Елена Гаврильевна Харлампьева аатын үйэтитэр аллея

Бала5ан ыйын 29 күнүгэр Баппа5аайы нэhилиэгэр, аан бастаан Үөрэх министиэристибэтин салаатынан детсад группатын арыйбыт бастакы сэбиэдиссэй, новатор, киэҥ билиилээх, талааннаах, киэҥ көрүүлээх педагог Елена Гаврильевна Харлампьева аатын үйэтитэн үлэлээбит тэрилтэтин территориятыгар аллея арыйдыбыт. Ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан Елена Гаврильевна о5олоро Гаврил Иванович, Иван Иванович кэргэнинээн, сиэннэрэ, нэhилиэк баhылыга Егор Афанасьевич, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Александра Алексеевна Николаева, Баппаҕаайы оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Анжелика Ивановна Пахомова уонна биhиги уһуйаан наставник бэтэрээннэрбит күндү ыалдьыт буоллулар.

Михаил Андреевич Алексеев аатынан Баппа5аайы орто анал үөрэхтээhин оскуола иннинээ5и саастаах о5олору иитэр-үөрэтэр сүhүөх -уhуйаан тэлгэhэтигэр Баппа5аайы детсадын бастакы сэбиэдиссэйэ Елена Гаврильевна Харлампьева аатын үйэтитэн, хатыҥ чараҥ аллея уонна мэҥэ таас уурулунна. Елена Гаврильевна уолаттара мас үүннэрдилэр уонна ыскамыайка оҥорон уурдулар.

“Үтүө киһи аата үйэлэргэ ахтылла туруохтаах диэн санааннан салайтаран, уһуйаан коллективын тэрээһиннээх сомо5о үлэтэ буолар”-, диэн санаатын үллэстэр уһуйаан салайааччыта Харлампьева Е.А.

Матырыйаалы бэлэмнээтэ уһуйаан иитээччитэ Алексеева А.Е.

Кыайыы болуоссатыгар мас олортулар

Баппа5аайы нэhилиэгэр Үйэтитии сылын чэрчитинэн, А5а дойду сэриитигэр дойдуну кемүскээн олохторун толук уурбут дьоннорбутугар сүгүрүйэн, Кыайыы болуоссатыгар нэһилиэк депутаттара харыйа мас олортубут.

Балаҕан ыйын 30 күнэ 2023 сыл

Матырыйаалы бэлэмнээтэ нэһилиэк депутата Алексеева А.Е.

Детсад төрүттэммит историята

1959с. от ыйын 10 күнүгэр Саха АССР Доруобуйа харыстабылын Министерствотын уурааҕынан, 10 миэстэлээх төгүрүк сыллаах дьааhыла группата арыллыбыта. Бастакы сэбиэдиссэйинэн Алексеева Анна Марковна анаммыта.

Читать далее Детсад төрүттэммит историята

“Көмүс дуйдаах күһүн”

Самаан сайыммыт түмүктэнэн көмүс күһүммүт тиийэн кэллэ… үлэ,үөрэх саҕаланна. Күһүн -элбэх ырыаҕа, хоһооҥҥо хоһуйуллубут айылҕа биир дьикти, кэрэ көстүүлээх кэмэ буолар. 

Сайыҥҥы сылаас кэмнэргэ үүннэрбит үүнээйилэрбитин, сирбит аһын хомуйан – Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн дииллэрин курдук үөрэн-көтөн балаҕан ыйын 23 күнүгэр “Алаһа” СК ыыппыт тэрээһинигэр оҕолор, нэһилиэк олохтоохторо муһуннулар

Айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуктар
Хортуоска сиэһин күрэҕэ
Саамай улахан МОРКУОП
Прасковья Иванова үүннэрбит
Саамай улахан СҮБҮӨКҮЛЭ
Винна Алексеева уола Тимурдуун үүннэрбиттэр
Күһүн туһунан хоһоон ааҕар Алгыстаан Оконешников 2 кылаас
Тэрээһин актыыбынай дьиэ кэргэнэ Антоновтар уолларынаан, сиэннэринээн
Кыра кыттааччы Данияр
Саамай кыра кыттааччы Саян
Алаһа СК үлэһиттэрэ

Оҕолорго аналлаах араас күрэхтэр ытылыннылар – айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуктар, сэбирдэх хомуйааһыныгар, хортуоска сиэһинигэр көхтөөхтүк күрэхтэстилэр.

