Архив метки: суоппар

ҮЛЭ – ХАМНАС ҮӨҺҮГЭР СЫЛДЬАР СУОППАР ИДЭЛЭЭХ ДЬОММУТУГАР

СУОППАР КҮНҮНЭН ЭҔЭРДЭ

Суоппардар идэлээх күннэрэ  1976 сылтан Советска Союз үрдүкү Сэбиэтин ыйааҕынан олохтонон алтынньы ый бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр. Оччотооҕу кэмтэн билигин даҕаны көлөтө суох дойду экономиката да, дьон-сэргэ күннээҕи да олоҕо туруктаах буолар кыаҕа суох. Күчүмэҕэй сырыылаах суолларынан уонунан тыһыынча массыына айанныыр, дьону таһар, таһаҕас тиэрдэр. Суоппар идэтэ – күннэтэ элбэх сыраны уонна эппиэтинэһи эрэйэр уустук үлэ буолар. Баппаҕаайы нэһилиэгин совхоз да билиҥҥи кэмҥэ нэһилиэк сайдарыгар кэлэн- баран, сүүрэн- көтөн суоппар киһи олоҕун көлөһө үрдүгэр анаатаҕа. Ол курдук дьон – сэргэ туһугар таһаҕас таһан, дьону тиийиэхтээх сирдэригэр тиэрдэн айа-тута үлэлиир суоппардарбытын тустаах күҥҥүтүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит. Айаҥҥыт суола көнө, үтүө аргыстаах буоллун! Аартыккыт аһаҕас, алгыстаах буоллун!

Читать далее ҮЛЭ – ХАМНАС ҮӨҺҮГЭР СЫЛДЬАР СУОППАР ИДЭЛЭЭХ ДЬОММУТУГАР