Тапталлаах нэһилиэкпит төрөөбүт күҥҥүнэн

Үрүӊ көмүс кыырпа5ынан

Үрүлүйэр уулаах.

Байанайдаах  халыӊ тыанан

Халыӊ курдуу  куустарыылаах.

Үрдүк күннээх Илбэҥэлиир эбэ

Кэпсээннээҕэр өссө кэрэ.

ϴрүү дьоллоох Баппаҕаайы сирэ

ϴйүм – санаам тиэрдэр сирэ.

2017 сылтан сэтинньи ыйга  Баппаҕаайы олохтоохторо түмсэн «Нэһилиэк күнүн» үөрэ-көтө, өрө көтө5үүлээхтик бэлиэтиибит. Күндү дьоммут,  дойдубут инники сайдыытын кэрэһэлиир төрүт буолбут нэһилиэкпит күнүнэн итии-истиҥ төлөннөөх эҕэрдэ!

Сэтинньи 20 күнүгэр нэһилиэкпит 109 сааһын өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээтибит. Нэһилиэкпит талааннаахтара биир түһүлгэҕэ мустан кэнсиэр бастыҥын көрдөрдүлэр.

Алаадьылаах үҥкүү “Күбэйэ” бөлөх (сал.Антонова Н.Е.)
Нэһилиэк күнүнэн бар дьоммутугар алгыстаах э5эрдэлэрин тириэрдэллэр…
“Тэбэнэттэр” бөлөх 5-6 кылаас уолаттара (сал.Кириллина М.Е.)
М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолатын үөрэнээччилэрин үҥкүү бөлөҕө (сал.Кириллина А.В.)
“Алаһа” вокальнай ансамбль (сал Григорьева Т.К.)
Сценка “Телефон вируһа” Айуу -айа көр күлүү мини студията (сал.Григорьева Т.К.)
Сценка “Тайахтар”, Айуу -айа көр күлүү мини студията
Ыалдьыппыт Бүлүү куораттан биир дойдулаахпыт Виктор Платонов ылбаҕай ырыаларын байаан доҕуһуолунан бэлэхтээтэ.
Эдэр талааннаах кыыспыт Горнай оройуонугар олорор Даша Никифорова

Эдэр талааннаах кыыспыт Кэскилээнэ Федорова Дьокуускайтан куораттан кэлэн ырыаларын бэлэхтээтэ

“Сүүрээн” эр дьон бөлөҕө. Аскалон Семенов тыл. уонна дьүрүлэ “Илбэҥэ”

Тапталлаах нэһилиэкпит төрөөбүт күнүгэр тэрээһиҥҥэ бары кыттыбыт нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ, түмсүүлэрэ , оскуола оҕолорун бөлөхтөрө, эдэр ыччаттарбыт , талааннаах биир дойдулаахтарбытыгар сцена бэтэрээнэ Виктор Платоновка, эдэр талааннаах кыргыттарбыт Даша Никифорова, Кэскилээнэ Федорова өссө төгүл түмсүүлээхпитин көрдөрдүбүт. 2027 сылга нэһилиэкпит 110 сыллаах үбүлүөйүн өрө көтөҕүллүүлээхтик көрсөргө дьулуһабыт. Өрүү үүнэ – сайда чэчирии тур, тапталлаах Баппаҕаайыбыт.

Добавить комментарий