“Алаһа” СК үлэһиттэрэ үтэһэлээх эт (шашлык) атыылаатылар, итии үүттээх чэйинэн кэлбит дьону күндүлээтилэр. Хаһаайкалар оҕуруот аһыттан оҥоһуллубут салааттары, заготовкалары, сүөгэй, суорат атыылаатылар.

День российского кино

Биьиги нэһилиэккэ киинэни көрдөрүү 1933 сылтан саҕаламмыта. Ол саҕана киинэни эргэ оскуола дьиэтигэр көрдөрөллөрө. Сэрии кэмигэр киинэ көрдөрүүтэ тохтуу сылдьан баран 1948 сыллаахха кэлэн көрдөрө сылдьыбыттар. Сортуол учаастагыгар илдьэн көрдөрбүттэр. Ити курдук быста-быста Хампаттан кэлэн көрдөрөллөрө үһү. Оччолорго көстөр киинэлэр илиинэн эриллэр мотуордаах, саҥата суох хартыыналардаах этилэр.
Киинэни нэһилиэккэ көрдөрүү 1961 сыллаахтан саҕаламмыта. Кинимеханигынан Дьөккөнтөн төрүттээх анал механик үөрэхтээх Гоголев Тимофей Данилович үлэлээбит. Моториһынан Антонов Афанасий Николаевич анаммыта. Ити кэмтэн ыла кинопередвижка Лөкөчөөн, Сортуол учааскаларыгар көһө сылдьан көрдөрөр буолбута. Ол саҕана нэһилиэнньэ актыыбынайдык, көхтөөхтүк көрөрө.
Афанасий Николаевич 1965-66 сс. Дьокуускайдааҕы профессиональнай техническай училищены үөрэнэн бүтэрбитэ. 1969 с. Дьокуускайдааҕы профессиональнай-техническэй училище киномеханик идэтин ылан Васильев Сергей Николаевич ананан кэлэн пенсияҕа тахсыар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээн, „Ветеран кинофикации” аатын чиэстээхтик ылбыта.

Васильев Сергей Николаевич

Васильев Сергей Николаевич
(18.06.1940-07.05.2010)

Мин, Васильев Сергей Николаевич, 1940 сыл бэс ыйын 18 күнүгэр Бүлүү оройуонун Баппаҕаайы сэлиэнньэтигэр борустуой рабочай дьиэ кэргэнигэр 6-с оҕонон күн сирин көрбүтүм. Баппаҕаайы 8-с кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан спордунан үлүhүйэн дьарыктанар этим. Оскуола общественнай олоҕор активнайдык кыттарым, ол курдук оройуон иhинэн ыытыллыбыт прикладной творчествоҕа мамонт муоhунан ”СССР Гербын” оҥорон бастаабытым.
Советскай армияҕа ытык иэспин төлөрн баран 1965 с. олоҕум аргыhын, Елизавета Алексеевнаны, көрсөн төрөөбүт нэhилиэкпэр төннөн кэлэн олохсуйбутум.
1969 с. Дьокуускайдааҕы профессиональнай техническэй училищеҕа ”киномеханик” специальноhын үөрэнэн бүтэрбитим. Онтон ыла пенсияҕа тахсыахпар диэри баhылаабыт идэбинэн үгүө суобастаахтык үлэлээбитим.
Үлэлиир сылларбар 1971 с. ”Ударник коммунистического труда”, 1975 с. ”Ударник девятой пятилетки” Госкино РСФСР уонна ЦК Президиумун культура үлэhиттэрин профсойууhуттан удостоверениялаах значогунан наҕараадаламмытым. 1988 сыллаахха, оройуон бочуот дуоскатыгар киирбитим. СССР киномотографиятын комитетыттан Почетнай грамотанан наҕараадаламмытым. Кинофикация 100 с. туоларыгар ”Ветеран кино” үрдык аатын иҥэрбиттэрэ. 1994 сыллаахха ”В честь 75-летия Советского кино” почетнай кинигэҕэ киллэрбиттэрэ. Дьаныардаах үлэм иhин 1991 сыллаахха ”Үлэ ветерана” буолбутум.
Ол быыhыгар элбэх почетиай грамоталарынан, дипломнарынан набараадаланарым. Сайынын совхозка звенонан оттооhуҥҥа ылыммыт былааммытын толорон. оройуон иhигэр биир бастыҥ звенонан сылдьааччыбыт.
2002 сыллаахха саҥа оскуола тутуутун саҕалаан 2005 сыллаахха үлэҕэ киллэрбиппит. Үс сыллаах дьаныардаах үлэбит иhин Тутуу Министерствотыттан почетнай грамотанан, Саха Республикатын Правительство председателиттэн Махтал сурук уонна харчынан премияламмытым.

