буолаллар. Кыһыҥҥы тымныыга тоҥон, сайыҥҥы куйааска буһан олохторун кытаанах тимир көлө тыраахтар үрдүгэр анаабыт дьоммут оту – маһы тиэйэр – таһар үлэлэргэ ууруллара.Ол курдук Иванов Егор Алексеевич 1957сыллаахха трактористар куурустарыгар үөрэнэн кэлэн 60-ныс сыллар саҕаланыыларыгар бастакы Т – 54 мааркалаах тыраахтарынан үлэтин саҕалаабыта. Онтон кэлин утуу – субуу араас мааркалаах тыраахтардар кэлитэлээн барбыттара. Оччоттон оскуолаҕа тыраахтар уруогун үөрэтэллэрэ. Оскуоланы бүтэрбит оҕолор производстваҕа совхоз араас үлэлэригэр ону таһынан тыраахтарыыстаан үлэлииллэрэ.
Читать далее Тырахтарыыс дэриэбинэ бастыҥ үлэһитэ →
Ибир самыыр илдьиттээх Итии куйаас сайыннаах, Нуолур солко күөҕүнэн Суугунаспыт тыалардаах.
Үтүө үлэһит дьоннордоох Уруйдаах тускуллаах ыччаттаах, Кэхтибэт үтүө саргылаах Кэрэ бэлиэ мин дойдум Илбэҥэлиир эбэккээм.
Читать далее Төрөөбүт күҥҥүнэн тапталлаах Баппаҕаайы нэһилиэгэ! →
Сэтинньи ый 4 күнүгэр Россия Федерациятын үрдүнэн Норуоттар сомоҕолоhууларын күнэ бэлиэтэнэр. Билэргит курдук, бу күн 1602 сыллаахха Кузьма Минин уонна Дмитрий Пожарскай диэн Россия историятыгар суду оруоллаах, биллиилээх ыччата бэйэлэрин тастарыгар биир дойдулаахтарын тумэн, Литва уонна Польша интервенннарын кыйдаан – кырган, Россия норуотун босхолоон, дойдуларыгар Эйэни олохтообуттара. Ол курдук, 2005 сыллаахха бу өрөгөйдөөх күнү бэлиэтииргэ диэн Россия президенин укааhа тахсыбыта уонна Дойдубут араас норуоттарын сомоҕолоhууларын бэлиэтиир кэрэхсэбиллээх күндү күнүнэн биллэриллибитэ.
Читать далее Саха Өрөспүүбүлэкэтэ Арассыйа Федерациятын биир быстыспат сороҕо →
СУОППАР КҮНҮНЭН ЭҔЭРДЭ
Суоппардар идэлээх күннэрэ 1976 сылтан Советска Союз үрдүкү Сэбиэтин ыйааҕынан олохтонон алтынньы ый бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр. Оччотооҕу кэмтэн билигин даҕаны көлөтө суох дойду экономиката да, дьон-сэргэ күннээҕи да олоҕо туруктаах буолар кыаҕа суох. Күчүмэҕэй сырыылаах суолларынан уонунан тыһыынча массыына айанныыр, дьону таһар, таһаҕас тиэрдэр. Суоппар идэтэ – күннэтэ элбэх сыраны уонна эппиэтинэһи эрэйэр уустук үлэ буолар. Баппаҕаайы нэһилиэгин совхоз да билиҥҥи кэмҥэ нэһилиэк сайдарыгар кэлэн- баран, сүүрэн- көтөн суоппар киһи олоҕун көлөһө үрдүгэр анаатаҕа. Ол курдук дьон – сэргэ туһугар таһаҕас таһан, дьону тиийиэхтээх сирдэригэр тиэрдэн айа-тута үлэлиир суоппардарбытын тустаах күҥҥүтүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит. Айаҥҥыт суола көнө, үтүө аргыстаах буоллун! Аартыккыт аһаҕас, алгыстаах буоллун!
Читать далее ҮЛЭ – ХАМНАС ҮӨҺҮГЭР СЫЛДЬАР СУОППАР ИДЭЛЭЭХ ДЬОММУТУГАР →
Бүлүү улууһун дьаһалтата “АЛРОСА” дивиденын нэһилиэктэр сайдыыларыгар куонкурус тэрийэн түҥэппитэ олус кэрэхсэбиллээх. “Баппаҕаайы нэһилиэгэ МТ” Алаһа СК материально-техническай туруга тупсарыгар куонкуруска кыттан 140 сымнаҕас кириэһилэҕэ үп ылла. Балаҕан ыйыгар ИП Голиков А.А. договордаһан 140 кириэһилэлэри оҥорон , таҥан туруоран барда.
Читать далее АЛРОСА дивидена култуура тэрилтэлэригэр. →
Навигация по записям
Сайт сельского дома культуры села Илбенге Вилюйского улуса