СУОППАР КҮНҮНЭН ЭҔЭРДЭ
Суоппардар идэлээх күннэрэ 1976 сылтан Советска Союз үрдүкү Сэбиэтин ыйааҕынан олохтонон алтынньы ый бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр. Оччотооҕу кэмтэн билигин даҕаны көлөтө суох дойду экономиката да, дьон-сэргэ күннээҕи да олоҕо туруктаах буолар кыаҕа суох. Күчүмэҕэй сырыылаах суолларынан уонунан тыһыынча массыына айанныыр, дьону таһар, таһаҕас тиэрдэр. Суоппар идэтэ – күннэтэ элбэх сыраны уонна эппиэтинэһи эрэйэр уустук үлэ буолар. Баппаҕаайы нэһилиэгин совхоз да билиҥҥи кэмҥэ нэһилиэк сайдарыгар кэлэн- баран, сүүрэн- көтөн суоппар киһи олоҕун көлөһө үрдүгэр анаатаҕа. Ол курдук дьон – сэргэ туһугар таһаҕас таһан, дьону тиийиэхтээх сирдэригэр тиэрдэн айа-тута үлэлиир суоппардарбытын тустаах күҥҥүтүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит. Айаҥҥыт суола көнө, үтүө аргыстаах буоллун! Аартыккыт аһаҕас, алгыстаах буоллун!
Читать далее ҮЛЭ – ХАМНАС ҮӨҺҮГЭР СЫЛДЬАР СУОППАР ИДЭЛЭЭХ ДЬОММУТУГАР