А5абыт Сергей Николаевич.


Биьиги дьиэ кэргэн Дархан аҕабыт, кэргэним, эһэбит Сергей Николаевич Васильев, 1940 сыллаахха бэс ыйын 18 күнүгэр Бүлүү оройуонун Баппаҕаайы нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр алтыс оҕонон күн сирин көрбут. Төрөппүттэрэ: аҕата-Васильев Николай Иванович, Ийэтэ- Васильева Матрена Егоровна , үөрэҕэ суох колхозтаахтар эбит. Аҕалара эрдэ өлөн, ийэлэрэ эдэр сааһыгар огдообо хаалан баран, балта Федоралыын алта оҕону иитэн-харайан сүһүөхтэригэр туруорбуттар. Сергей ийэтэ Матрена колхуоска таһаарыылаахтык, үтүө суобастаахтык үлэлээн, сэрии сылларыгар аан бастакынан «1941-1945сс. А5а Дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх улэтин иьин» диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Онон Сергей сэрии сылларыгар тоҥору-хатары, аччыктыыры этинэн-хаанынан билэн улааппыта. Ол иһин сүрдээх үлэһит этэ. Аҕабыт ыал соҕотох уола буолан, оҕо сааһыттан хаһаайыстыба үлэтигэр сыстан иитиллибит буолан, дьиэбэ- уокка бүгүрү, маһынан уһанар уус этэ. Ол курдук оскуолаба үөрэнэ сылдьан сэлии муоһуттан «ССРС Гербэтин» оҥорон оройуҥҥа бастаабыта.Баппаҕаайы 8 кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ, ол кэннэ Мирнэй куоракка милицияҕа үлэлээбитэ.
Үлэлии сылдьан 1964 сыллаахха ыал буолан, кэлэн төрөөбүт нэһилиэгэр олохсуйан дьиэ-уот тэринэн олорбута.
Нэһилиэккэ киинэни көрдөрүү 1961 сыллаахтан саҕаламмыта. Ити кэмнэргэ киномеханигынан Дьөккөн киһитэ Гоголев Тимофей Данилович, моториһынан Антонов Афанасий Николаевич үлэлээбиттэрэ. Биьиги аҕабыт 1969 сыллаахха Дьокуускайдааҕы профессиональнай- техническай училищены ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн кэлбитигэр киномеханигынан анаабыттара. Онон аҕабыт, Сергей Николаевич, 1969 сылтан 1996 сылга дылы , пенсияҕа тахсыар диэри үтүө суобастаахтык, талан ылбыт идэтигэр бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Үлэлээбит сылларыгар РСФСР Госкинотун уонна культура үлэһиттэрин профсоюьун КК Президиума дастабырыанньалаах значогунан, 1988 сыллаахха оройуон Бочуот дуоскатыгар, ССРС кинематографиятын комитетыттан Бочуотунай грамотанан наҕараадалары ситиспитэ. Хас биирдии үлэ туспа умсугутуулаах буолар. Аҕабыт итинник үрдүк ситиһиини ылар сыалтан нэһилиэнньэҕэ агитациялыыра, дьон интэриэһин тардара уонна Бүлүүтээҕи кииннэммит киносеть коллективын кытта биир ситимнээхтик үлэлээбитин түмүгэ этэ. Оччолорго, сэттэ уонус сылларга Лөкөчөөҥҥө, Сортуол, Арыылаах учаастактарыгар тиэйэ сылдьан көрдөрөрө.
Бүлүүтээҕи киносеть дирекциятыгар директорынан Тимофеев Константин Елисеевич үлэлиир сылларыгар киинэнэн хааччыллыы үчүгэйэ. Уопсайынан Константин Елисеевич киһи быһыытынан көнөтө, судургу, улэһиттэригэр сыһыана истиҥэ, ол иһин аҕабыт кинини наһаа убаастыыра, сыаналыыра.
Киинэни нэһилиэнньэҕэ көрдөрүү былаанын Баппаҕаайытааҕы киноустановка куруук аһара толороро. Ол курдук: 1971с. былаан 1500 солк.-туолуута 2835 солк., 1972с. былаан 2200 солк.-туолуута 2998 солк.
Бу кыра холобуртан көрүөххэ сөп, оччотооҕу дьоннор үлэҕэ эппиэтинэстэрин. Аҕабыт 1994 сыллаахха « Саха Сирин киинэтин бэтэрээнэ», 1991 с. «Үлэ бэтэрээнэ» үрдүк ааты ылар чиэскэ тиксибитэ, 1994 сыллаахха Советскай киинэ 75 сылыгар Бочуот кинигэтигэр киллэриллибитэ. Аҕабытын кытта араас кэмнэргэ үлэлээбиттэрэ: Никифоров Иван Кононович, Никифорова –Алексеева Ирина Руфовна, Томскай Владимир Иванович.
Аҕабыт элбэх бииргэ төрөөбүттэрдээх буолан, элбэх оҕолонуон баҕарара. Онон биһиги дьиэ кэргэн 5 уол, 3 кыыс оҕоломмуппут. Оҕолор бороохтуйан улаатан истэхтэрин аайы аҕаларын кытта тэҥҥэ сылдьан сайынын оттууллара, дьиэ кэргэн звенотун тэринэн былааннарын толорон. Оройуон иһигэр биир бастыҥ звено быһыытынан биллэллэрэ.
2002 сыллаахха саҥа оскуола тутуутун уолаттарын уонна дэриэбинэ эдэр ыччатын тымэн саҕалаабыта уонна 2005 сыллаахха оскуола үлэҕэ киирбитэ. Үс сыллаах дьаныардаах үлэҕэ илиитин араарбакка наставник, салайааччы быһыытынан эҥкилэ суох үлэлээбитэ.

“Үс нэһилиэк бэтэрээннэрин ыһыаҕа Баппаҕаайыга”

Үгэс буолбут Баппаҕаайы, Лөкөчөөн, Маҥаны нэһилиэктэрин бэтэрээннэрин ыһыаҕа бэс ыйын 19 күнүгэр Илбэҥэ туонатыгар олус сэргэхтик ыытылынна. Ыаллыы сытар нэһилиэктэрбититтэн отуттан тахсалыы аҕам саастаах дьоннорбут ыһыахха тэринэн кэлбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Сахалыы таҥастаах үөрүү-көтүү аргыстаах аҕам саастаахтар сэлэлии хааман киирэн  түһүлгэни толордулар.

Ысыах ветеранов Илбенге Лекечен Орто-Сурт 2023
Читать далее “Үс нэһилиэк бэтэрээннэрин ыһыаҕа Баппаҕаайыга”

Баппаҕаайыга “Түөлбэм төрүттүүр ыһыаҕа“

Бэс ыйын 15 күнүгэр Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы,
Саха республикатыгар Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үйэтитии сылларынан

Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үрүҥ Тунах ыһыахпытын ыстыбыт.  Алгыс Уйбаан сэттэ кыталык кыыс, тоҕус туруйа уол арыалдьыттарынаан ыһыахтыыр түһүлгэҕэ алгыс түһэрдэ. Эҕэрдэ тыллар ырыа-үҥкүү дьиэрэйдэ.

Нэһилиэк баһылыга Николаев Е.А.
Түптэһиттэр
Читать далее Баппаҕаайыга “Түөлбэм төрүттүүр ыһыаҕа“

Баппаҕаайы участковай балыыһата

Саха АССР доруобуйатын харыстабылын министерствотын 119 №-дээх бирикээhинэн 1938 сыллааахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр биэс миэстэлээх фельдшерскэй-акушерскай пуун аhыллыбыта. Ити 125 кв.км хабар билиҥҥи Лѳкѳчѳѳн, Баппаҕаайы нэhилиэктэрин сирин уонна Танара үрэххэ кѳмүс хостонор сирин эмиэ хабара, нэhилиэнньэтэ 910 киhи. Фельдшеринэн Тобольскайдааҕы фельдшерскэй-акушерскай оскуоланы бүтэрбит Желтовская Нина Петровна  – сэбиэдиссэйинэн, Жернова Полина Ивановна – акушерканан ананан үлэлээбиттэрэ. Медпууҥҥа аналлаах дьиэ суоҕа, оччолорго нэhилиэк сэбиэтин исполкомун председателинэн Таскин Егор Николаевич үлэлиирэ, кини сельсовет дьиэтин медпууҥҥа анаан онорторон биэрбитэ. Андреев, Ворошилов, Сталин колхозтар күүстэринэн саҥа балыыhа дьиэтэ 1938-39 сылларга тутуллан үлэҕэ киирбитэ.

Трахома (одуруун) ыарыытын суох оҥорор сыалтан 1964 с. Сортуол, Арыылаах учаастактарыгар фельдшерскэй-акушерскай пууннар тэриллэ сылдьыбыттара.

Биhиги нэhилиэкпитигэр 1938 с. бастакы анал үѳрэхтээх эмп үлэhиттэрэ кэлбиттэрэ. Кинилэр кэннилэриттэн утуу-субуу фельдшерскэй-акушерскай пуун үлэhиттэрэ кэлитэлээн барбыттара. Олор истэригэр биhиги биир дойдулаахтарбыт үлэлээн-олорон ааспыттара.

Читать далее Баппаҕаайы участковай балыыһата

Баппаҕаайы нэһилиэгэр ыытыллар “Түөлбэ төрүттүүр ыһыаҕын”программата

Самаан сайын салаллан ыһыах ыһар күммүт тиийэн кэллэ!
Убаастабыллаах нэһилиэк олохтоохторо,
оҕолор, күндү ыалдьыттар!
Арассыыйаҕа учуутал уонна уһуйааччы, Саха республикатыгар Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа,
Баппаҕаайы нэһилиэгэр Үйэтитии сылларынан
Бэс ыйын 15 күнүгэр
Баппаҕаайы нэһилиэгэр ыытыллар

“Түөлбэ төрүттүүр ыһыаҕын”


программата:

9 ч. 00 м. Түһүлгэҕэ мустуу
10 ч. 00 м. Арчылааһын, АЛГЫС
10 ч. 30 м. Ыһыах үөрүүлээх аһыллыыта
11 ч. 00 м. Хапсаҕайга Саха АССР спордун маастара, 1 Манчаары оонньууларын 62 киилэҕэ
чемпиона , саха сирин Спартакиадатын 2-с призера, Бүлүү эҥэр улуустар тустууга, хапсаҕайга чемпиона, призера биир дойдулаахпыт АЛЕКСЕЕВ ТРОФИМ КУЗЬМИЧ аатын үйэтитэр хапсаҕайга 62 киилэҕэ аһаҕас күрэх.
12 ч. 00 м. “ӨБҮГЭ УТУМУНАН” дьиэ кэргэн күрэҕэ
12 ч. 30 м. “ЫҺЫАХ МААНЫЛААХ ТАҤАҺА” сахалыы таҥас көрүү-күрэҕэ
13 ч. 00 м. Түһүлгэлээн аһааһын
13 ч. 15 м. “ЫЛЛЫЫР-ТУОЙАР ОҔО СААС” оҕолорго ырыа күрэҕэ
Ыһыах спортивнай чааһа
14 ч. 00 м. “ИЛБЭҤЭ БООТУР” күрэх (многоборье).
20 ч. 00 м. ҮЛЭ – ҮҮНЭР, САЙДАР СУОЛ! Үлэ сылыгар аналлаах театрализованнай туруоруу.
Буолар сирэ “Алаһа” СК
Киирии билиэт улахан дьоҥҥо 200 солк, оҕолорго 100 солк.

Читать далее Баппаҕаайы нэһилиэгэр ыытыллар “Түөлбэ төрүттүүр ыһыаҕын”программата

Сайт сельского дома культуры села Илбенге Вилюйского улуса